04.12.2022 | 12:00

Дьүрүһүй, саха хомуһа!

Саха сиригэр Хомус күнэ 2011 сылтан бэлиэтэнэр. Бырааһынньык 1990 сыллаахха сэтинньи 30 күнүгэр Дьокуускайга аан дойду норуоттарын хомустарын музейа уонна киинэ аһыллыытыгар олохтоммута. Онтон ыла аан дойду ааттаах-суоллаах хомусчуттара бу дьоро күнү киэҥник бэлиэтииллэр.
Дьүрүһүй, саха хомуһа!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

2011 сыллаахха Гиннесс рекорда олохтоммута. Ол курдук, 1344 киһи хомуска биир тэҥҥэ оонньоон, саха хомуһун аан дойдуга суон сураҕырдыбыттара. 

Бүгүҥҥү күҥҥэ  Аан дойду норуоттарын хомустарын музейа – аан дойду үрдүнэн хомус үөскээбит историятын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэр соҕотох тэрилтэ. Музей научнай пуондатын сэбиэдиссэйэ Вера Васильевна Бурнашева биһиги ааҕааччыларбытыгар хомус туһунан сэдэх уонна интэриэһинэй чахчылары кэпсээтэ.

 

Дьыл түөрт кэмэ

Софья Акимова Бүлүү улууһуттан төрүттээх, бу көстөр ураты айымньыта дьыл түөрт кэмин ойуулуур. Музей биир киэн туттар экспоната буолан турар. Бу тайах муоһуттан кыһыллыбыт оҥоһук.

 

Сэдэх көстүү

Хомус музейыгар киһи булбут хомуһун аҕалан туттарыан, быыстапкаҕа биэриэн сөп. Сэдэх экспонаттар ордук дьиэни көтүрэр, саҥа дьиэни тутар кэмҥэ көстөн кэлэллэр эбит. Сорохтор сири хорута сылдьан сир анныттан, сорохтор өтөхтөртөн, үрэхтэртэн, хонууттан булаллар.

Бу көстөр хомустар кимнээх уонна ханнык кэмҥэ кичэйэн оҥорбуттара биллибэт.

 

Күлүмүрдэс хомустар

Былыргы хомустар уһаарыллыбыт тимиринэн оҥоһуллаллара, ол иһин дьыл-хонук ааһан  истэҕин ахсын дьүһүннэрэ хараарара, дьэбин сиирэ. Николай Петрович Бурцев – сахалартан бастакынан хомус тас өттүн күлүмүрдүүр, килэбэчитэр гына оҥорбут уус. Кини «хромирование” диэни киллэрбит.

Кэрэ кыыска

Саха дьахтара хас ыһыах аайы сахалыы мааны таҥаһын кэтэр, киэргэллэрин иилинэр. Н.И. Потапов-Дабайар Уус үрүҥ көмүстэн илин кэбиһэри оҥорбут, саамай уратыта диэн хомус угар хармааннаах. Хомусчут кыыс кэтэ сылдьарыгар сүрдээх табыгастаах. Бу илин кэбиһэри өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр ыытыллар тэрээһиннэргэ, быыстапкаларга элбэхтик көрдөрөллөр.

 

Уустар уран тарбахтарынан

Саха уустара ноталарынан арааран сэттэ араас тыастаах хомуһу оҥорбуттар. Нуотаны билэр сэттэ оҕо хомуһу ыллатыан сөп.

 

Хахтаах хомус

Бу Үөһээ Бүлүү улууһугар олоро сылдьыбыт Агит Алексеев хомуһа. Кини хомус хаҕын хаппахчылаах гына оҥоробут.

 

Биир ураты көстүү

Үс оонньонор хомус 3D композициянан оҥоһуллубут. Ол эбэтэр үс өттүттэн көрдөххүнэ биир хомус турарын курдук.

 

Кыыл тииһэ

Хомуһу уус хайдах баҕарар кичэйэн оҥорор кыахтаах эбит. Ол, биллэн турар, кини маастарыстыбатын, мындырын, таһымын көрдөрөр. Сорох талба талааннаахтар, бэл диэтэр,  кыыл тииһиттэн, тиит олоҕуттан оҥороллор.

 

Космоска тиийэ

2011 сыллаахха ахсынньы 21 күнүгэр саха хомуһа космос куйаарыгар көппүтэ. Лоп курдук биир сылынан – 2012 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр эргиллибитэ. 

 

Фредерик Крейи өҥөтө

Фредерик Крейи уонна Хомус Уйбаан 1980-с сыллар бүтүүлэриттэн билсэллэр эбит. Бу киһи Америкаҕа Хомус конгреһын тэрийэр, ол саҕана Сэбиэскэй Сойуус, ыллыҥ даҕаны омук сиригэр тиийбэккин. 1991 с. иккис конгресс Саха сиригэр ыытыллар, манна араас дойдулартан элбэх кыттааччы тоҕуоруспут. Онно Фредерик Крейи бэйэтэ эмиэ кэлбит. Кэнники, 2000 сыллар саҕана, сахаларга бэйэтэ муспут коллекциятын, сүүстэн тахса хомуһу бэлэхтээбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...