Дьахталлар култуурунай холбоһуктарын форума ыытылынна
Форумҥа Саха сирин талааннаах, айар дьоҕурдаах дьахталлара, норуот үгэстэрин уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын араҥаччылааччылара кытыннылар.
Эҕэрдэ тылы Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньах вице-спикера Александр Подголов, Саха сирин норуоттарын Ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ, А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Антонида Корякина эттилэр.
Тэрээһиҥҥэ Саха сиригэр дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарын бөҕөргөтүүгэ гражданскай уопсастыба оруолун, хотугу норуоттар астарын-үөллэрин туһатын, национальнай-култуурунай холбоһуктар дьахталларын уопсастыбаннай олоххо оруолларын туһунан боппуруостары дьүүллэстилэр. Форум пленарнай чааһын түмүгүнэн, этнокултуура уонна тыл нэһилиэстибэтин үйэтитэр сыаллаах, Дьахталлар национальнай-култуурунай сэбиэттэрин тэрийэр уонна 2024 сылга «Эбэлэрбит ырысыаптара» кинигэни таһаарыы туһунан резолюция ылылынна.
Тэрээһин чэрчитинэн национальнай бүлүүдэ быыстапката ыытылынна. Итини сэргэ, «Айар» кинигэ кыһатын «Кухни народов России» кинигэтэ сүрэхтэннэ.