18.12.2019 | 12:43

ДЬАХТАР ТАПТАЛЫН УЙАТА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ньургуйаана уонна Сэмэнчик бу күһүн  билсиэхтэриттэн уһун кыһыны быһа көрүстүлэр... Ыраас, истиҥ сыһыаннарын хайалара да харах харатын курдук харыстаан, сүрэхтэригэр кистээн илдьэ сырыттылар.

Арай тас көрүҥнэригэр барыта биллэ-көстө сылдьара, таптаһар сүрэхтэр ис-истэриттэн сырдык уот сыдьаайар курдуга, толору дьоллоох киһи тас эйгэтин, атын дьону эмиэ дьоллуур дииллэрэ кырдьык, курдаттыы көстө сылдьара. Киһи хараҕа көрбөтүн да өйдөөн көрөн, айылҕа оҥоһуутун курдук саныыллара, кыраттан үөрэн-көтөн, сөҕөн-махтайан, дьону-сэргэни кытта алтыһан, хас биирдии киһи уратытын кэрэтин, дьиктитин өйдөөн көрөн, сэмээр сэрэйэн олоххо сыһыаны уларытан, барытын бары баарынан ылынан, тус-туспа да буоллар бииргэ олорбуттара. Таптаабат аналлара, атыҥырыыр аргыстара олох устуҥ тэҥҥэ, биир оҥочоҕо устуһан иһэллэрэ. Арай күҥҥэ тэҥниир күөрэгэйдэрэ, көмүс чыычаахтара – оҕолоро чуораанчыктыы чугдааран, тус-туспа олохторун ситимниир суолта буолбута.

Уоран көрсүһүү... Онтон ордук туох да куһаҕан суох курдуга... ыал ийэтин, аҕатын туораттан уоран таптыыр... Арай Ньургуйааналаах Сэмэнчик быстах кылгас көрсүһүүлэрэ кинилэргэ саамай дьоллоох, хас сырыы аайы долгутуулаах буолара. Көрсө түһээт, харах харахтарынан таптаһан бараллара, тарбахтарын төбөтүнэн даҕайсан, сымнаҕастык сыстыһан, куустуһан өр турбахтыы түһэллэрэ. Уураһарынан муҥурданаллара иккиэннэригэр тутах соҕуһа.

Биир сайыҥҥы күн Ньургуйаана кэргэнэ нэдиэлэ курдук хоту улууска бултуу диэн ааттаан барда. Сааланан-туһахтанан, дьааһыгынан астанан-үөллэнэн, бөртөлүөтүнэн айгыстан айаннаабытыгар дьахтар дьиэҕэ оҕотунаан иккиэйэх эрэ хааллыллар. Кини суоҕа наһаа да үчүгэй, дьиэ салгынныын кэҥээтэ, тыынарга да чэпчээтэ дии санаат, Ньургуйаана дьүөгэтигэр Сардаанаҕа төлөпүөннээн, өр да өр ирэ-хоро сэлэстилэр. Уола Павлик эбээлээх эһээтигэр аймах оҕолор ыалдьыттыы кэлбиттэрин истэн, онно ойдо. Сардаана кыыс кэпсээнэ бүппэт, күлэн кэбиһэ-кэбиһэ сэһэргии олордо, көрсүспүт күннэриттэн Махсыымныын бииргэ олороллор, майгылара биир соҕус буолан, сотору-сотору уҥа-хаҥас ысыһан кэбистэллэр да, өр-өтөр буолбакка эйэлэһэн эмиэ тапталга куустараллара.

– Оччоҕо бүгүн хайыыбыт? Көрсүөххэйин ээ, как в старые добрые времена, эн, мин, Сэмэнчик, Махсыым, два на два... – диэн дьүөгэтин соһутта да, үөртэ да. Ньургуйаана сүрэҕэ өрө мөхсө түстэ... Көрүстүлэр. Сэмэнчик кынаттаммыт курдук мохсоҕоллуу көтүтэн кэллэ. Сэгэрин көрсөн, үөрүүтүттэн өрө көтөҕөн ылан салгыҥҥа чэпчэки баҕайытык эргиттэ, сымнаҕас обуйук уостарыттан ахтыбыт бэйэтэ оргууйдук уураата, иэдэстэриттэн, сүүһүттэн, сэҥийэтиттэн сыллаан барда.

– Сэгэриэм, күндү киһим, тапталым оҕото, эйигин эрэ таптыыбын, - Сэмэнчик долгуйа-долгуйа үрүт үөһэ хатылаата.

– Мин эмиэ эйигин олус да аҕынным...

Бу күн хайаан да бииргэ буолуохтарын сэрэйэн, иккиэн симиттэн ыллылар. Ыҥырыллыбыт ыалдьыттар быһыытынан Ньургуйааналаах Сэмэнчик кэһии ас-үөл, утах ылан, доҕотторугар кэллилэр. Өр көрсүбэтэх дьон быһыытынан үөрэ-көтө, ирэ-хоро кэпсэтэн, түүн үөһэ буолбутун билбэккэ да хааллылар. Сардаана ыалдьыттарыгар орон бэлэмнээбитин биллэрээт, Махсыымынаан эмиэ утуйарга бардылар. Улахан да улахан ороҥҥо муус маҥан утуйар таҥас тэлгэммитэ туналыйан көстөр. Ньургуйаана киирэн утуйар хоско саҥата суох турда. Сэмэнчик киирэн кэнниттэн сэрэнэн кууһан ылла, аһаҕас санныттан таарыйан, уһун будьурхай баттаҕын имэрийбэхтээтэ. Ньургуйаана харахтарын симэн, тапталлааҕа хас таарыйдаҕын аайы иэнэ кэдэҥниэх айылаах имэ кэйитэлээн ылла.

Ис сүрэҕиттэн таптыыр киһитин өйдүүн-санаалыын, дууһалыын кытта чугастык ылынар, арай этинэн-хаанынан таптаһар дьоллоох түгэннэрэ үүммүтүн хайалара да ситэ итэҕэйбэккэ, түүл-бит курдук буккуллан бардылар. Сүөгэй сүмэтинии сымнаҕас куоптаны Сэмэнчик имэрийэн эрэрдии уһулла, дьууппата эмиэ бэрт дөбөҥнүк уһулунна, хаһан да тыытан көрбөтөх мааны маҕан куруһуба ис таҥаһы сылыбырас буолбут тарбахтарын биллэримээри кистии-кистии сүөрдэ. Кыыс тэрэгэр түөстэрин кытааппыт тумуктарын ыксаан илиитинэн саба кистээн истэҕинэ, Сэмэник итийбит уостара Ньургуйаананы сыллаан бардылар

  • Мин эйиигин таптыыбын, итэҕэй, хайаан да бииргэ буолуохпут...
  • Мин төһө баҕар кэтэһиэм, эрэнэбин... – сылаастык сибигинэйдэ кыыс. Таптаһар сүрэхтэр тэбис-тэҥҥэ тэбэллэр, түргэн-түргэнник кып-кылгастык тыыналлар... Ньургуйаана туймааран турда, тапталлааҕа аттыгар субу иннигэр көрөн, кууһан, сыллыы-ууруу турарыттан сүрэҕэ-быара ууллар, Сэмэнчик кинини наллаан, кыыһы биилиттэн сэрэнэн кууһар. Чэпчэки баҕайытык көтөҕөн ылан, оргууйдук ороҥҥо сытыарда. Сэмэнчик итэҕэйбэт даҕаны, ама, кини бачча дьоллоох түгэни бас билэн, баһылаан сытар, тапталлааҕа кэрэтиэн, сирэйэ, харахчааннара, дьэдьэн уостара, уһун моонньо, синньигэс лабаа илиилэрэ, тэрэгэр түөстэрэ, уп-уһун атахтара... Бу барыта киниэнэ, киниэнэ эрэ, бэйэ-бэйэлэрин хойутаан көрсүбүт дьоллоро дуу, сордоро дуу. Сэмэнчик хаһан даҕаны тапталлааҕын уурууртан салҕыа суоҕа, хас сырыы аайы Ньургуйаана обуйук уостара минньийдэр минньийэн иһэргэ дылылар, субу ууллан эрэр отоннуу сымныыллар. Сэмэнчик хаһааҥҥытааҕар даҕаны долгуйан туран таптыыр дьахтарыгар ис сүрэҕиттэн кыһаллан-мүһэллэн, туох-баар талаанын-кыаҕын түмэн, арыйан, киниэхэ эрэ уратытык-туспатык көстүөн баҕарара. Таптаһар да араастаах, ол эрэн ис сүрэхтэн күүскэ бэйэ-бэйэҕэ тардыһан, хардарыта таайсыһан, арыллан, бүүс-бүтүннүү бэринэн иэйэн-куойан таптастахха, бүтүн куйаар түгэҕэр эргиллэ көтөҕүн, ол онно икки сүрэх көстүбэт, ол эрэн сүрдээх кытаанах синньигэс ситиминэн эриллэн кэлэллэр. Имэҥҥэ уйдаран, сылаастык таптал тылларын сипсийэн, нырыннык имэрийсэн, итии тыынынан илгийсэн, таптаһан таалалыыр дьоллоох түүннэрэ субу кууһан кэлбититтэн дуоһуйууну ыла, хас биирдии хамсаныыны харыстаан, бытаардан, уһата-кэҥэтэ сыттылар. Хайдах маннык бэйэ-бэйэни билбэккэ эрэ бачча өр сылдьыбыттарай, икки таптаһар сүрэхтэр олох хойуу туманыгар мунан, хаста да хардарыта аттыларынан аасыһан, кытаанах Дьылҕа Хаан ыйааҕынан атыҥҥа ананан, таптаабакка эрэ холбоһон хаалбыттар. Билигин кинилэр бииргэлэр, үөрүөх эрэ тустаахтар. Татыыр сүрэхтэр чугасыһан, сөпсөһөн, биир кэлимсэ буоллулар... Ньургуйаана симиктик сабылла сылдьар сибэккилии ситэн, кэмэ кэлэн ис сүрэҕиттэн арыллан, дыргыл мүөттээх сытынан туймаардан, кэрэтинэн кэрэхсэтэн, тапталлааҕар аан бастаан сиртэн тэйэн кыыс оҕо дьолун этинэн-сиининэн бигээн билэн титиристээн, салҕалаан, итийэн, минньийэн барда. Сэмэнчик онуоха тэбис-тэҥҥэ сиэттиспитинэн кэриэтэ тапталлааҕын кытта көппүтэ, ыраах ырайга, биири эрэ өйдүүрэ, билэрэ – таптыырын. Иккиэн муҥура суох дьоллоохторо... Хараҥа түүн эрэ көрбүтэ кинилэр дьоллоох хара харахтарын, истибитэ таптаһар саҥаларын, инникилэрэ им-балай... Ол эрэн киһи дьоллоох буолаары күн сирин көрөр, таптаары, таптатаары...
  • Сайыына

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....