Дьабарыкы Хайаҕа тутуллубут үрүҥ эһэ инники дьылҕата быһаарыллар
Ыам ыйын 11 күнүгэр Томпо оройуонун Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр ыалдьыттаабыт үрүҥ эһэ өрөспүүбүлүкэ кииниттэн тэринэн тиийбит суһал бөлөҕүнэн тутулунна. Ол иннигэр олохтоохтор бу эһэни муус устар ыйын бүтэһик күннэригэр Хаандыга бөһүөлэгиттэн 120 км сиргэ көрөн тыллаабыттар.
"Биһиги кыылы туттубут уонна бөртөлүөтүнэн Дьокуускай куоракка тириэртибит. Үрүҥ эһэ сылдьарын истээт даҕаны, хайа диэки сылдьарын Үөһээ Дьааҥы уонна Томпо улуустарыттан биир идэлээхтэрбит, олохтоох дьаһалта уонна нэһилиэнньэ кэтии-маныы сылдьыбыттара. Кыылы тутарга биир да киһи уонна эһэ бэйэтэ эчэйбэтилэр", - диир айылҕа баайын, ООПТ уонна айылҕа пааркаларын Дирекциятын дириэктэрин бастакы солбуйааччы Анатолий Алексеев.
Үрүҥ эһэни быстах кэмҥэ «Орто Дойду» зоопаркаҕа олохтоотулар. Бэтэринээр ыраахтан көтөн кэлбит кыыл хайдах туруктааҕын бэрэбиэркэлээн көрбүт. Кини эппитинэн, бу 2 саастаах тыһы эһэ, этэ-сиинэ ырыган, хаҥас өттүгэр аллараа аһыыта суох эбит.
Саха сирин экологияҕа миниистирэ Сахамин Афанасьев эппитинэн, эһэни Москва зоопаркатыгар кэтээн көрө уонна эмтэтэ илдьэр былаан баар.
Социальнай ситимнэргэ «Үрүҥ эһэҕэ - көҥүлү» диэн аахсыйа ыытылла турар. Дьон санаата араас. Сибилигин таһааран ыытыҥ диэччилэртэн саҕалаан, ырбыт-дьүдэйбит эһэ олорор эйгэтигэр кыайан булан-талан аһыа, бэйэтин көмүскэниэ суоҕа диэччилэр бааллар.
Үрүҥ эһэлэр Хотугу Муустаах акыйааҥҥа Эһэлэр арыыларыгар олохсуйаллар эбит. Ол Үөһээ Дьааҥы оройуонуттан быһа холоон 700-800 км, онтон Томпо оройуонуттан 1000 км кэриҥэ тэйиччи үһү.
Санатар буоллахха, итинник түбэлтэ 2017 сыл балаҕан ыйын ортотугар Орто Халымаҕа буолбута. Онно олохтоох балыксыттар 10 ыйдаах үрүҥ эһэ оҕотун булбуттара. Кыыл нэһилиэнньэлээх пуун таһыгар быраҕыллыбыт аһы, балыгы сиирэ уонна ыттары кытта оонньуура. Кыракый адьырҕаны тутан ылан чөлүгэр түһэрэ Москва зоопаркатыгар ыыппыттара.