20.10.2023 | 16:00

Дария Скрябина: «Ыччакка кэс тылым — ханнык да үлэттэн чаҕыйымаҥ!»

Дария Скрябина:  «Ыччакка кэс тылым — ханнык да үлэттэн чаҕыйымаҥ!»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Дария Дмитриевна Скрябина Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Матта бөһүөлэгэр төрөөбүт. Ийэлээх аҕата үйэлэрин тухары хара үлэһит буоланнар, кыысчаан эмиэ олох кыратыттан хара үлэҕэ миккиллэн улааппыт. Хайдах да балаһыанньаҕа, уларыйыы-ыһыллыы да сылларыгар, Дария Скрябина толлон турбатах туруу үлэһит. Кини – социальнай сулууспа туйгуна, «СӨ култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, үлэ, сыана бэтэрээнэ, Мөҥүрүөн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Дьылҕам ыйааҕынан – тыа хаһаайыстыбатыгар

– Ийэм наар ыанньыксыттыыра, киниэхэ баран көмөлөһөрбүт, онон биһигини эмээхситтэр «ынах анныгар улааппыт кыргыттар» диэн ааттыыллара.  Сүөһү көрүүтүттэн атын үлэ суох курдук толкуйдаах этибит. 1971 сыллаахха Балыктаах орто оскуолатын бүтэрэн бараммын, оччотооҕу кэм оҕолорун курдук, эмиэ ыанньыксыттаабытым. Ол курдук, Матта отделениетыгар икки сыл үлэлээн баран, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар зоотехник идэтин баһылыы киирбитим. 1976 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, үлэҕэ ананыы саҕаламмыта. Үгүс бииргэ үөрэммит оҕолорум хоту улуустарга, Дьааҥыга эҥин үлэлии барбыттара. Мин уочаратым кэлбитигэр биһиэхэ, Мэҥэ Хаҥалас Тарат бөһүөлэгэр, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институт тирэх пууна баар эбит, онно лаборант миэстэтигэр икки киһи наада буолбут. Төрөөбүт дойдубуттан чугас диэммин, онно барабын диэн тылланным. Инньэ гынан, бииргэ үөрэммит кыыһым, Горнай улууһун Солоҕонуттан сылдьар Галина Егоровна Пахомовалыын тутуспутунан Тарат  бөһүөлэгэр үлэлии тиийдибит.

Бастакы хардыыларым

Оччолорго Тарат Максим Горькай аатынан сопхуос биир бастыҥ үлэлээх отделениета этэ. Онно, племенной хаһаайыстыбалаах буоланнар,  Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институт тирэх пууна үлэлиирэ. Пуун сэбиэдиссэйэ – учуонай-зоотехник Егор Егорович Степанов диэн наһаа үчүгэй майгылаах оҕонньор баара. Кини биһигини үөрэ-көтө көрсөн, Тарат салайааччыларын кытта билиһиннэрэн, үлэбитин саҕалаабыппыт. Научнай сотрудникпыт тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата Николай Иннокентьевич Горохов этэ.

Тараттааҕы тирэх пуунтан элбэх учуонай иитиллэн тахсыбыта. Холобур, Николай Семенович Пермяков уонна биһиги салайааччыбыт Николай Иннокентьевич Горохов. Кинилэр научнай үлэлэригэр олоҕуран, симментал боруода ынах Саха сирин усулуобуйатыгар иитэргэ төһө сөптөөҕө, төһө үүтү, эти биэриэн, бородууксуйа көрдөрүүтүн, хаачыстыбатын хайдах үрдэтиэххэ сөбө үөрэтиллибитэ. Ити боруода бары өттүнэн биһиэхэ олус барсара биллибитэ. 

Лаборант үлэтэ олус ыарахана, хамнаһа кырата, биэс сыл үлэлээбиппит тухары үрдээбэтэҕэ. Бу санаатахха, 60 солкуобайга сылдьыбыт эбиппит, эдэр оҕолор буолан ыйыталаспаппыт, туруорсубаппыт. Ыйга хайаан даҕаны үс төгүл хонтуруолунай ыам оҥоһуллар. Биир сырыыга пиэрмэ ынаҕын үүтүн барытын сыатын-арыытын быһаарабыт. Аны ньирэйдэри ыйааһынныыбыт, сууккаҕа төһө эбиллэллэрин кэтээн сурунабыт, субан сүөһүлэри эмиэ хонтуруоллуубут, отчуот бөҕөтүн оҥорон ыытабыт. «Хонтуруолунайдар» уонна «уопутунайдар» диэн арааран үлэлиибит. Субайдары «интенсивнэй» уотууга туруорабыт, кинилэр атын борооскулартан астарын нуормата араастаһыытын эмиэ бэлиэтиибит. Итини таһынан, отделение туох баар атын үлэтигэр барытыгар кыттыһыннараллара. Оччолорго үлэ көрдөрүүтэ наһаа үчүгэйэ. Биһиэхэ Ленин уордьаннаах Мария Семеновна Яковлева, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах Татьяна Александровна Цыпандина, Үлэ Албан аата уордьаннаах Анна Михайловна Цыпандина диэн ыанньыксыттар үлэлээбиттэрэ. Наһаа үчүгэй, иллээх-эйэлээх кэлэктиип этэ.

Хотоҥҥо хоно сылдьан

Биһиги, лабораннар, түүн утуйбакка, хотоҥҥо хоно сытан, биир борооску сууккаҕа хаста «тахсан киирэрин», аны онто төһө ыйааһыннааҕын барытын кэтээн көрөн, сурунан иһэрбит. Бииргэ үлэлиир дьоммут көрө сылдьан биһигини аһынан: «Оо-дьэ, накаастаах да мөкү, ньаҕарай үлэҕэ сылдьаҕыт», – диэччилэр. Ону ол диэбэккэ, мин биэс сыл устата дьаныардаахтык, утуйар уубун умнан туран үлэлээбитим. Билиҥҥи курдук үчүгэй усулуобуйа оччолорго суох буоллаҕа, бэлэм ититиилээх дьиэ эҥин диэн суох. Тарат алааһын эргийэ сылдьан, дьон кыстаабат эргэ дьиэлэрин кэрийэн, булан, онно олорон үлэлээн ааспыппыт. Аны түбүктээх үлэлээхпит диэбэккэ, нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттарбыт. Миигин хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээринэн талан үлэлэппиттэрэ, өссө дьокутаат оҥорбуттара. Инньэ гынан түөлбэнэн үлэ-хамнас бөҕө, ол иһигэр култуура тэрээһиннэрэ. Билигин санаатахха, наһаа үчүгэйдик үлэлээбит эбиппит.

Племхолбоһукка

1981 сыллаахха тылланан, Төҥүлүгэ Племхолбоһукка селекционер-зоотехнигынан үлэҕэ киирдим. Техникум эрэ үөрэхтээх эбиккин, үөрэххин үрдэтин диэн буолла. Инньэ гынан кэтэхтэн үрдэтинним. Племхолбоһукка сопхуостары сыһыараллар, мин Байкалов аатынан уонна «Наахара» сопхуостар сүөһүлэрин учуотун ыытар буоллум.  Командировкаларга сылдьан, сурунаал, племкарточка бөҕөтүн толорон. Итинник икки сыл наһаа үчүгэйдик үлэлээтим. Онтон тэрилтэбитин сабан, куораттааҕы Племхолбоһукка холбоон кэбистилэр. Инньэ гынан ханнык сопхуоска учуот ыыта сылдьыбыппытынан, сүөһүлэрбит карточкаларын туппутунан, «Наахара» сопхуоска селекционер-зоотехнигынан бардым. Ити сопхуос түөрт отделениелаах, наһаа үчүгэй үлэһиттэрдээх этэ. Дириэктэринэн Илья Миронович Барабанов үлэлиирэ уонна түөрт-биэс исписэлиис баарбыт. Биир да исписэлиис хонтуораҕа олорбото, иккилии-үстүү хонукка командировкаларга ыыталлара. Эмиэ хонтуруолунай ыамнары,  «бониторовкалары» оҥорорбут. Төрүөх саҕаланыыта үлэбит өссө элбиирэ. Эбии ас бэлэмнээһинигэр субуотунньуктарга эмиэ тахсарбыт. Арассыыйа таһымыгар күрэхтэргэ иккитэ бастыы сылдьыбыппыт. Кэллиэгэлэрим бары үөрэхтээх, киэҥ билиилээх бас-көс дьон этилэр. «Тимирязевканы» бүтэрбит кылаабынай бэтэринээр быраас Евдокия Самсоновна Анисимова, Омскайы бүтэрбит бэтэринээр быраас Татьяна Исаковна Сидорова, Василий Дмитриевич Петров, Мария Никитична Хомподоева курдук дьону кытта үлэлээбитим. Ити сопхуоска үлэлии сылдьан эмиэ уопсастыбаннай үлэнэн көхтөөхтүк дьарыктанарым, дьокутааттаабытым.

 

Дойдубар – Маттаҕа

1989 сыл бүтэһигэр төрөөбүт дойдубар Маттаҕа төннүбүтүм. «Мэҥэ» сопхуоска биригэдьииринэн үлэлии киирбитим. Манна эмиэ үлэ күөстүү оргуйбута. Тэйиччи баҕайы турар пиэрмэлэри кэрийэрим, сүөһү-ас элбэх, үлэһит илии ити кэмнэргэ тиийбэт этэ. Оскуоланы бүтэрбит оҕолор быһа үөрэххэ, оттон кырдьаҕас үлэһиттэр бочуоттаах сынньалаҥҥа бараллара. Инньэ гынан күнүстэри-түүннэри солбук үлэһит көрдөөһүнэ буолара. Тэрилтэбит аата араастаан уларыйа сылдьыбыта, «Матта» ТХПК диэн ааттанан эмиэ үлэлээбиппит, уопсайынан, ити кэмҥэ тыа хаһаайыстыбата эстэн эрэр тыына биллибитэ. Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр, үлэтэ суох хаалбыппар, култуура салаатын сэбиэдиссэйэ Тамара Иннокентьевна Спиридонова: «Эйигин көхтөөх, дьону түмэр дьоҕурдаах үлэһитинэн билэбин, кулуупка үлэҕэ киир», – диэн аны кулууп дириэктэрэ буолбутум.  Онон, уопсайынан, хаһан даҕаны үлэтэ суох олорботоҕум.

Култуураҕа – алта сыл

Кулууп үлэтэ диэн эмиэ сүрдээх ыарахан үлэ. Биир нэһилиэккэ соҕотох култуура үлэһитэ буолаҕын, биир библиотекардаах этим. Идэлээх оҕолор олох кэлбэттэр этэ, үөрэх кэнниттэн киин сирдэргэ, куоракка хаалаллара. Онон кыһалҕаттан миигин ыҥыран үлэлэттэхтэрэ дии. Кулууппар алта сыл толору үлэлээбитим. Николай Семенович Шепеткин диэн эдэр уолу үлэҕэ ыламмын, кэнники мин кэннибиттэн эн үлэлии халыаҕыҥ диэбитим. Кини кэтэхтэн киирэн үөрэҕин бүтэрбитэ. Оччолорго кулууп үлэтин тоҕо эрэ наһаа сэҥээрбэттэр этэ, ол уолум мин үлэлээн тохтообуппар уурайан хаалбыта. Техническэй бааза быстар мөлтөх этэ. Оннооҕор ыччакка үҥкүү тэрийэргэ магнитофон да суоҕа, бэйэлэрэ дьиэлэриттэн аҕалааччылар. Бэйэбит ону-маны тэрийэн харчы киллэриниэхтээх этибит. Үҥкүү, кэнсиэр тэрийэн харчыланарбыт. Оннук гынан магнитофон ылыммыппыт. Син баазабытын бөҕөргөтөн, артыыс бөҕө гастроллуу кэлээччи. Кулууп иһинэн олохтоох телевидениени үлэлэтэ сылдьыбыппыт, сэрии, сыана бэтэрээннэрин устан үйэтитэн хаалларбыппыт. Эдэр оҕолорго миэстэни бэриллиэхтээх, мин да кулууп үлэһитэ буолбатахпын диэммин туораан биэрдэҕим  дии. Мин бүтээппин кытта саҥа арочнай кулуупка киирбиттэрэ.

Социальнай эйгэҕэ – 15 сыл

Ол кэнниттэн нэһилиэк баһылыга Иннокентий Иннокентьевич Находкиҥҥа тиийэммин, социальнай үлэһит уурайарын истэн, кини оннугар киириэхпин баҕарарбын эппитим. Социальнай үлэһит биэс киһини көрөрө-истэрэ. Ити эйгэҕэ 15 төгүрүк сыл үлэлээбитим. Онтон кэнники үлэбит үксэ көмпүүтэргэ көспүтүгэр тохтообутум, үөрэнэ сатаабатаҕым. Инньэ гынан уопсайа 50 сыл ыстаастаах, 2021 сыллаахха уурайбытым. Социальнайга үлэлии сылдьаммын, библиотекарь кыыспын Лена Львовнаны көмөлөһүннэрэн, «Добро творит добро» диэн бырайыак оҥорбутум. Инньэ гынан аһымал аахсыйалары, ыарыһахтарга көмөлөһөр араас тэрээһиннэри ыыппыппыт. Социальнай эйгэҕэ үлэлээбиппин отой сирбэппин, наһаа үчүгэй өйдөбүл хаалан сылдьар.

Ыччакка туһаайан этиэм этэ, ханнык да түгэҥҥэ үлэттэн чаҕыйымаҥ, туох да үлэ буоллун, ылсан иһиҥ. Үлэлии үөрэннэххитинэ бэйэҕит абыраныаххыт, үөрэҕэ суохпут эҥин диэн толлон турумаҥ. Мин олох араас уларыйыыларын үлэлиир буолан этэҥҥэ аастым, ханнык да балаһыанньаҕа үтүө суобастаахтык үлэлээтим.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....