30.01.2021 | 06:44

Дьаһалта отчуоттарыгар онлайн кыттыҥ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Николаевич Григорьев киин куорат олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдуур.

–Фрукта, оҕуруот аһын атыылыыр маҕаһыыннарга бэрэбиэркэ ыытыллар дуо? Новокарьернай уулуссаҕа баар маҕаһыын атыыһыта мааската, бэрчээккитэ суох турар. Мөҕө-этэ сатыыбын, олох истибэт. Ханна эрийэн үҥсүөхпүн сөбүй?

Марина Геннадьевна

Ааспыт нэдиэлэҕэ куорат суһал штаба маннык 10 киоска үлэтин бэрэбиэркэлээбитэ. Октябрьскай, Лермонтов, Гоголь, Каландаришвили, Кеша Алексеев, Ойуунускай, Петровскай уулуссаларыгар турар лааппыларга рейдэ ыытыллыбыта. Ол түмүгэр хас биирдии эбийиэккэ санитарнай ирдэбили кэһии баара биллибитэ. Ол курдук, сорох сирдэргэ температураны кээмэйдээһин сурунаала толоруллубатах, маҕаһыыны сууйуу-сотуу графигасуруллубатах, социальнай тэйиччи туттуу бэлиэлэрэ суохтар эбэтэр сыыһа оҥоһуллубуттар. Биир эбийиэккэ дезинфекциялыыр сириэстибэ суох эбит. Анал хамыыһыйа профилактическай бэсиэдэлэри ыытта.   

Атыы-эргиэн, ас-үөл, сынньалаҥ тэрилтэлэригэр үлэһиттэр, килийиэннэр бары мааскалаах сылдьыы эрэсиимин тутуһуохтаахтар. Мааската суох дьону киллэриэ суохтаахтар.

Өскөтүн маҕаһыыҥҥа эбэтэр уопсастыбаннай тырааныспарга, дьон-сэргэ тоҕуоруһар сирдэригэр мааскалаах сылдьыы эрэсиимин тутуспат дьону көрдөххүтүнэ, Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйатыгар үҥсүөххүтүн сөп. Төл. 40-80-31.

–Ааспыкка ханнык эрэ уокурук сыллааҕы отчуотун быһа эфирэ буола турар этэ. Октябрьскай уокурук отчуота хаһан буоларый? Ханна көрүөххэ сөбүй? 

Виктор

–Быйыл биллэр биричиинэнэн отчуоттар дистанционнай көрүҥүнэн ыытыллаллар. Октябрьскай уокурук отчуота тохсунньу 29 күнүгэр киэһэ 18.00 чаастан буолар. Zoom платформаҕа киирэн көрүөххүтүн, истиэххитин, ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп. Идентификатор – 7219345765. Пароль – 6.  (Баҕар, уларыйыы тахсыан сөп. Якутск.рф сайтка кэтээн көрүҥ). 

–15 нүөмэрдээх оптуобус Уустаах Избеков уулуссатыгар киирэн ааһар буолуо дуо? Чааһынай секторга олорор дьоҥҥо олус табыгастаах этэ. Уот линиятын өрөмүөнэ былааннанар диэбиттэрэ.

Ирина Андреева

–Хомойуох иһин, ГИБДД уот баҕаната турара сэрэхтээх, көһөрүҥ диэн биһиэхэ дьаһал биэрбитэ. Билигин таһырдьа олус тымныы, онон уот линиятын араарар кыахпыт суох. Тоҕо диэтэххэ, сорох дьиэлэр хочуолунайдара уота суох үлэлээбэт. Таһырдьа сылыйдаҕына, уот баҕанатын көһөрүөхпүт уонна оптуобус сырыытын саҥардыахпыт. Бука баһаалыста, балаһыанньаны өйдөөҥ уонна саас сылыйыар диэри тулуйа түһүҥ.

–Покровскай тракка турар Речевой оскуолаҕа киирэр суол хаһан өрөмүөннэниэй?

Елена Макарова

–2022 сылга өрөмүөн үлэтэ ыытыллара былааннанар. Билигин бырайыак, смета докумуоннара оҥоһуллаллар. Онтон экспертизаны ааһыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....