16.11.2023 | 16:00

Дьааҥы дэгиттэр кус быһыйа, ат бөҕөһө

Тыйыс айылҕалаах буоламмыт, биһиги, сахалар, төрүт былыргыттан илии хара үлэтин кыайар-хотор, бэйэлэрин кыанар, кытыгырас-сымса, күүстээх-күдэхтээх, тулуурдаах, сэмэй, мындыр өйдөөх дьону биһириибит, ылынабыт.
Дьааҥы дэгиттэр кус быһыйа, ат бөҕөһө
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа тырааныспарын, СӨ суолун хаһаайыстыбатын уонна салгынын тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ, Бочуоттаах тутааччы, “Саха сиригэр спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга кылаатын иһин” Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин уордьанын кавалера, Дьааҥы, Хаҥалас, Абый, Бүлүү улуустарын ытык олохтооҕо, саха ыстаныыларыгар Саха АССР уонна РСФСР спордун маастара, чэпчэки атлетикаҕа ССРС спордун маастарыгар хандьыдаат уо.д.а. үгүс ааттаах-суоллаах, наҕараадалаах Иван Иванович Горохов — киһи эрэ киэн туттар киһитэ.

Милииссийэлиир аҕатынан нууччалыы хааннаах, ийэтинэн уу сахалыы иитиилээх Уйбаан Горохов бэйэтин кэмигэр, сааһыран да баран, үһүйээн хоту буолбакка, чахчы, “баардааҕын” бар дьонугар биллэрдэ, итэҕэттэ. Бэкээринэҕэ килиэп буһарар ийэтэ “повар Хаача”, Екатерина Петровна, соҕотох оҕотун Ванятын бу орто дойдуттан барыар диэри, уолун 12 сааһыгар диэри, Верхоянскайтан түөрт көс Остоолбо диэн түөрт кылаастаах оскуолалаах дэриэбинэҕэ улаатыннарбыта. Дэриэбинэҕэ кэлбит бэлисэпиэти, матассыыкылы аан бастаан миинээччилэрэ Ваня Горохов этэ. Тиэхиньикэҕэ оннук сыстаҕас, билэ-көрө сатыыр, харса суох, куттаммат. Дьиэ ис-тас үлэтин да тулуппата, бүтэрэ-оһоро охсон, доҕотторугар оонньуу ыстанара. Күнү-күннүктээн уобуруччуну, холхуос соҕотох "ЗИС-5" массыынатын эргэрэн быраҕыллыбыт көлүөһэлэрин төкүнүтэн куоталаһаллара. От үлэтигэр буһан-хатан, үлэҕэ-хамнаска букатын эрдэттэн миккиллибитэ.

Физкултуураҕа уонна спорка аан бастаан учуутала, Чурапчы киһитэ Дмитрий Устинович Максимов, сыһыарбыта. Күрэхтэһиилэргэ Ваня Горохов наар бастыыра. Бастакы учууталтан оҕо иитиитэ итинник тутулуктаах. Салгыы Боруулаах сэттэ кылаастаах оскуолатыгар кэлэн интэринээккэ олорбута. 1961 сыллаахха, бэһис кылааһы бүтэрэр сайыныгар, кылааһын салайааччыта Николай Иннокентьевич Слепцов, саха тылын учуутала Анна Дмитриевна Чирикова Бүтүн Сойуустааҕы “Артек” пионерскай лааҕырга биир путевка кэлбитин үөрэх туйгуна Ваня Гороховка бэрдэрбиттэрэ. Хара муора кытылыгар Крымҥа ССРС оҕолорун сэргэ Германия, Польша, Чехословакия, Куба уо.д.а. социалистическай лааҕыр дойдуларын ыччаттара бааллара. Уһуну ойууга, 60 м сүүрүүгэ, мээчиги быраҕыыга, эстафетаҕа бастаталаан, Ваня түөрт кыһыл көмүс мэтээли ылаттаабыта. Сөптөөх атах таҥаһа көстүбэккэ, атах сыгынньах кыттан!

Сэттис кылааска ыһыахха уһуну ойууга, 60 м сүүрүүгэ улахан дьону кыайталаан сөхтөрбүтэ. Верхоянскай оскуолатын ахсыс кылааһын бүтэрэригэр спорт аҕыс көрүҥэр тэҥнээҕин булбатаҕа, эмиэ улахан дьону кыайталаабыта. Онон ханнык спорт көрүҥүнэн барарыгар өйө-санаата хайдыбыта. Сүүрүү уонна тустуу көрүҥнэригэр дэгиттэр үчүгэй этэ.

Онус кылааска киирэр күһүнүгэр Москватааҕы физкултуура институтун бүтэрбит Петр Петрович Местников диэн физкултуура учуутала кэлбитэ. Уус Алдан киһитэ, 1 разрядтаах сүүрүк, атах оонньуутугар өрөспүүбүлүкэ рекордсмена. Дьэ, дьиҥнээх дьарыктар саҕаламмыттара. Иван Горохов атах оонньуутугар сыстаҕаһын билэн, сүүрүү, ыстаныы тиэхиньикэтин үөрэппиттэрэ. Хомойуох иһин, нөҥүө сыл Петр Петрович кэргэнин дойдутугар Орто Халымалаабыттара. XI кылааска Николай Михайлович Неофитов диэн эмиэ Чурапчы киһитэ оскуола дириэктэринэн кэлэн, улахан кылаас оҕолоро атах оонньуутугар сыстаҕастарын билэн, Верхоянскай куоратын тэҥэ суох ньуурдаах стадион кырыс сиригэр ыстаннарбыт. Онно Иван 42 м 80 см кылыйан соһуппут. Дириэктэр бирикээһинэн, ити 1966 сыл сайыныгар, Дьокуускайга Саха сирин норуоттарын V Спартакиадатыгар доҕоро Иван Котельниковтыын тиийэн күрэхтэспиттэрэ. Иван Горохов кылыыга уонна ыстаҥаҕа Ньурба талааннаах ыччата Николай Санников кэнниттэн иккис буолбута. Иккиэн Саха АССР маастарын нуорматын толорбуттара. Нэдиэлэ буолан баран Спартакиада бырагырааматыгар киирэр чэпчэки атлетика күрэхтэһиилэригэр кыттан, 100 м уонна уһуну ойууга бастаталаабыта. Дойдутугар Дьааҥыга кыайыы көтөллөрдөөх тиийэн, биир дойдулаахтарын үөрдүбүтэ. Ийэтэ баара буоллар, дьоллооҕунан ааҕыныа этэ...

Ити сыл Саха судаарыстыбаннай университетын инженернэй-техническэй факультетыгар тутуу салаатыгар туттарсан киирбитэ. Университекка атах оонньуутун рекордсмена Николай Санниковтыын физическэй иитии кафедратын тренер-преподавателэ Валерий Пантелеймонович Кочневка уонна өрөспүүбүлүкэ биллиилээх дэгиттэр быһыйа, рекордсмена, Москватааҕы физкултуурунай институту бүтэрбит ырыаһат-мелодист Аркадий Михайлович Алексеевка, университет физическэй иитиигэ кафедратын салайар Валерий Пантелеймонович Кочневка дьарыктаммыттара. Өрөспүүбүлүкэҕэ тэҥнээхтэрэ суоҕа, утарсааччыларыттан кый ыраах сылдьаллара. Күрэхтэһиилэргэ бэйэлэрин икки ардыгар иэмэх талахтыы эрийсэн киирсэллэрэ. Иван Горохов ардыгар кылыыга ылаттыыра. Ону таһынан, Николай Санников үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга, Иван Горохов уһуну ойууга бастаталыыллара, ити көрүҥнэргэ эр-биир рекордары оҥортообуттара.

Оччолорго, спорт национальнай көрүҥнэрин киэҥ эйгэҕэ таһаара сылдьар Валерий Пантелеймонович Кочнев кыһамньытынан, Николай Санников, Иван Горохов, Амма бастыҥ кылыыһыта Вячеслав Окороков буоламмыт “Сэргэлээххэ” биир хоско олорбуппут. Толкуйбут эрэ атах оонньуута. Оннооҕор Саҥа дьыл үүнэр күнүгэр СГУ кылаабынай корпуһугар эрчиллэн, тиритэн-хорутан кэлэрбит. Эгэ, сампааныскай амсайыахпыт дуо, ол туһунан санаабаппыт даҕаны. Арай фойеҕа түһэн “танцылаан”, онтон сөпкө бүтэн, хоспутугар киирэн, “абааһылааҕы” кэпсэтэн, сүр минньигэстик утуйан хааларбыт. Аны санаатахха, чулуулары кытта алтыһар үчүгэй да кэмнэр эбит!

Ханнык баҕарар спортсмен баар кыаҕын ситэ-хото туттубатах түгэннэрдээх. Оннук кыһыылаах түгэннэр Уйбаан Гороховка эмиэ бааллара. 1969 с. университет билиҥҥи “Юность” стадиона баар балаһаакка ыстанар секторыгар уһуну ойууга 7 м 40 см кыырайбыта! Ол эрээри тыаллаах диэн ааҕыллыбатаҕа. Ол саҕана спорка интэриэс күүстээх этэ, көрөөччү бөҕө, устудьуоннар үмүөрүспүттэрэ. Иннокентий Суздалов, Николай Санников, Илларион Владимиров, Константин Герасимов, Семен Эверстов курдук университет преподавателлэрэ, атах оонньуутун маастардара мөккүһэн көрбүттэрэ да, судьуйалар кытаанах буолан биэрбиттэрэ. Өссө биир түгэн. Университеты бүтэрэр 1971 сылыгар Уһук Илин уонна Сибиир атах оонньуутугар күрэхтэһиитигэр доҕоро Николай Санников кылыыга 45 м 23 см түһэн бэйэтин рекордун тупсарбыта. Иван Горохов финалга түмүктүүр ойуутугар Санников ити көрдөрүүтүн биир уллуҥах куоһаран иһэн, уон биирис бүтэһик ыстаныытыгар гравийга хаһыллыбыт оҥхойго бүдүрүйэн, үс-түөрт эрэ миэтэрэни “буурдаан”, 45 м ыкса чугаһаппыта. Ити туһунан Николай Санников “45 м 80 см көрдөрүөхтээх этэ” диэн куруутун кэпсээччи. Онон, тустаах киһи хомойоро оруннаах.

Улахан дьарыга да суох туругуран туран күрэхтэспит сылларыгар тапталлаах Сахатын сиригэр, Уһук Илиҥҥэ уонна Сибииргэ чэпчэки атлетикаҕа уонна сахалыы атах оонньуутугар, ССРС “Спартагын” үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар уһуну ойууга, Уһук Илин, Сибиир, Орто Азия Универсиадаларыгар бастаталаабыта.

Аны, күүһүн-күдэҕин туһунан. Бииргэ эрчиллэрбит. Буккаас хааннаах уонна хоту сир киһитэ буолан буолуо, быһыыта-таһаата, илиитин-атаҕын былчыҥнара хойуута, синньигэс биилэ, дырылыы сылдьар күүһэ-уоҕа, эстибэт эрчимэ, тугу-кими да тулуппат туруга -- туох да омуна суох, таһыччы этэ! Онно түргэнин, сылбырҕатын эбэн кэбис! Күннээҕи кэпсэтиилэрбитигэр: “Бачча кыахтаах эрээригин, тоҕо тустубаккаҕын, атах оонньуутунан дьарыктанаҕын?”-- диир буоларбыт. Итинник этэрбит оруннаах. 1965 сыллаахха Чурапчыга көҥүл тустууга улахан саастаах уолаттарга өрөспүүбүлүкэ чемпионатын көбүөрэ тэлгэммитэ. Коркин, Волков уолаттара бааллара. Оччолорго конкуренция бөҕө. Ыйааһын аайы Коркиннаах Волков эрчийэр ылгын уоллаттара финалга тиийтэлээбиттэрэ. Көрөөччүлэринэн ыга туолан ньиргийэн олорор кулууп сценатыгар абытай хапсыһыыларга 68 кг Дьааҥыттан кэлбит нуучча көрүҥнээх кыраһыабай  уол утарсааччыларын тулуталаабатаҕа. Кэлин Дмитрий Петрович хаста да ыҥырбытын тиийбэтэҕэ. Университет чемпионаттарыгар эмиэ күүстээх маастардары кытта тустууга бастыыра. Дьарыкка “пуш-пуушка” улахан ыйааһын бөҕөстөрө, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ Владимир Радченконы, Өлүөхүмэттэн Петр Попову кытта аккаастаныахтарыгар диэри биликтэһэллэрэ. Оччолорго, күннээн-күөнэхтээн сылдьан, 72 кг үктүүр ыйааһыннааҕа. 150 кг штанганы өрө анньара. Баатаҕайга онус кылааска 220 кг тобугар диэри “тягаҕа” таһаарара, штанга блинылара бааллара буоллар, өссө да көтөҕүөх быһыылааҕа. Анаан-минээн ыарахан атлетиканан дьарыктаммыта буоллар, кырата маастар буолуо этэ.

Саха сирин дэлэгээссийэтэ Мальтаҕа бөдөҥ бухатыыр киһи кими да тулуталаабатын көрөннөр, Уйбаан Гороховы киириһиннэрбиттэр. Онуоха уҥа-хаҥас илиилэринэн сүдү киһини эр-биир хам баттаталаан, бииргэ сылдьар дьонун үөрдүбүтэ. Абыйга балыктыы бараары бэлэмнэнэ сылдьан, массыына кэлэригэр табыгастаах буоллун диэн, таһаҕастаах мотуордаах оҥочотун, эргим-ургум көрүтэлээн баран, көтөҕөн ылан теплотрасса үрдүгэр  быраҕан кэбиспитин Николай Николаевич Ребров райсэбиэт үлэһиттэриниин түннүгүнэн  көрбүттэр. Дьааҥы ытык кырдьаҕаһа, алгысчыт Василий Павлович Ноговицын Уйбаан илиитигэр-сиһигэр “баардааҕын” билэр буолан, “Харыал тааһын” боруобалыырга эппитин, көтөҕө барбатах этэ. Верхоянскай 360 сыллаах үбүлүөйүгэр, эдэригэр штанганан балачча ситиһиилээхтик дьарыктаммыт Александр Васильевич Власов салайааччылаах өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын ыалдьыттара Музей тэлгэһэтигэр сытар 184 кг тааһы холонон көрөрүгэр көрдөспүттэрин, мааны көстүүмүн пиджагын устан, үрүҥ ырбаахытын сиэҕин тиэринэн баран, көтөҕөн уонна хааман сөхтөрөн турар. Атыттар сыҕарыҥнаппатахтар да этэ. Ити кэмҥэ Иван Иванович 51 саастааҕа. Покровскай Булгунньахтааҕар Хаастаах алааһыгар “Оҕо тааһы” доҕотторо хамсаппатахтарын өрө тардан туруорбутун туоһулуур дьон билигин да бааллар.

Ити гынан баран, манна диэн эттэххэ, Уйбаан Горохов спорка суолта биэрэн, аанньа дьарыктаммат этэ. Айылҕатынан сылдьара. Биһи дьарыктана барарбытыгар, киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, хоһугар чертеж оҥоро хаалара.   

Арай, диэххэ. Билигин “Дыгын оонньууларын” кэмигэр төрөөбүт-үөскээбит буоллун, хайаһыа этэй? Абсолютнай чөмүйүөннэри ааттарын-суолларын намтаппакка туран, тэҥҥэ киирсиэ, кыайыа да этэ дии саныыгын. Тоҕо диэтэххэ “Дыгын оонньууларын” үгүс көрүҥнэрэ — сүүрүү, атах, тустуу, таас көтөҕүү, мас тардыһыы — Уйбаан Горохов сөбүлүүр көрүҥнэрэ.

Саҥа XXI үйэ маҥнайгы уон сылларыгар, боччумнаах улахан дуоһунастарга олорон, өрөспүүбүлүкэ атах оонньуутун федерациятын салайбыта. Турнирдар бөҕө ыытыллыбыттара. Сергей Кривошапкин, Виталий Васильев, Юрий Гаврильев курдук ыччаттар тахсыбыттара.

Иван Иванович Горохов урукку уонна аныгы атах оонньуутун тэҥнээн көрөн, бу курдук этиилэрдээх:

- 1960-70 сылларга атах оонньуутунан дьарыктанарга усулуобуйа мөлтөх, гаревай дорожкаҕа, галькалаах, ситэ ыраастамматах буолан, шиповкаҕа ыарахан. Калорийнайын өттүнэн аһылык судургу, медицинскэй хааччыллыы давление, сүрэх кээмэйдээһининэн, “А” битэмиининэн муҥурданара. Атах оонньуутугар идэтийбит тренердэр суохтара. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн, ноҕуруускалаахтык, методиката суох дьарыктанарбыт. Санниковтыын оскуолатааҕы көрдөрүүлэрбитин баара-суоҕа иккилии эрэ миэтэрэнэн эппиппит. Итиччэ көрдөрүүлэри эр да киһи быһыытынан сайдаммыт, улахан дьарыга суох эбиэхпитин сөп этэ. Аныгы сайдыылаах үйэ кылыыһыттара оскуолатааҕы көрдөрүүлэрин 5-9 миэтэрэ эптилэр.

- Биир мэһэйинэн күрэхтэһии аҕыйаҕа буолара. Кыһын дьарыктанан баран, иккитэ-үстэ эрэ күрэхтэһэҕин. Манчаары Спартакиадаларыгар тыа сирин сопртсменнарын, “Урожайдары” эрэ кытыннараллара, “Спартак”, “Динамо” уопсастыбалары кытыннарбат, туоратар буолаллара. Инньэ гынан элбэх кыахтаах спортсмен, ыччат, конкуренция суоҕунан, арыллыбакка хаалбыта. Атах оонньуутугар троеборье баарын сөпсөспөппүн. Кылыы, ыстаҥа, куобах тус-туспа көрүҥнэр. Мин бэйэм кылыыһыт этим, куобах аралдьытар. Көрдөрүүгэ охсор.

- Сүбэ бэрээдэгинэн этэр буоллахха, ийэҥ-аҕаҥ, физкултуура учууталлара, тренердэр, оҕо-ыччат кыаҕын эрдэттэн көрөн, спорка, олоххо сыал-сорук туруоруохтаахтар. Биһи, чуолаан, хотулар, килбик соҕус, толлугас эбиппит. Киһи барыта тэҥ, хорсуннук киирсэн иһиҥ. Иккис сүбэм -- бэйэҥ көрүҥҥэр үрдүк көрдөрүүнү ситиһэр инниттэн, спорт араас көрүҥүн боруобалаа. Уонна моральнай-психологическай өрүтү сайыннарыахха, инники сылдьааччылары ордугурҕаамыахха, ону тулуйуохха наада. “Сулус ыарыытыгар” тиийимиэххэ, дьону кытта тэҥник сылдьыахха. Бэтэрээннэр, аҕам саастаахтар уопуттарын туһаныахха, ыччакка тиэрдиэххэ. Көлүөнэлэр сибээстэрин салгыахха.

Сөпкө этэр. Спорт хааччаҕа суох, көҥүл буолуохтаах этэ буоллаҕа.

Иван Горохов үлэтигэр-хамнаһыгар көрдөрүүлэрэ, судаарыстыбаннай, политическай, уопсастыбаннай деятель буоларынан, өссө улахан суолталаахтар. Ол туспа кэпсээн буоллаҕа. Киһи быһыытынан олус судургу, көнө, кырдьыгы өрө тутар, ырытар толкуйдаах. Булка-аска, айылҕаҕа чугас сыһыаннаах, бүгүрү туттуулаах-хаптыылаах, тутааччы, хаһаайыстыбанньык буолан, сатаабата диэн суох, билэрэ-көрөрө үгүс. Айар-тутар үлэтин үгэнэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....