07.06.2024 | 10:00

Дьахтар киэли хапчаҕайын искэниттэн өлүө суохтаах

Дьахтар киэли хапчаҕайын искэниттэн өлүө суохтаах
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Искэн төрүүр-ууһуур саастаах эдэр дьахталлары булара аан дойду онкогинеколог быраастарын ордук дьиксиннэрэр. Саха сиригэр дьахтар аймах ортотугар киэли хапчаҕайын араага (рак шейки матки) эмиий искэнин кэнниттэн иккис миэстэҕэ турар уонна онкология ыарыытыттан өлүү биир сүрүн төрүөтүнэн буолар. Хомойуох иһин, дьахтар аймах 83%-на балыыһаҕа хомнуо-хойут, ыарыы хайыы үйэ ытарчалыы ылбытын кэннэ кэлэр. Дьиҥэр, араак бу көрүҥэ эрдэ быһаарылыннаҕына, 92% түгэҥҥэ эмтэнэр кыахтаах.  

Сүрүн кыһалҕалары хайдах быһаарыахха сөбүй?

Аҕыйах хонуктааҕыта 2-с №-дээх Бырабыыталыстыба дьиэтигэр «Будущее без рака шейки матки» научнай-практическай конференция буолан ааста. Арассыыйа бастыҥ исписэлиистэрэ кыттыылаах тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан гинеколог, онколог, цитолог быраастар уонна билим бэрэстэбиитэллэрэ  кытыннылар. 

Сүрүн модераторынан медицина билимин доктора, профессор, Арассыыйа үтүөлээх бырааһа, В.И. Кулаков аатынан акушерство, гинекология уонна перинатология Национальнай медицина чинчийэр киинин эстетическэй гинекологияҕа уонна реабилитацияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Инна Анатольевна Аполихина буолла. Кини этэринэн, дьахтар аймаҕы киэли хапчаҕайын искэниттэн быыһыыр икки эрэ суол баар – быһыы туруоруу уонна ыарыыны эрдэ быһаарар скрининг. 

Гинекология эйгэтигэр киэҥник биллэр профессор, Эстетическэй гинекология исписэлиистэрин холбоһугун бэрэсидьиэнэ (Москва к.) икки атахтааҕы соччо “уоскуппат” статистика чахчыларын холобурдаата:

2007-2018 сс. Арассыыйа үрдүнэн киэли хапчаҕайын искэнэ 187 013 дьахтарга көстүбүт.

— Ордук элбэх дьахтар Тыва Өрөспүүбүлүкэтигэр ыалдьар – 44, 1 (100 тыһ. нэһилиэнньэҕэ тиксэр сыыппара). Забайкальскай кыраай маннык көрдөрүүтэ – 43,7; үһүс “бочуоттаах” миэстэҕэ Магадан уобалаһа сылдьар – 42,6.

— Саха сирин көрдөрүүтэ арыый намыһах, ол эрээри син биир долгутар – 26,3.

 

Саамай хомолтолооҕо – бу суостаах-суодаллаах ыарыыттан 30-39 саастаах дьахталлар олохтон туорууллар.

 

Инна Анатольевна этэринэн, өлүү-сүтүү сүрүн төрүөтүнэн ыарыыны хойутаан быһаарыы буолар. Дьахтар киэли хапчаҕайын искэниттэн өлүө суохтаах диэн санаалаах профессор. Ити этиллибит эрэгийиэннэргэ скрининг бырагыраамата бастакы уочарат киириэхтээх.

Билиҥҥи туругунан биһиги дойдубутугар дьахтар балыыһаҕа бэйэтэ көрдөрө кэллэҕинэ эрэ искэн кэмигэр булуллар кыахтаах. Медицина билимин доктора сайдыылаах дойдуларга дьахталлар клиникаҕа ыҥырыынан көрдөрүнэ тиийэллэрин үтүө холобур оҥостуохха диэн санаалаах. Биһиэхэ даҕаны нэһилиэнньэни кытта ыкса ситимнээх үлэни ыытарга, холобур, билиҥҥи суотабай сибээс үйэтигэр дьахтар аймаҕы төлөпүөннээн, смс ыытан, почтанан эбэтэр электроннай суругунан көрдөрүнэргэ ыҥырар кыах баар, ону туһаныахха эрэ наада.

«Дьахталларга скрининг ааһыҥ диэн тэлэбиисэринэн, араадьыйанан этэ, хаһыат нөҥүө кэпсии олоруохпутун наада. Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэри элбэхтик ыытыах тустаахпыт. Оччоҕуна биирдэ искэни кыайар кыахтаахпыт», – диэн санаалаах Инна Аполихина.

Манна даҕатан эттэххэ, аныгы үйэ дьоно үлэҕэ оройдорунан умса түһэннэр, ыарыы бастакы сибикилэрэ билиннэхтэринэ да, аахайбакка, оннук көрдөрүммэккэ, ыарыы хам ылыар, этэргэ дылы, охтуохтарыгар диэри уһата-кэҥэтэ сылдьыахтарын сөп. Оттон суостаах-суодаллаах араак бириэмэни билиммэт – Аапт.

Арассыыйа үтүөлээх бырааһа скрининг түмүктэрин харайар биир кэлим бааза суоҕа үлэни атахтыырын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Аны туран, баар тестэр хаачыстыбалара мөлтөҕө, нэһилиэнньэ араак туһунан элбэҕи билбэтэ-көрбөтө кэккэ ыарахаттары үөскэтэрин ыйда. Ону сэргэ: «Биллэн турар, үбүлээһин элбэҕи быһаарар», – диэтэ.

Аны туран, Арассыыйа үрдүнэн реабилитация суоҕа – биир улахан кыһалҕа. Инна Анатольевна этэринэн, дьахталлар барар сирдэрэ баҕана үүтэ, кэлэр сирдэрэ кэлии үүтэ буолан хаалар. Гинекологтар уонна онкологтар биир санааҕа кэлиэхтэригэр диэри дьахтар олус элбэх бириэмэтин сүтэрэр кутталлаах.

 

Медицина биир сиргэ турбат, чинчийии ньымата элбэх

Киэли хапчаҕайын араагын сүрүн төрүөтүнэн (95 % түгэҥҥэ) папиллома вируһа (ВПЧ) буолар. Искэн 70-75%-на 16-с уонна 18-с тииптээх ВПЧ-тан сылтаан үөскүүр. ВПЧ 16 түргэнник уларыйар, киһини кылгас кэм иһигэр “сиир”. ВПЧ 18 хас да сылы мэлдьи баарын биллэрбэккэ сылдьыан сөп. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ папиллома вируһун быһаарар бэрт судургу.

Профессор цитология, ВПЧ-тест, TruScreen, кольпоскопия, биопсия, ИЦХ уонна ИГХ (ыарахан түгэннэргэ) курдук ыарыыны быһаарар ньымалар тустарынан кэпсээтэ. «Кэнники кэмҥэ молекулярнай биология, молекулярнай медицина сүрдээҕин сайынна. Онкомаркер көмөтүнэн искэни түргэнник булар кыахпыт улаатта. Аны оҥоһуу өйү туһанар кэммит кэллэ», – диир кини.

В.И. Кулаков аатынан акушерство, гинекология уонна перинатология Национальнай медицина чинчийэр киинин научнай үлэһитэ, акушер-гинеколог быраас Елена Горбунова этэринэн, ВПЧ  – икки атахтаах үөскүөҕүттэн күн бүгүҥҥэ диэри тарҕаммыт вирус. Бу вирус аан дойду үрдүнэн 300 мөлүйүөн кэриҥэ киһиэхэ көстөр, ол эрээри 6 мөлүйүөн дьахтарга киэли хапчаҕайын искэнэ булуллар. Кини клиническэй кэтээн көрүүлэрин, хайдах эмтииллэрин сиһилии кэпсээтэ. Хомолтолооҕо баар – ыарыһах үксэ эдэр дьахтар. Елена Алексеевна кэпсээнэ бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар быраастарга ордук интэриэһинэй буолла.    

«Саха сиригэр киэли хапчаҕайын искэнин эрдэ быһаарыы пилотнай бырайыага үтүө түмүктэри көрдөрөр. Онуоха аныгы технология бары көрүҥэ туһаныллар», – диэн кэпсээтэ Инна Аполихина.

Профессор Саха сирин улуустара ыраах-ыраах сыталларын ыйан туран, киэли хапчаҕайын искэнин эрдэ быһаарар пилотнай бырайыак олоххо киирэрэ тыын суолталааҕын бэлиэтээтэ. Инна Анатольевна маннык географиялаах өрөспүүбүлүкэҕэ дьахтар дьиэтигэр ВПЧ-тест оҥостон, бэйэтэ мазок ылан балыыһаҕа ыытарын тэрийиэххэ наада диэн этиилээх. Ити атын дойдуларга тарҕаммыт ньыма эбит. Холобур, Норвегияҕа. Оттон Кытайга туттуллубут прокладка көмөтүнэн араак килиэккэлэрин булар буолбуттар.

Инна  Аполихина кэпсээбитинэн, Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) 35-45 саастаах дьахталларга ордук улахан болҕомтону уурарга ыҥырар.

Медицина билимин доктора этэринэн, Арассыыйа арҕааҥҥы дойдулартан тутулуктаммат буолла, бэйэбит оҥорон таһаарбыт вакцинабыт көдьүүстээҕэ, атыттартан хаалсыбата бэлиэтэнэр. 

 

Табахсыт дьахталлар ордук кутталлаах бөлөххө киирэллэр. 

 

Саха сиригэр балаһыанньа хайдаҕый?

Өрөспүүбү-лүкэтээҕи онкология диспансерын онкогинекологияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Моника Стручкова иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга 107 дьахтарга киэли хапчаҕайын искэнэ көстүбүт. Диспансерга 1251 дьахтар учуокка турар, онтон 802-тэ 5 уонна онтон элбэх сыл кэтээн көрүүгэ сылдьар. 

Моника Сергеевна кэпсээбитинэн, профосмотр кэмигэр искэни булуу түгэнэ элбээн иһэр. Тэҥнээн көрөр буоллахха, 2014 сыллаахха 19,5% эбит буоллаҕына, 2023 сыл түмүгүнэн бу көрдөрүү – 35,5%.

Саха сирин үрдүнэн 14 скрининг кабинета үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология диспансера онкологическай десаннары тэрийэр. 2023 сылга 14 сырыы буолбут. 3563 киһи чинчийиини ааспыт, онтон 37-тигэр суостаах-суодаллаах искэн үөскээбитэ биллибит. Манна даҕатан эттэххэ, киэли хапчаҕайын араагын икки түбэлтэтэ бэлиэтэммит: Усуйаана улууһугар – III стадиялаах ыарыһах, Сунтаар улууһугар – D06.    

3-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Патология шейки матки» кабинетын гинеколог бырааһа Сардана Киприянова Орто Халыма улууһугар ыытыллыбыт скрининг түмүгүн кылгастык билиһиннэрдэ. Ол курдук, чинчийиигэ 30-65 саастаах 827 дьахтар кыттыбыт, онтон 92-гэр папиллома вируһа баара бэлиэтэммит. Сардана Егоровна иһитиннэрбитинэн, 12 mix генотииптээх ВПЧ ордук элбэхтик көстүбүт – 66 дьахтарга (71,7%). Маны сэргэ, 16-с тииптээх ВПЧ – 18 дьахтарга (19,6%), 18-с тииптээх ВПЧ– 8 киһиэхэ (8,7%). 

***

«Доруобуйа» национальнай бырайыак иитинэн Саха сиригэр киэли хапчаҕайын искэнин эрдэ быһаарар пилотнай бырайыак көдьүүстээхтик үлэлиир. 30-65 саастаах дьахталлар ВПЧ-диагностиканы босхо ааһыахтарын сөп. Маныаха ОМС уонна СНИЛС эрэ ирдэнэр. Сиһилии билсэр төл.:  507-214

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...