ДЬАҺАЛТА ОТЧУОТТАРЫГАР НЭҺИЛИЭННЬЭ ОНЛАЙН КЫТТАР
Бу күннэргэ Дьокуускай куорат дьаһалтатын нэһилиэнньэ иннигэр отчуота дистанционнай көрүҥүнэн ыытыллар. Ол курдук, киин куорат олохтоохторо видеоконференцияҕа кыттыһан, былырыыҥҥы үлэ-хамнас сүрүн түмүктэрин билсэр, сытыы кыһалҕаларга бэйэлэрин ыйытыыларыгар хоруй ылар кыахтаахтар.
Буолуохтаах отчуоттарга кыттыҥ
Автодорожнай уокурук: Zoom ID 7219345765. Пароль «6». Олунньу 12 күнэ, киэһэ 18.00 ч.
Тулагы-Киллэм нэһилиэгэ: Zoom ID 7219345765. Пароль «7». Олунньу 15 күнэ, киэһэ 18.00 ч.
Губинскай уокурук: Zoom ID 7219345765. Пароль «8». Олунньу 17 күнэ, киэһэ 18.00 ч.
Промышленнай уокурук: Zoom ID 7219345765. Пароль «9». Олунньу 19 күнэ, киэһэ 18.00 ч.
СЫЛГА 6000 КИҺИНЭН ЭБИЛЛЭБИТ
Санатан эттэххэ, 2020 сылга куорат нэһилиэнньэтин ахсаана 340 тыһыынчаны куоһарда. Олохтоохтор орто саастара – 36 саас. Былырыын 1600 киһинэн эбиллибиппит. Маны таһынан 4200 кэриҥэ мигрант кэлэн нэһилиэнньэ ахсаанын элбэттэ. Ол аата Дьокуускай сыллата 6000 киһинэн ахсаана эбиллэ туруон сөп диэн специалистар ааҕаллар.
2020 сылга Дьокуускай бэйэтин дохуота – 8,1 миллиардка тэҥнэстэ. 10,3 млрд солк. – өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн киирбит үп кээмэйэ. Ороскуот дохуоттааҕар 500 мөл. солк. элбэх. Куорат ороскуотун сабыммат.
Пандемия сабыдыала. Коронавируһу утары ыытыллыбыт үлэҕэ (дезинфекция, кыаммат араҥаны сухой паектарынан, планшеттарынан хааччыйыы, о.д.а.) 300 мөл. солк. кэриҥэ туттуллубут; предпринимателлэри өйүүр сыаллаах чэпчэтиилэр киирбиттэрин түмүгэр, куорат бүддьүөтэ 1 млрд. солк. дохуот киириэхтээҕин сүтэрдэ.
Суол тутуута. Куоракка 28 эбийиэккэ үлэ барбытыттан, 14-дэ куорат кытыы нэһилиэктэригэр ыытылынна. 2020 с. – 23 км, 2019 с. – 26 км суол тэлгэннэ (маны тэҥнииргэ 2018 с. 5,3 км оҥоһуллубутун саныахтаахпыт). 2019-2020 сс. кылгас тутуу сезонун кэмигэр 25 км суолу оҥорор сатабыллаах систиэмэ олохтонно. Былырыын пандемиянан сибээстээн тас дойдулартан үлэһиттэр кэлбэтэхтэрэ, УФСИН салаатынан дьону кытыннаран уонна устудьуоннары наймылаһан үлэ тохтооботоҕо. “Хаачыстыбалаах уонна куттала суох айан суоллара” национальнай бырайыак соруга туолла. 2021 сылга хаһан да оҥоһуллубатах элбэх үлэ былааннанар – 47 км суол тутуллуохтаах.
“Сырдык киин куорат” бырагыраама. Билигин куорат 64 бырыһыана эрэ сырдатыллан турар, 36 бырыһыан сырдатыллыахтаах сир үксүн кытыы нэһилиэктэргэ баара биллэр. Дьокуускайга уопсайа 13000 уот остуолбата баар, ол иһигэр 3000 кэриҥэ былыргы, энергияны кэмчилээбэт урукку лаампалар тураллар. Өссө 7000 остуолба туруохтаах, онно 800 мөл. солк. туттуллуохтаах.
Тутуу. 2020 сылга 280 тыһ. кв.м. олорор дьиэ тутуута былааннаммыта барыта туолла. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү ааспыт сыллааҕы былаана силигин ситтэ. 166 дьиэ хаарбаҕынан билиниллибитэ. Уопсайа 1125 хаарбах мас дьиэ баар – 60-80 сс. тутуулар. 2019 сыллаахтан эргэ мас дьиэлэри маассабайдык хаарбах туруктааҕынан билинии быраактыката олоххо киирдэ.
Маны таһынан муниципальнай бырагыраама үлэлиир. Ааспыт сылга 53 киһи дьиэлэннэ, тулаайахтары дьиэнэн хааччыйыы сыллааҕы былаана туолла.
ОДьКХ уонна тупсарыы. 2020 сылга 1,7 млрд. солк. туттулунна. Дьокуускай канализациятын, гааһын, о.д.а ситимэ барыта Сэбиэскэй кэм саҕаттан хаалбыт нэһилиэстибэ, онон эргэрии күүскэ барда. Ол барыта элбэх үлэни эрэйэр.
Социальнай эйгэ. Дьокуускайга 52 оскуола, 63 уһуйаан баар. Оскуолаларга 48500, уһуйааннарга 19000 оҕо сылдьар. Оскуолалар бары нуорманы икки бүк аһаран туран оҕолору ылаллар. 25000 саҥа миэстэ тахсыан наада. 12 оскуола тутуутугар сир бэрилиннэ. Тутуу 60 бырыһыана федеральнай бүддьүөттэн үбүлэниэхтээх. Уһуйааннарга уочарат – 12000 оҕо.
Дьокуускайга 13395 инбэлиит олорор, ол иһигэр 1504-тэ – оҕо. Инбэлииттэр муниципальнай тырааныспарга айанныыр бырайыастарыгар бүддьүөттэн сылга 2,6 мөл. солк. барар. 7,4 мөл. солк. – пандус тутуутугар барбыт.
Тохсунньу 1 күнүттэн кыаммат ыал оҕолоро оптуобуска босхо айаннаатылар. Ааспыт сылга экономияламмыт үп суотугар, муус устартан куорат кытыы бөһүөлэктэрин оскуолаҕа үөрэнэр 1-11 кылаас оҕолоро бары оптуобуска босхо айанныахтара – 1 ыйга 60 айан бэриллиэҕэ. Маныаха 20 мөл. солк. тыырыллыаҕа.
Агропояс. 146 тэрилтэ үлэлиир. Үчүгэй көрдөрүүлээх – Хатас “Баҕарах” ТХПК, Тулагы “Саюри” тэпилииссэлэр.
2020 сыл “Көлүөнэлэр сыллара” этэ. Кыайыы 75 сылын чэрчитинэн Кыайыы Пааркатын тутуута саҕаланна, 2022 сылга түмүктэниэхтээх. В.Лонгинов скверэ, И.Кульбертиновка пааматынньык, “Туймаада саллаата” өйдөбүнньүк турда. Тэрээһиннэр үксэ онлайн ыытылыннылар.
Кэлэр үс сыл тупсарыы үлэтигэр ананар.
ТАБАҔАЛАР ИНТЭРИНИЭТИ ИРДИИЛЛЭР
Олунньу 3 күнүгэр дьаһалта отчуота Табаҕа нэһилиэгэр буолан ааста. Отчуокка ОДьКХ Департаменын салайааччыта Дина Николаева, Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа дириэктэрэ Айаал Егинов, Баайга-дуолга уонна сир-уот сыһыаннаһыыларыгар Департамент салайааччытын солбуйааччы Игнатий Попов, “Жилкомсервис” дириэктэрэ Валерия Белоус уонна баһылык э.т. Евгений Григорьев Табаҕаҕа бэйэтигэр тиийэн уонна да атын куорат тутаах тэрилтэлэрин салайааччылара онлайн ньыманан кытыннылар.
“Табаҕа инникилээх – өрөспүүбүлүкэ манан Өлүөнэни туоруур муостаны тутууну былаанныыр. Сир учаастактарын аналларын уларытыы, сыбаалканы ыраастааһын барыта ыытыллан эрэр. Табаҕаҕа сайдыы туспа суола торумнаныахтаах”, – диэн баһылык э.т. Е.Григорьев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Табаҕа олохтооҕо Т.Н.Киль – элбэх оҕолоох ийэ:
–Мин оһоҕунан оттуллар чааһынай дьиэҕэ олоробун. Учаастакпыт кадастровай каартатыгар сирдэр бэйэ-бэйэлэригэр ууруллуулара баар. Гаас киллэртэрэрбэр кыбаарталбыт улаханыттан, харчы кырыымчыгыттан табыллыбат диэн буолбута. Мин сирим 15 сири кытта биир уулуссанан барар. 21-с үйэҕэ элбэх оҕолоох ыал оһох оттон олоробут... Кадастровай үлэни ыытан, бу кыһалҕаны быһаараргытыгар көрдөһөбүн.
–Кадастровай үлэни ыытыыны 15 учаастакка ирдэстибит, – диэн туһааннаах салаа бэрэстэбиитэлэ хоруйдаата. – Куонкурус биллэриллиэхтээх. 1 учаастакка 10 тыһ. солк. наада буолар, ол аата куорат 150 тыһыынчаны уйунуон наада.
Е.Григорьев муҥутаабыта ыам ыйыгар диэри бу кыһалҕаны быһаарарга сорудахтаата.
В.В.Алимова – Кырдьаҕас Табаҕа олохтооҕо:
–Пандемия кэмигэр интэриниэккэ сатаан холбоммотубут. Биһиги уулуссабытынан резиденцияҕа барар интэриниэт биһиэхэ кэлбэт, Ростелекомҥа сайаапка түһэрдэхпитинэ техническэй өттө кыаллыбат диэн аккаастыыллар. Саҥа Табаҕаҕа оптоволокно баар, Кырдьаҕас Табаҕаҕа бу сытыы кыһалҕа буолла. Онлайн үлэҕэ бэйэм уонна 3 оҕом үөрэхтэригэр суотабай интэриниэтинэн туһанабыт.
Е.Григорьев: –Мин эһигини өйдүүбүн. Бэйэм Птицефабрикаҕа олоробун – интэриниэт, уулуссалар сырдатыылара суох сирэ. Эмиэ элбэх оҕолоохпун, оскуолаҕа үөрэммэт буоланнар бу кыһалҕа наһаа тура илик. Аадырыскытын биэриҥ, быһаарыахпыт. Ростелекомы кытта кэмиттэн кэмигэр көрсөбүт, онно Кырдьаҕас Табаҕа боппуруоһун көтөҕүөхпүт диэн эрэннэрэбин. Хатаска, Мархаҕа, Саталга, Тулагыга оптоволокно суоҕа чахчы элбэх күчүмэҕэйдэри үөскэтэр.
“Родничок” уһуйаан сэбиэдиссэйэ иһэр уу кыһалҕатын кэпсээтэ, бэйэбитигэр туспа скважина наада диэтэ.
ОДьКХ Департаменын салайааччыта Дина Николаева: –Билигин Дьокуускай социальнай-экономическай сайдыытын торумнуур өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах докумуон бэлэмнэнэр. Онно Табаҕа бу кыһалҕата киирэ сылдьар. 2025 сылга диэри боппуруос быһаарыллыаҕа. Быйыл 600 тыһ. солк. ууну тардыы техническэй бэлэмнэниитин докумуоннарын оҥорорго көрүлүннэ.
КАНГАЛААСКА СУПЕРКАМПУС ТУТУЛЛУОҔА
Эмиэ маннык хабааннаах отчуот Кангалаас бөһүөлэгэр олунньу 8 күнүгэр ыытылынна. Отчуот онлайн ыытыллыбыт буолан суругунан киирбит ыйытыыларга кылгастык тохтоон ааһыаҕыҥ:
–Туризмҥа сыһыаннаах бырайыактар бааллар дуо?
–СӨ 3 уонна 7,7 мөл. солк. граннарын ыллыбыт. Туризм ханнык көрүҥүн сайыннарарбытын быһаарыахха наада. Ойуур зоната үрдүк эппиэтинэһи ирдиир, – диэн бөһүөлэк баһылыга хоруйдаата.
А.Семенов – Үөрэхтээһин управлениетын салайааччыта: –Олунньу 11-12 күннэригэр үөрэх салаатын үлэһиттэрин мунньаҕа буолар. Спортивнай туризм федерациятын кытта үлэлиэхпит. Оскуолаларга маршрутнай хамыыһыйалар үлэлиэхтэрэ. Хас биирдии оскуолаҕа бэрэстэбиитэл баар буолуоҕа. Судургу маршруттарынан оҕолор туризмынан дьарыктанан спортивнай квалификация ылар кыахтаныахтара.
Е.Григорьев: –Манна туристичскай кластер тэриллиэхтээх. Этиилэри түмүөххэ, бырагыраама оҥоруохха.
–“Шахтер” спорт саалата хаһан чөлүгэр түһэриллиэҕэй?
Е.Григорьев: –2022 сылтан өрөмүөн үлэтэ саҕаланыаҕа. Быйыл бырайыактыыр-сметалыыр докумуон оҥоһуллар. Бу дьиэ чөлүгэр түһэр кыахтаах диэн хамыыһыйа түмүк таһаарбыта.
–Кангалааска устудьуоннар куораттара тутуллар үһү дуо?
Е.Григорьев: –Суперкампус идеята баар. Билигин кэпсэтиитэ баран эрэр. Бөһүөлэги сайыннарарга тирэх буолар тэрилтэ үөскүөн, үлэ миэстэтэ тахсыан наада. Кангалаас үөрэхтээһин киинэ буолуон баҕарабыт. Оччоҕо бөһүөлэк да сэргэхсийиэ, сайдыы да барыа этэ. Суперкампус диэн омук сирдэригэр наһаа баар көстүү. Тупсаҕай тутуулаах устудьуон ыччат комплекса буолар. Орто үөрэх кыһаларын барыларын биир сиргэ түмүөххэ сөп. Оччотугар куорат киин сирдэригэр 69000 кв. м. үөрэх дьиэтэ босхолонон, оскуолаларга бэриллиэн сөп.