21.04.2022 | 14:00

Дьааҥы — спорт түһүлгэтэ

Дьааҥы — спорт түһүлгэтэ
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Муус устар 15-18 күннэригэр Ил Түмэн дьокутааттара Феодосия Габышева уонна Михаил Гуляев Дьааҥыга  тиийэн үлэлээтилэр. Ону сэргэ, көҥүл тустууга аан дойду Кубогын кыайыылааҕа, Азия чөмпүйүөнэ, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылаахтара, призердара, Саха сирин биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ Айаал Лазарев, ССРС үс төгүллээх үрүҥ көмүс уонна боруонса медалиһа, ССРС устудьуоннарын чөмпүйүөнэ, Украина сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ Михаил Ноговицын, СӨ спорка албан аатын Музейын салайааччыта Михаил Друзьянов, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, спорт биллиилээх комментатора Александр Васильев – Көрдүгэн үлэлиир бөлөх састаабыгар киирэн сылдьыстылар.

 

Үс күн устата киэҥ далааһыннаах, дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиилэр буоллулар. Уһук хоту 13 Арктическай оройуоннарын сайдыыларын төрдө быһаарыллар түмсүүлэр, мунньахтар тэрилиннилэр. Дьааҥы улууһун баһылыга Гаврил Чириков, улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа солбуйааччы Дмитрий Габышев, управлениелар начаалынньыктара, орто үөрэхтээһин оскуолаларын уонна спортивнай оскуола дириэктэрдэрэ, тренердэр, физкультура учууталлара, спорт бэтэрээннэрэ кытыннылар.

Дьааҥы сирэ-дойдута үүнэ-сайда, тутууларынан сэргэхсийэ турара харахха быраҕыллар. Тымныы эргимтэтин киининэн биллэр былыргы куоракка —  Верхоянскайга научнай төрүккэ олоҕурбут Аан дойду таһымнаах дьаһаллар ыытыллаллар. Уопсастыбаннай хамсааһыннар көҕүлэнэллэр. Айылҕа тыйыс усулуобуйатыгар олорор хоту дьон мындырдарын, булугас-талыгас өйдөрүн, тулуурдарын күннэтэ итэҕэтэллэр. Үлэҕэ-хамнаска аныгы технологиялары киллэрэллэр. Социальнай-экономическай суолталаах, үөрэх, култуура, спорт туһаайыыларыгар кэккэ кэскиллээх бырайыактар бааллар.

Буолан ааспыт кэпсэтиилэргэ, бастатан туран,  үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга, учуутал статуһун үрдэтиигэ, үлэлииргэ-олорорго табыгастаах усулуобуйаны үөскэтэргэ, хамнаһы улаатыннарарга, толору хааччыллыылаах олорор дьиэнэн хааччыйыыга, Арктическай оройуоннарга интэриниэт ситимин тупсарыыга, аҕыйах үөрэнээччилээх оскуолаларга, оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын, спортивнай лааҕырдары тэрийиигэ болҕомто туһаайылынна.  Талааннаах оҕо элбэх, учууталлар үлэлиир баҕалара улахан, чопчу көрдөрүүлэрдээхтэр. Феодосия Габышева анаан-минээн үлэлиир бөлөх кэлэн, миэстэҕэ сылдьан ымпыгар-чымпыгар тиийэ ырытыһан үлэлиэхтээҕин, күүстээх, киэҥ үлэ барыахтааҕын туһунан иһитиннэрдэ.

Дьааҥы — спорка баай, үтүө үгэстэрдээх оройуон. Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллэн, Арассыыйа, ССРС, аан дойду таһымнарыгар үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит спортсменнар бааллар. 50-тан тахса спорт маастара иитиллэн-чочуллан тахсыбыта элбэҕи этэр. 1945 с. «Верхоянскай – Дьокуускай – Верхоянскай”, 1985 с. “Дьокуускай – Верхоянскай”, 2010 с. “Верхоянскай – Дьокуускай” маршрутунан хайыһарынан тиийтэлээбит үс көлүөнэ эр санаалаах, хорсун-хоодуот дьоннордоохтор. Аан дойду чөмпүйүөнүн Али Алиевы мостикка уһуннук туппут Саха сирин икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Клим Никитин, ССРС, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылаахтара, призердара бырааттыы Ноговицыннар, олор истэригэр Михаил, Моисей, аныгы көлүөнэ ыччаттартан Виталий Иванов, Андрей Кузьмук, Василий Ефимов, аан дойду кумахха тустуутун чөмпүйүөнэ Юрий Старостин ааттарынан өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ киэн туттар. Саха сирин үтүөлээх тренердэрэ Николай Михайлович Давыдов, Петр Васильевич Портнягин таһаартаабыт тустууктара элбэх. Атах оонньуутугар уонна чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ рекордсмена, Саха сирин, Уһук Илин, Сибиир, Универсиадалар чөмпүйүөннэрэ Иван Иванович Горохов аата киэҥник биллэр.

Ил Түмэн дьокутаата Михаил Гуляев тирээн турар соруктарга тохтууругар, бастатан туран,  СӨ Аҕа баһылыга Айсен Николаев салайан ыыппыт Сэбиэтин мунньаҕар Владимир Путин 2019 сыллаахха Туһаайыыларыгар бэлиэтэммит оҕо уонна маассабай спорду сайыннарыыга болҕомтону хатаата. Ол курдук, инникини түстүүр кэскиллээх хайысха оҥоһулунна. Тренер ахсаана үс төгүл эбиллиэхтээх. Орто үөрэхтээһин оскуолаларыгар тренердэр баар буолуохтара, спорт көрүҥнэринэн кулууптар тэриллиэхтэрэ, күрэхтэһиилэр хото ыытыллыахтара. Ол эбэтэр оскуола оҕолоро спордунан утумнаахтык дьарыктаныылара 90% тиэрдиллиэҕэ.  Сайыҥҥы өттүгэр спорт лааҕырдара үлэлиэхтэрэ.  Оҕо эт-сиин өттүнэн сайдыыта төгүрүк сыл эргиччи барыыта ситиһиллиэҕэ. Оскуола-интэринээттэр тэриллиэхтэрэ. Баатаҕайга федеральнай үбүлээһининэн аныгы көрдөбүлгэ эппиэттэһэр үс спортивнай балаһааккалаах, тустууга аналлаах уонна тренажернай саалалардаах, элбэх функциялаах улахан спортивнай комплекс тутуллуоҕа. Нэһилиэктэргэ спорт инструктордарын штаттара көрүллүөҕэ. Таһырдьа дьарыктанар, доруобуйаны бөҕөргөтөр суолтата улаатыаҕа. Оччоҕо, ыарыйдахтарына даҕаны, халымырдык аһарыныахтара. Оҕо кыра сааһыттан спордунан дьарыктаныыта үөрүйэх буолан, түргэн буолар хаачыстыбалара, сылайбат сындааһыннаах буолуулара ситиһиллиэҕэ. “Түргэн буолууну оҕону 10 сааһыттан утумнаахтык дьарыктаан 2-3 төгүл эбиэххэ сөп буоллаҕына, уҥмат, сылайбат сындааһыны 30 төгүл үрдэтиэххэ сөп”, - диэн Михаил Гуляев өрүү этэр. Ону физкультуранан уонна спордунан эрэ ситиһиэххэ сөп. Арассыыйа биэс, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, рекордсменката Татьяна Жиркова ону бигэргэтэр. Маассабай спорка скандинавскай хаамыы оруола хаһааҥҥытааҕар даҕаны үрдээтэ.

Төгүрүк остуол түмүгүнэн рекомендациялар ылылыннылар: Баатаҕайга элбэх функциялаах спортивнай сааланы тутуу; ол спортивнай саалаҕа Петр Васильевич Портнягин көҕүлээн 2004 сыллаахха тэрийбит, билигин өйдөммөт төрүөтүнэн көтүрүллүбүт Спорт музейын Баатаҕайдааҕы спорткомплекска илдьэн туруоруу, онуоха диэри музейга хос булан биэрии эбэтэр музейга сөп түбэһэр саҥа табыгастаах дьиэни тутуу; нэһилиэктэргэ спордунан дьарыктанар ыччаттартан инструктордар штаттарын аһан үлэлэтии, “Азия оҕолорун” оонньууларыгар хамаанданы сүүмэрдээн бэлэмнээһин; Арктическай оройуоннар ортолоругар спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр күрэхтэһиини тэрийии, хайыһар базатын тэрийии; өрөспүүбүлүкэҕэ физкультура учууталларын сийиэһин көҕүлээһин; тустууга аналлаах спортивнай сааланы тутуу; Гаврил Семенович Ефимовка пааматынньык туруоруута; улуус физическэй култуураҕа уонна спорка кэмитиэтин тэрийии; Бороҕоннооҕу спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии соруктара.

Улуус баһылыга Гаврил Чириков спорду ылсарга, көмөлөһөргө бэлэмин биллэрдэ. Дьааҥылар ылгын ыччаттара, өрөспүүбүлүкэ күүстээх бөҕөһө, Манчаары оонньууларын хапсаҕайга абсолютнай чөмпүйүөнэ  Юрий Старостин улуус спордун салайан эрэрэ эрэли үөскэтэр. Оҕолорго аан дойду Кубогын боруонса призера, Азия чөмпүйүөнэ Айаал Лазарев маастар-кылаастара, интеллектуальнай викториналары ыытыылара, улахан кылаас оҕолорун кытта көрсүһүүлэрэ сэҥээриини үөскэттэ.

Икки күн устата тилэри экстремал айанньыт, Дьааҥы патриота, Дьааҥы бочуоттаах олохтооҕо Святослав Сергеевич Габышев кэриэһигэр оҕолор ортолоругар көҥүл тустуу II-с турнира үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Дьааҥы уонна Эбээн-Бытантай улуустарыттан 126 тустуук оҕо саастарынан үс бөлөххө арахсан бурҕатыстылар. Габышев аймах харчынан уонна суотабай төлөпүөннэр курдук анал бириистэри туруордулар. Эрсан Сыроватскай (28 кг, Саккырыыр), Дамир Ощепков (35 кг, Баатаҕай), Эрсан  Прудецкай (38 кг, Табалаах), Афанасий Аммосов (42 кг, Баатаҕай), Алексей Слепцов (48 кг, Сартаҥ), Иван Божедонов (51 кг, Боруулаах), Айастаан Наумов (55 кг, Боруулаах), Владислав Кутейкин (60 кг, Элгэс), Илларион Слепцов (св.60 кг, Сартаҥ) чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктүлэр. Уон тустуук уол анал бириис хаһаайына буоллулар. Хапсаҕайга муҥутуур ааты былдьаһыыга 42 кг 13 утарсааччытын кэннигэр хааллартаан, Арыылаахтан Данил Андросов, 60 кг үөһэ Сартаҥтан Руслан Пономарев “Чемпион” диэн суруктаах аалай лиэнтэлэрин санныларыгар иилиннилэр уонна эр-биир 50 000 солкуобайы илиилэригэр тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Святослав Габышев сырдык аатыгар анаммыт турнир географиятын уонна статуһун кэҥэтэр инниттэн СӨ Спорка министиэристибэтин календарнай былааныгар киллэрэргэ этиилэр киирдилэр. Тустуу турнира оҕо спордун бырааһынньыгар кубулуйда!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...