12.06.2020 | 08:22

Дьаҥ киэр дьаадьыйдын

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьон-сэргэ тоҕуоруһар сирдэрэ ыраас буолалларын туһугар икки тэрилтэ үлэлиир. Ол курдук, “Якутдорстрой”  – уулуссаларга, болуоссаттарга, оттон “Жилкомсервис”  тротуардарга, дьиэлэр тастарыгар, оҕо балаһааккаларыгар, оптуобус тохтобулларыгар, култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар дезинфекция үлэтин ыыталлар.  

Уопсайа 1, 3 мөлүйүөн кв. миэтэрэ хабыллыбыт:

Оптуобус тохтобуллара – 13 тыһыынча кв.м.

Оҕо оонньуур уонна спортивнай балаһааккалара – 273 тыһыынча кв.м.

Сквердэр уонна болуоссаттар – 88 тыһыынча кв.м.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тротуардара – 96 тыһыынча кв.м.

Уулусса тротуардара – 658 тыһыынча кв.м.

Култуура уонна сынньалаҥ паарката – 169 тыһыынча кв.м.

Мааската суох дьону утары көрүстэххинэ, баҕарбатаҕыҥ да иһин, тэйэ туттаҕын, дьалты хаамаҕын. Куорат устун үрүҥ көстүүмнээх дьон дезинфекция үлэтин ыыта сылдьалларын көрдөххүнэ, дьаҥ киэр дьаадьыйыа, ыарыы ырааҕынан тумнуо диэн эрэх-турах сананаҕын.

Киин куоракка дезинфекция үлэтэ үгэннээн турар. Салайар хампаанньаларга хаһааҥҥытааҕар да эппиэтинэстээх кэм. Чуолаан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ балаһыанньа хайдаҕый? Ол туһунан куорат олохтоохторуттан ыйыталастыбыт.

Үлэтэ хайҕаллаах

Илья Анатольевич, Крупская уул. 9 А дьиэтин олохтооҕо:

Кырдьык даҕаны, подъезд иһэ килэйэн-халайан, киһи хараҕа халтарыйар хартыыната. Элбэх кыбартыыралаах саҥа дьиэлэр бары маннык дьаһаналлара буоллар, бэрт буолуо этэ.   

  – Биһиги дьиэбит ыраас. Бастаан утаа дезинфекция үлэтин сотору-сотору ыытар курдуктара. Подъезд, лифт иһин хлордаах сириэстибэнэн күҥҥэ үстэ сууйаллара, ыстараллара. Билигин биирдэ сууйаллар быһыылаах.

“Колорит” хампаанньа бэркэ үлэлиир, ырааһы көрөр диэн сыаналыыбын. Дьиэ таһыгар, оҕо оонньуур балаһааккатыгар дезинфекция үлэтин биир бастакынан саҕалаабыта. Ыам ыйыгар Ykt.ru сайт сонуннарыгар хайҕаан суруйбуттарын, хаартыскалаан таһаарбыттарын көрөн үөрбүтүм. Көҕөрдүү өттүгэр эмиэ үчүгэй көрдөрүүлээх. Бөҕү кэмигэр таһаллар.

Кэтээн көрбөтөҕүм

Евгения, үс оҕолоох эдэр ийэ, 202 микрооройуон 5 куорпуһун олохтооҕо:

– Биһиги дьиэбит КПД тииптээх, биэс мэндиэмэннээх. Салайар хампаанньабыт – “ЖКХ Губинское”.

Бу дьиэҕэ биэс киһи коронавирус дьаҥыгар ылларбыт, икки киһи “контактаах”. Ыалларбыт дезинфекцияҕа сайаапка биэрбит этилэр. Үрүҥ көстүүмнээх дьон кэлэн иккитэ хаста ыраастаабыттара, сууйбуттара-соппуттара. Биирдэ ааммытын хойуу баҕайытык ыстарбыт этилэр.  Хаста сууйуохтаахтарын, ыраастыахтаахтарын чопчу билбэппин, анаан-минээн кэтээн көрбөтөҕүм.

Бэҕэһээ аҕыс хонон баран, таһырдьа саҥа тахсыбытым. Кыра оҕолордоохпун, ол иһин киирбэппин-тахсыбаппын. Ыарыыттан куттанабыт. Барахсаттарбыт, дьиэҕэ хаайтаран, сайын үтүөтүн билимээри гыннылар. Сарсын улахан оҕолорбутун дэриэбинэҕэ ыытабыт. Онон арыый да өрө тыынар инибит.

Сөбүгэр ыраас

Чайковскай уул. 117/3 нүөмэрдээх дьиэтэ, бүтэн-оһон испэккэ, улахан айдаанынан киирбитэ. Норуокка “Трутнев дьиэтэ” диэн биллэр.

Д.Н., дьиэ олохтооҕо:

– Дезинфекция үлэтин ыыталларын көрбөтөҕүм. Сууйарын сууйаллар. Сөбүгэр ыраас.

Бастакы киирбит сылбытыгар кирдээх соҕус этэ.  Билигин консьержтаахпыт, бэрээдэги көрөр. Сибэкки олордубуттара.

Сылдьыбыт сыта да суох

Аатын эппэтэх Шавкунов уул. 103/1 нүөмэрдээх дьиэтин олохтооҕо:

– Пахай, “полная антисанитария” диэн биһиги олорор дьиэбитин этиэххэ сөп. “Дезинфекция” диэн тугу этэҕиний? Сылдьыбыт сыта да суох. Оннооҕор домофоммут суох. Ким баҕалаах барыта киирэр-тахсар, хонор-өрүүр. Дьиэтэ-уота суох хаамаайы дьон ордууланар сирдэригэр кубулуйда.

Дьиҥэр, иллэрээ сыл өрөмүөннээбиттэрэ. Бастаан ыраас этэ, онтон хантан? Салайар хампаанньа үлэһитэ тиийбэт диэн көрөбүн. Субу-субу уурайаллар да быһыылаах.

Бу дьиэ обсерваторы кытта сыста турар. Онон түннүкпүтүн да аһарбыт кутталлаах.

Маҕаһыыннарга атыылаһааччылар бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи туруохтаахтарын тутуспаттар. Кырдьык-хордьук анал бэлиэлээхтэр. Аны туран, мааската суох дьону киллэрэллэр. “Без масок нельзя” диэн суруктаахтар даҕаны. Ыччат мааската суох тоҕуоруһан сылдьар. Балаһааккаларга хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри оҕо толору. Боппуттарын үрдүнэн.    

Нэдиэлэҕэ биирдэ бөх быраҕа, маҕаһыынтан ас атыылаһа тахсабын. Куттанабын. Эппиэтинэһэ суох дьонтон бу курдук хаайтаран олордохпут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....