13.03.2021 | 11:18

Дьахтар дьылҕата: олох уонна таптал, кырдьык уонна кубулунуу

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Суруналыыстар дьоллоох дьоммут. Испэктээктэри, киинэлэри үксүн киэҥ эйгэҕэ тахсыахтарын иннинэ көрөбүт. Ол эбэтэр театрга “прогон”, оттон киинэҕэ “пресс-показ” диэн тэрээһиннэргэ үгүстүк ыҥырыллабыт. Оттон култуураны сырдатар суруналыыстары “премьера” диэн аптаах-алыптаах тыл сүрэхпитин өрүкүтэр, сүргэбитин көтөҕөр.

Кинитэ суох – олох суох

Ааспыт субуотаҕа Үүнэр көлүөнэ театрыгар Уильям Сомерсет Моэм кэпсээннэринэн “Кубулунууттан кырдьыкка эбэтэр төттөрү” моноиспэктээк саҥа туруоруутугар сырыттыбыт. Көрөөччүгэ күн бэҕэһээ эрэ сүрэхтэннэ.

“Дьахтар – бу олоххо кэрэ бэлэх. Кинитэ суох – олох суох” диэн сүрүн идиэйэлээх испэктээк сыалын-соругун ситистэ. Кэрэ аҥаар айылгытын, ис кырдьыгын, майгытын-сигилитин, айылҕатын, уустук олоҕун арыйда. Эмиэ да элэктээн, эбэн-сабан, омуннуран. Саалаҕа олорор хас биирдии кэрэ аҥаар, уобарастаан эттэххэ, иннэнэн тэһэ кэйиллибит курдук сананна. Оннук киһи сүрэҕин долгутар, сорох түгэҥҥэ күллэрэр, ардыгар аһыннарар. Оттон эр дьон бу да сырыыга дьахтар таабырынын таайаллара саарбах.

Быһаччы эттэххэ, СӨ култууратын туйгуна, Үүнэр көлүөнэ театрын сүрүн худуоһунньуга Прасковья Павлова режиссер быһыытынан бастакы сүрэхтэниитэ дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла. Сүрүн оруолу СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Данилова итэҕэтиилээхтик толорон, көрөөччү кутун-сүрүн тутта.   

Соһуччу көстүүмнэр, сэдэх көстүүлэр

Театр уус-уран салайааччыта Алексей Прокопьевич Павлов көстүүмнэр, реквизиттэр тапталынан тигиллибиттэрин, оҥоһуллубуттарын бэлиэтээтэ. Мария Данилова уонна Прасковья Павлова аҕас-балыс буолаллар. Кинилэр сүбэлэрин холбоон, биир санаанан салайтаран үлэлээбиттэрэ, айымньы сылаас сыһыаҥҥа олоҕурбута харахха тута быраҕыллар. Манна даҕатан эттэххэ, бу айымньы былырыын Мария Данилова үбүлүөйдээх сылыгар сыанаҕа туруохтааҕын пандемия мэһэйдээбит. Онон уһуннук “буспут”, “минньийбит” диэххэ сөп. 

Артыыс трансформер көстүүмнэрэ сөхтөрдүлэр. Оннооҕор быыс буолан турбут сабыы дьахтар курус санаатын көрдөрөр хара былаачыйа буолан соһутта ээ! Бэл диэтэр, торшер зонтик оруолун толоро сатаан баран, тиһэҕэр уруу былаачыйатыгар кубулуйда. Барыта чэпчэкитик кэтиллэр, түргэнник уһуллар. Итинник сэдэх көстүү, нууччалыы эттэххэ, “сюрприз” элбэҕин кэрэхсээтибит, сатабыллаах худуоһунньуктар, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр талааннарыттан  биир кэм саҥа аллайа олордубут.

Режиссер, худуоһунньук дьахтар ис туругун тиэрдэригэр өҥү, дьүһүнү таба тайаммыт. Үөрэр, дьоллонор, көтө-дайа кустуктанар түгэннэригэр үрүҥ өҥ баһыйар. Уот курдук умайарыгар кыһыл өҥ, оттон ытыырыгар-соҥууругар, кэп туонарыгар хара өҥ киирэр. Бары холбоһон дьахтар дьылҕатын биир хартыына курдук ойуулаан таһаараллар.  

Артыыс уонна көрөөччү

Биир киһи сыанаҕа үлэлиирэ, чаастан ордук көрөөччүнү аралдьытара саныырга дөбөҥ. Сиппит-хоппут артыыс эрэ кыайар кыахтаах. Мария Данилова сирэйин-хараҕын, куолаһын, көстүүмнэрин уларытан, араастаан туттан-хаптан биир дьахтар устар олоҕун, кини ис айылгытын сэгэттэ.

Сүрүн дьоруой Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ” айымньытыгар баар сэттис уобараска майгынныыр. Ол эбэтэр:

Ытаары ыксыы сытан

Күлэн төлө биэрэр,

Күлэн күлүмүрдүү туран

Ытаан сыҥсыйан барар...

Артыыс оруолун хас биирдии хамсаныытынан, мимикатынан тиэрдэргэ дьулуста. Сыанаҕа дьахтар хас да өрүтүн көрдүбүт. Кини тапталга куустаран сапсынан көтөн тахсыах айылаах тарыкыныыр. Онтон эмискэ силлиэ курдук силбиэтэнэн киирэн барар. Аргыый аҕай долгулдьуйа хааман иһэн өрө тэбэнэттэн турар. Ол аайы мизансцена уларыйар. Көрөөччү салгыбата, сылайбата, дьоруойу кытта тэҥҥэ үөрдэ, хомойдо.

Билигин олох түргэнник уларыйар-тэлэрийэр. Бу дьахтар олох кубулҕатын кулута буолбут диэн өйдүөххэ сөбө дуу?

Тапталга бэҕэһээ, сарсын диэн суох

Испэктээккэ бэргэн этиилэр сүрүн миэстэни ылаллар. Онтон бэрт аҕыйаҕы холобурдаатахпына эрэ табыллар:

Тапталга бэҕэһээ, сарсын диэн суох. Бүгүн, бу буола турар эрэ баар.

Хас биирдии киһи олохтон дуоһуйууну ыларга дьулуһар.

Таптал бэйэтэ сокуоннардаах.

Имэҥ сүтэр, уостар.

Киһи барыта соҕотохсуйар.

Дьон билигин кырдьыгы эппэт эбэтэр истибэт...

Ити бүтэһик этиигэ тохтуохпун баҕарабын. Чахчы даҕаны, аныгы үйэҕэ кырдьык көмүскэ тэҥнээх буолла. Сымыйа, албын-көлдьүн баһыйар кутталлаах. Ол эрээри, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбатар ханнык...

Классика таһыма үрдүк

Испэктээк тыас-уус, музыка, уот-күөс өттүнэн табыллыбыт. Арай сиэри таһынан “эпатажнайынан” аатырбыт Моргенштерн ырыатын кулгааҕым атыҥырыы иһиттэ. Уильям Сомерсет Моэм курдук классик айымньытын Арассыыйа шоу-бизнеһин “бэрээдэгэ суох” артыыһа (ырыаһыта диэхпин тылым тахсыбат) буортулуур. Бу санаабын айар кэлэктиипкэ аһаҕастык эттим. Онуоха: «Ыччат сэргиир ырыаһыта», – диэтилэр. Билбэтим. Эдэрдэр сэҥээрэллэрэ элбэх. Онтон дуоннааҕа аҕыйах буолуон эмиэ сөп. Саха сирин суруналыыстыкатын ытык-мааны киһитэ хаһан эрэ: “Биһиги ааҕааччы таһымыгар хаһан да түһүө суохтаахпыт”, – диэбитин өрүү холобур оҥостобун. Классиканы “маассабайтан” үрдүктүк тутарбыт оруннаах.

Режиссердар реквизит барыта туттуллуохтаах диэн этэллэр. Бу олорон сүрүн дьоруой ыһылла сытар элбэх түүппүлэлэрин барытын кэтэрэ эбэтэр сороҕун таһаарбата ордук дии санаатым. Көрөөччү артыыс атаҕын таҥаһын хаһан уларытарын кэтэһиэн сөп. 

Түмүккэ

Табыллыбыт испэктээк эмиэ үчүгэй кинигэ курдук ээ. Урут умсугуйан аахпыт айымньыгыттан бииртэн биир сонуну, саҥаны хостоон таһаарыаххын сөп. Театр туруорууларыгар эмиэ оннук. Ааспыкка бэлиэтии көрбөтөххүн булан ылаҕын, хараҕыҥ аһыллан үөрэҕин. Артыыс төһө сайдыбытын кэтээн көрөҕүн.

Соһуччу түгэнэ элбэх, дьахтар кэрэтин курдук кустук араас өҥүнэн оонньуур испэктээккэ инникитин көтүппэккэ сылдьарга бэлэммин. Онуоха диэри сыанаҕа үгүстүк туруо, өссө ситиэ-хотуо, “минньийиэ” буоллаҕа.

Алмаас курдук кырыыланар

Алексей Павлов, тыйаатыр уус-уран салайааччыта, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа:

–Барыта орун-оннугар турбут. Уильям Сомерсет Моэм, Мария Данилова, Прасковья Павлова – үһүөн силбэһэн, биир көһөҥө буолбуттар. Табыллыбыт испэктээк күн сирин көрдө.

Биир артыыс көрөөччүлэр болҕомтолорун чаастан ордук тардара диэн уустук дьыала. Ону тыас-уус, музыка, уот-күөс өттүнэн, артыыс оонньуутунан, режиссер туруоруутунан ситиһиллибит. Бары туохха да аралдьыйбакка, бэл, бассаабы көрбөккө олордубут. Оннук бииртэн биир кэлэн, тахсан иһэр. Тиэкиһэ да үчүгэй, дьахтар ис туругун тиэрдэр.

Эрэйдээх олохтоох дьахтар эбит. Кэргэн ылбыт дьоно бары өлөн хаалаллар. Киһи куттанан да чугаһыа суоҕун курдук (күлэр). Ону ойох ылан иһэллэр ээ. Хата, бүтэһигэр бэйэтин тэҥнээҕэ – адмирал дьоллонно.

Көрөөччүнү олус тоторуохха диэри симэр соччото суох, оннук сымсах буоллар. Итинник кыратык амтаһытар, этэргэ дылы, айаҕын минньитэр үчүгэй.

Бу бастакы эрэ көрүүбүт. Артыыс сыанаҕа элбэхтик оонньоотоҕуна испэктээк  чочуллар, кырыыламмыт алмаас курдук күлүмүрдээн тахсар. Сырыы аайы эбиллэн, кырааскалара хойдон, тупсан иһэр.

“Кубулунууттан кырдьыкка эбэтэр төттөрү” испэктээк уһун үйэлээх, дьоллоох суоллаах буолуо диэн эрэнэбин. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....