18.02.2021 | 08:53

Дьаһалта Тулагы-Киллэм нэһилиэнньэтин кытта көрүстэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэнидиэнньиккэ Дьокуускай баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев Тулагы-Киллэм нэһилиэнньэтигэр 2020 сылга ыытыллыбыт үлэ-хамнас түмүктэрин отчуоттаата.

Тулагы-Киллэм тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэгинэн биллэр. Онон Евгений Николаевич тыл этэригэр«Дьокуускай куорат уокуругар агропояс сайдыыта» муниципальнай бырагырааманы тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ааспыт сыл түмүгүнэн нэһилиэккэ 26 хаһаайыстыба баар. Ынах сүөһү (840 төбө) уонна сылгы (898 төбө) ахсаана элбээбит.   

Евгений Григорьев Сыырдаахха баар «Саюри» тэпилииссэ комплексын үлэтин кэпсээтэ.

«2020 сылга тэрилтэ 530, 7 туонна бородууксуйаны таһаарбыт. 2019 сылга холоотоххо,  2, 2 төгүл элбэх. Үүнүүнү элбэтэр туһугар сылы эргиччи үлэлиир тэпилииссэ комплексын үһүс уочарата тутуллар», – диэн иһитиннэрдэ баһылык э.т.  Билиҥҥи туругунан эбийиэк 2021 сыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

Отчуот кэмигэр баһылык э.т. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускай куоракка суоллары тупсарыы, тутуу, өрөмүөннээһин боппуруостарыгар улахан болҕомтотун уурда. Манна даҕатан эттэххэ, 2020 сылга Тулагыга Связистар, Уваровская, Порядин уулуссалара өрөмүөннэммитэ.

Евгений Николаевич сүрүн социальнай өйөбүллэри, ол иһигэр муус устар 1 күнүттэн 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ босхо айанныыр буолалларын кэпсээтэ. Маныаха куорат бүддьүөтүттэн 20 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ. Тулагы-Киллэм нэһилиэгин олохтоохторугар аадырыһынан материальнай көмө оҥоһулларыгар  833 тыһыынча солкуобай тыырыллыбыт.

Нэһилиэк олохтоохторо дьаһалта тыа хаһаайыстыбатын өйүүрүн, баһаарынай чаас тутуутун туруорустулар. Оттуур, мэччирэҥ сир, о.д.а. боппуруостарын көтөхтүлэр. Ыйытыылар бары боротокуолга киирдилэр.

Тулагы-Киллэм нэһилиэнньэтэ Дьокуускай куорат дьаһалтатын 2020 сылга ыыппыт үлэтин-хамнаһын “туйгун” диэн сыаналаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....