19.10.2021 | 17:00

«DAMS» бренд ааптара: «Туохтан даҕаны куттанымаҥ!»

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

«DAMS» бренд историята сыл анараа өттүгэр саҕаламмыта. 2020 сыллаахха Александра Павлова соҕотоҕун эскизтэри толкуйдаан, табаарын социальнай ситим нөҥүө атыылаан саҕалаабыта. Саха төрүт истиилинэн тигиллибит аныгылыы таҥастар ураты, намчы буоланнар, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыта.

 

— Александра, дорообо! Бренд олус интэриэһинэй ааттаах. Хайдах толкуйдаммытай?

    — «DAMS» – бу мин таптыыр дьиэ кэргэним чилиэннэрин ааттарын бастакы буукубалара – мин сүрэхпэр, тирэхпэр тирэҕирии.

    — Бэйэ брендин тэрийэр санаа хайдах үөскээтэ?

Бу санаа күөдьүйбүтэ ыраатта эрээри, бастакы хардыыны оҥорортон куттаммытым, онуоха эбии үлэм элбэх бириэмэни ирдиирэ. Кырдьыгынан эттэххэ, идэтийбит дизайнер буолбатахпын. Иллэҥ кэммэр кыралаан таҥас тигэргэ үөрэммитим, элбэх боруобаны, алҕастары туораабытым. Ол кэмҥэ таҥаспын оҕобор  уонна чугас дьоммор эрэ анаан айбытым, ардыгар билэр дьоммуттан сакаас ылааччыбын.

Ханнык эрэ түгэҥҥэ барытын саҥаттан саҕалыырга быһаарыммытым. 2020 сыл тохсунньу ыйыттан информацияны хомуйан, иис индустриятын уонна производствоны үөрэтиини саҕалаабытым. Оччолорго Саха сиригэр чэпчэки промышленность бэйэтин сайдыыта саҕаланан эрэрин өйдөөбүтүм. Олохтоох бренд тарбахха баттанар, оттон производство өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баар. Саха сиригэр илиинэн тигиллибит таҥас-сап сыаната ыарахан, ол гынан баран, аан дойдуга биллэр, чахчы, талааннаах дьоммут биһиэхэ элбэх.

Ол түмүгэр мин хоббим арыый саҥа кэрдиискэ, таһымҥа тахсан биэрбитэ.

 

— Тоҕо бизнескин самозанятай быһыытынан саҕалыырга санаммыккыный?

 

— Биһиги наймыламмыт үлэһиппит суох. Бэйэбит оҥорон таһаарарбыт оборуота кыра. Сорох моделларбытын биирдиилээн экземплярга таһаарыахпытын сөп. Самозаянятай буолуу миэхэ бизнескэ чэпчэкитик уонна түргэнник киирэрбэр көмөлөһөр, онуоха тустаах үлэ үтүө түмүктэрдээх буоларыгар анал систиэмэлээх.

— Таҥаһы тигии бырассыаһын уонна саҥа моделлары хайдах гынан оҥороргун кэпсии түһэриҥ буоллар.

— Таҥаһы айан таһаарыы чэпчэки буолбатах. Таҥаһы-сабы  барытын бэйэбит толкуйдуубут, айабыт-тутабыт. Идеяттан саҕалаан, таҥаһы атыылаһыыга, атыылааһыҥҥа тиийэ элбэх бириэмэ барар.

Бииртэн биир идея бэйэтэ көтөн кэлэр, сороҕор түүлбэр да киириэн сөп. Оҥоһуктарбыт базовай уонна күннээҕи моделга сөп түбэһэр эрээри, актуальнай тенденциялары түһэрбэттэр. Хас биирдии киһиэхэ дизайнер оҥорон, ойуулаан таһаарбыт таҥаһа удамыр сыаналаах буоларыгар баҕарабын.

— Эһиги ханнык ньыманы туттаҕыт? Конкуреннар даҕаны баһаамнар буолуо дии, олус муодунай, чахчы кэрэхсэбиллээх таҥастары айар эбиккит.

— Биһиэхэ конкуреннарбыт суохтар дии саныыбын. Хас биирдии бренд бэйэтэ туспа философиялаах, уратылаах. Ону кини сөптөөх суолунан дьоҥҥо тиэрдэр дии саныыбын.

«DAMS» бренд көмөтүнэн биһиги национальнай үгэспитигэр уонна култуурабытыгар ытыктабыллаах сыһыаны көрдөрөбүт. Саха тематикатын кытта үлэлиирбит – уратыбыт  уонна күүстээх өрүппүт. Саха дьоно буоларбыт быһыытынан өбүгэттэн кэлбит ойуулары, быһыылары аныгылыы  толоруунан тиэрдэ сатыыбыт.

 

— Аныгы тренд туһунан тугу этиэҥ этэй, билиҥҥи муода туһунан санааҥ?

 

— Урукку да, билиҥҥи да кэм сүрүн трендэ – бэйэҕинэн хаалыы. Ханнык баҕарар таҥаска-сапка эн бэйэҕин тупсаҕайдык, табыгастаахтык сананыахтааххын. Ол иһин биһиги натуральнай матырыйаалтан таҥастары оҥорон таһаарабыт.

Мин олохтоох производствоны өйүүбүн уонна тулалыыр дьонум позицияларын үллэстиэхтэрэ уонна олохтоох таҥаһы олохтоох оҥорон таһаарыыга болҕомтолорун ууруохтара диэн эрэнэбин. Онон биһиги саҥа таһымҥа тахсыахпытын сөп, ким билэр, инникитин аан дойду ырыынагар тахсыахпыт турдаҕа.

 — Инники былааҥҥыт, туох сыалы-соругу туруорунаҕыт?

 — Биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут – бэйэ бас билэр сыаҕын тэринии. Бу производствоны элбэтэргэ, тигии хаачыстыбатын үрдэтэргэ, ону тэҥэ Арассыыйа ырыынагар тахсарга кыаҕы биэриэ этэ.

 — Саҥа саҕалыыр предпринимателлэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

Мин бэйэм саҥа саҕалыыр киһи буолабын уонна өссө элбэҕи үөрэтиэхтээхпин, арай биири этиэм – туохтан даҕаны куттанымаҥ! Ис сүрэххититтэн үлэлээҥ. 100%-тан өссө элбэҕи биэриҥ. Билигин буолбатаҕына хаһан? Олох олус интэриэһинэй, киниттэн тугу барытын ылыахха наада.

Кэпсэтииҥ иһин махтанабын! Үлэҥ таһаарыылаах, инникилээх буоллун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...