Даачаларга сылдьар оптуобустар сырыылара сөргүтүллүөҕэ
Бу туһунан «ЯПАК» тэрилтэ дириэктэрэ Валерий Домотов коронавирус дьаҥа тарҕаныытын бохсор суһал штаб мунньаҕар иһитиннэрдэ. Ол курдук, муус устар бүтүүтэ даача сезонугар үлэлиир 121, 123, 125 №-дээх маршруттар сырыылара сөргүтүллүөҕэ.
Ону таһынан уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин туһунан Валерий Домотов кэпсээтэ: “Кангалаас микрооройуонугар сарсыардааҥҥы рейстэри эбэр былааннаахпыт, билигин дьон төһө айанныырын көрөбүт-истэбит”, – диэн эбэн эттэ.
Маны таһынан мунньахха куорат оптуобустарыгар дезинфекция үлэтэ төһө ыытылларын туһунан боппуруос көтөҕүлүннэ.
«Кулун тутар 26 күнүттэн муус устар 5 күнүгэр диэри 175 оптуобус санитарнай ирдэбилгэ төһө эппиэттиирэ бэрэбиэркэлэннэ, онтон 156 үчүгэй, оттон 19 оптуобус мөлтөх туруктаах. Суоппардары кытта профилактическай бэсиэдэлэри ыытабыт, биир оптуобус маршруттан уһуллубута», – диэн кэпсээтэ «СоюзАвто» салайааччыта Андрей Косицкай.
Маршруттарга суоппар тиийбэт кыһалҕата быһаарыллар. Ол курдук, куорат биир автооскуолатыгар 10 киһини «Д» категорияҕа үөрэттэрэр туһунан сөбүлэҥ түһэрсиллибитэ.