Дьабарыкы Хайаҕа үрүҥ эһэ ыалдьыттаата
Хоту региоҥҥа ойуур кыыллара нэһилиэнньэлээх пууҥҥа киирэллэрэ кэнники кэмҥэ сэдэх түбэлтэ буолбатах. Кинилэр үксүн ойуур баһаарыттан куотан эбэтэр аһыыр ас көрдөөн дьоҥҥо чугаһыыллар.
Ыам ыйын 11 күнэ үүнэр түүнүгэр Томпо оройуонун Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр үрүҥ эһэ киирдэ. Ол иннинэ бу эһэни муус устар бүтэһик күннэригэр Хаандыга бөһүөлэгиттэн 120 км сиргэ көрбүттэр. Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэ оройуон кииниттэн 53 км тэйиччи турар. Манна 1 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор.
«Бүгүн Томпо оройуонугар үрүҥ эһэни тутар суһал бөлөх көтөр. Сатаннаҕына, Кыһыл кинигэҕэ киирбит кыылы тутан «Орто Дойду» өрөспүүбүлүкэтээҕи зоопааркаҕа тиксэриэхтэрэ», – диэтилэр СӨ Экологияҕа министиэристибэтигэр.
Экология министиэристибэтигэр үрүҥ эһэ «Орто Дойдуга» кылгас болдьоххо киириэн, онтон атын зоопааркаҕа ыытыллыан сөп диэн сабаҕалыыллар. СӨ бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников бэрэссэдээтэллээх ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйа мунньаҕар түмүк быһаарыы тахсыахтаах.