02.07.2020 | 11:58

Дьөһөгөй дьайыыта күүстээх

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир
  • ИЛ ДАРХАН БИРИИҺИН МАЙН  КЕНИГ ҮСҮҺҮН ЫЛЫА ДУО?
  • АЛТА СҮҮРҮҮ БИРИИҺИН ФОНДАТА—Төһөнүй?

Аҕыс аамай

Быйыл сааскыттан коронавирус барыны-бары булкуйда. Дьөһөгөй оҕотугар сүгүрүйээччилэри да сүгүннээбэтэ. “Аттар хаһан сүүрэллэр?” диэн ыйытыы бөҕө социальнай ситимҥэ күн аайы хос-хос элбэхтик күөрэйэр. Ол ахсын арыт  буолар үһү диэн үөрдэр, үксүгэр буолбат үһү диэн хомотор. Кэлин бэс ыйын бүтүүтэ ыытыллар буолла диэн биллэрии дуораана сүтэ илигинэ,аныааспыт бээтинсэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ сайыҥҥы ат сүүрүүлэрин боппуттар диэн официальнай биллэрии тахсыбыта. Ити сурах тыһыынчанан аты таптааччыларга этиҥ эппитин курдук иһиллибитэ. Социальнай ситимнэргэ сүгүрүйээччилэр хомойбуттарын биллэрбиттэрэ.    

Арассыыйа атын регионнарыгар, коронавирус биһигиннээҕэр да тарҕаммыт сирдэригэр кытта аты сүүрдүү ыам ыйыттан саҕаламмыта. Биһиэхэ тоҕо ыытыллыа суохтааҕый? Айдаан бөҕө.

Онтон эмискэ бэс ыйын 29 күнүгэр „Саха“ НКИХ киэһээҥҥи сонуннарыгар Ил Дархан бирииһэ от ыйын 4 күнүгэр ыытыллар буолбутун биллэрдэ.

Быһаарыы үөрдүүтэ

Ил Дархан Айсен Сергеевич  Николаев дьону уоскуппут уонна астыннарбыт  быһаарыытыттан:

“... Кэнники кэмҥэ коронавирус тарҕаныыта аччаабытынан «ат сүүрдүүтүн ыытыыга чэпчэтиилэри оҥоруохха сөп эбитэ буолуо дуу» диэн биһиги ырытан көрдүбүт. Ону Суһал штаб да, эпидемия балаһыанньатын кэтиир уорганнар даҕаны, урукку курдук элбэх киһи мустуулаах ат сүүрдүүтүн ыытар сатаммат диэн бобуу кытаанаҕа. Ол иһин, Бырабыыталыстыба өттүттэн этии киирэн, бу күннэргэ “Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтүн быйыл тохтотуохха” диэн информация барбыт. Миэхэ тус бэйэбэр ат сүүрдүүтүн ыытар туһунан этиилээх балайда элбэх киһи суруйда — сылгыһыттар, ат сүүрдээччилэр, бу спорт көрүҥүн сэҥээрэр дьон. Мин бэйэм Ат спордун федерациятын үгүс сылларга салайбытым, ол иһин ат сүүрдүүтүн, сахалар биир саамай таптыыр көрүҥмүтүн, хайаан даҕаны өйүөх тустаахпыт диэн санаалаахпын. Бу күннэргэ элбэх кэпсэтии түмүгүнэн быһаарыыбыт бу курдук буолла — Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтэ от ыйын 4 күнүгэр Дьокуускайга баар Тыа хаһаайыстыбатын агротехнологическай университетын ипподромугар ыытыллыаҕа. Ол гынан баран, бу тэрээһин көрөөччүтэ суох ааһыахтаах. «Саха» НКИХ ханаалыгар уонна интэриниэтинэн быһа холбонуулар баар буолуохтара, ол туһунан сөптөөх дьаһаллар бардылар. Ити курдук, ат сүүрдүүтүн таптааччылар ипподром трибунатыгар олорон буолбакка, тэлэбиисэр, интэриниэт нөҥүө куоталаһыыны көрөн, хааммыт оонньоон, үөрэн-көтөн үчүгэй куоталаһыыны көрүөхпүт диэн эрэллээхпит...”  

Дьэ онон, саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бирииһэ сарсыарда 09.00 чаастан ыытыллар. Уопсайа алта сүүрдүү буолар. „САХА“ НКИХ уонна ютуб ханааллар күрэхтэһиилэри быһа биэриинэн көрдөрүөхтээхтэр.

Бастыҥнары билиһиннэрии

Ил Дархан Айсен Николаев  уонна Ил Түмэн дьокутаата, ат сүүрүүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын салайааччыта Иван Слепцов

– Оҕо эрдэхпиттэн ат сүүрүүтүн сэҥээрбитим, -- диир Ил Түмэн дьокутаата Иван Иванович Слепцов. – Ипподромҥа аттары аһатыыга, хаамтарыыга кырабыттан кыттыспытым. Ол зоотехник идэтин таларбар сирдээбитэ.

Итини истэн баран, кинини өрөспүүбүлүктээҕи ипподромнаах тэрилтэ салайааччытын эрэ быһыытынан буолбакка,  чахчы сыһыаннаах киһи ат спордун  өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт эбит дии санаатым. Ол да иһин бу баһылык бирииһигэр сүүрүүнү тэрийиигэ улуустар федерацияларын кытта Ил Дархаҥҥа көҥүллүүрүгэр туруорсар сурукка биир көҕүлээччи буолан илии баттаһан тиһэххэ тиэрдиспит.  Кинилиин кэпсэтиибитин  историяттан саҕалаатыбыт.   

Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын бирииһэ 2005 сылтан ыытыллар, – кэпсээнин саҕалыыр Иван Иванович Слепцов. – Онно бастакынан биэтэккэ Ривер Де Фео (Нам улууһа) кэлбитэ. (Маастар-тренер С.П.Ядреев). Онтон икки сыл субуруччу  2006-2007 сс. -- Шаддат, Мэҥэ Хаҥалас. (Маастар-тренер В.А.Игнатьев) бастаабыта. 

Ити кэнниттэн кыайыылаахтарынан буолбуттара:

2008 c.  Боцман, Хаҥалас улууһа. Маастар-тренер Н.П.Ядреев.

2009 с. Данк Шот, Мэҥэ Хаҥалас.  Маастар-тренер В.А.Игнатьев.

Онтон үс сыл субуруччу Спид Стар (Дьокуускай. “Сахаплемхолбоһук”) хоруоллаабыта. Маастар-тренер 2010-2011 cc. C.П..Ядреев, 2012 тренер Е.Н.Оконешников.

2013 с. Нейко, Мэҥэ Хаҥалас. Маастар-тренер В.А.Игнатьев.

2014 с. Коммендант, Нам. Маастар-тренер С.П.Ядреев

2015 с. Рашен Дэй, Хаҥалас. Тренер И.И.Ушницкай.

2016 с. Хевенли Стид, Нам. Маастар-тренер С.П.Ядреев.

2017 с. Майн Кениг,  Чурапчы. (Тренер Д.С. Осипов)

2018 с. Форлан, Амма.  (Маастар-тренер А.А.Баишев)

2019. Майн Кениг, Чурапчы. (тренер Д.С.Осипов)

Спид Стар үстэ, Майн Кениг иккилиитэ биэтэккэ инники кэлбиттэр. Атын аттар бииртэн ордук бастыы иликтэр. Баһылык бириистэринэн маастар-тренердэртэн С.Ядреев биэстэ, В.Игнатьев түөртэ, онтон тренер Д.Осипов иккитэ наҕараадаламмыттара.

--Быйылгы сүүрүүгэ талыллыбыт соргулаах соноҕостору  билиһиннэр эрэ.

--Испииһэккэ уон соноҕос киирдэ. Ити нүөмэрдэр сэрэбиэйдэһиинэн уларыйыаҕа. Бастакынан сурулунна: Майн Кениг – Чурапчы улууһун  ат сүүрдүүтүгэр федерацията атыыласпыта. 2017, 2019 сылларга Ил Дархан бириистэрин кыайыылааҕа. Быйыл үһүс төгүлүн баһылык бирииһин ыларга дьулуһар, бэлэмэ үчүгэй. 2013 с.т. АХШ-ка төрөөбүтэ, Арассыыйатааҕы түһүлгэҕэ икки сааһыттан  4-тэ сүүрбүтэ. Тренерэ -- Осипов Дмитрий Семенович, сүүрдээччитэ –  Куличкин Анатолий Александрович.

2. Джафар – АХШ-гар 2013  с.т. Арассыыйатааҕы түһүлгэлэргэ 12-тэ кыттан,  иккитэ  2-с миэстэни, түөртэ үһүс миэстэни ылбыта. Икки төрдүс миэстэлээх. Сүүйбүт суумата –  241210 солкуобай. Эҥсиэли Кубогын кыайыылааҕа. Хаҥаласка 2015  c. кэлбитэ. Тренерэ – Ушницкай Иван Иванович, сүүрдээччитэ – Кычкин Дмитрий Владимирович.

3. Корабиан  Бой – 2014 сыллаахха Ирландияҕа төрөөбүтэ, Үөһээ Бүлүү улууһа. Арассыыйатааҕы сырсыыларга 16-та сүүрбүтэ, кыайыыта  4,  10 бириистээх миэстэлээх. Сүүйүүтэ –  988640 солкуобай. 2017 сыллаахха “Лээги Кубога” кыайыылааҕа. Тренер-сүүрдээччи Алексей Васильевич Сторчеус.

4. Блек Джет – Мэҥэ Хаҥалас улууһа. 2014 сыллаахха төрөөбүтэ. Арассыыйатааҕы күрэхтэһиитэ – 14,  2 кыайыылаах.  7 бириистээх миэстэлээх. Сүүйүүтэ – 286200 солкуобай, 2018 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын  бирииһигэр  2-с миэстэлээх. Тренерэ уонна сүүрдээччитэ –  Егор Николаевич Оконешников.

5. Анкенди – Чурапчы улууһа. 2015 с.т.  Арассыыйатааҕы күрэхтэһиитэ –  8.  2 кыайыылаах,  4  бириистээх миэстэлээх. Маалтааны Кубогын уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Кубогын кыайыылааҕа. Тренер Осипов Дмитрий Семенович, сүүрдээччитэ – Валентин Валентинович Иванов.

6. Альтер – Уус Алдан улууһа. 2012 с.т.  Арассыыйатааҕы сүүрүүтэ – 3, биир бириистээх миэстэлээх. Чааһынай бас билээччи Петр Петрович Бечеканов,  сүүрдээччи – Николай Александрович Терентьев.

7. Мэйзи Кинг – “Строд”  ТХПК, Амма улууһа. 2015 с.т., тренер Николай Николаевич Громов, сүүүрдээччи - жокей Спиридон Васильевич Тимофеев.

8. Есаул, Нам улууһа. 2015 с.т. Арассыыйатааҕы күрэхтэһиитэ – 7, 1 кыайыылаах, 4 бириистээх миэстэлээх. Сүүйүүтэ – 62000 солкуобай. Чааһынай бас билээччи  С.М.Павлов, маастар-тренер Сергей Петрович Ядреев, сүүрдээччи Иннокентий Валентинович Иванов.

9. Брокер Барс, Мэҥэ Хаҥалас улууһа – 2015 с.т. Арассыыйаҕа барыта  18-та сүүрбүт,  2 кыайыылаах, 10 бириистээх миэстэлээх, сүүйбүт суумата –  1 мөл. 52 тыһ.солкуобай. Маастар-тренер Василий Анатольевич Игнатьев, маастар-ат сүүрдээччи Виталий Владимирович Петров.

10. Свидетель Барс, “Данилофф” ХЭТ, Амма улууһа. 2015 с.т. Арассыыйаҕа барыта  19-та сүүрбүт,  3 кыайыылаах, 11 бириистээх миэстэлээх, Пятигорскайга Дерби кыайыылааҕа. Сүүйбүт суумата – 1 мөл. 618 тыһ. 250 солк. Маастар-тренер Анатолий Анатольевич Баишев, ат сүүрдээччи Семен Михайлович Гаврильев.

– Сүүрэргэ бэлэмнээри аттары киин ипподромҥа эрдэ аҕалааччылар. Быйыл дьаҥ кэмигэр хайдах гыннылар?

Ыам ыйыттан аҕалбыттара. Харантыын эрэсиимин тутуһууну күүскэ ирдиибит. Сүүмэрдээһини бэс ыйын 15 күнүгэр көрөөччүтэ суох ыыппыппыт. Аттар бэлэмнэрэ үчүгэй.

– Ил Дархан бирииһигэр 2400 м сүүрүү пуондата – 5 мөлүйүөн солк. Хайдах үллэриллэрий?

Бастаабыт аты сүүрэргэ бэлэмнээбиттэргэ – 50 бырыһыана, иккис тахсыбыт соноҕос  дьонугар – 1 мөлүйүөн 250 тыһыынча солкуобай, үһүс-төрдүс бириэмэни көрдөрбүттэргэ — 750-500 тыһыынчалыы солк. Атын сүүрүүлэргэ эмиэ итинник  кээрэтиллэн сертификаттар туттарыллыахтара.   

– Ити күн барыта алта сүүрүү буолуохтаах. Онно ханнык дистанцияларга, төһө бириискэ, хастыы ат сүүрэрий?

– 800 миэтэрэҕэ “Сайыҥҥы” бириискэ – 100 тыһыынча солк. Спонсор “Алмаасэргиэнбаан”,  сэттэ тый сүүрэргэ испииһэккэ киирдэ.

Иккис сүүрүүгэ 1000 м  биэс ат -- “Критериум” бирииһэ – 125 тыһыынча солк. Спонсора РИК өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестхампаанньа.  

1600 м биэс ат сүүрэр. “Окс” бирииһэ -- 125 тыһыынча солк. “Саха сирин тимир суоллара” АУо спонсордыыр. 

2000 м “Югория” страховой хампаанньа. 150 тыһ. солк.

БЭҺИС СҮҮРҮҮ. 2400 м. ИЛ ДАРХАН БИРИИҺЭ.

Алтыс сүүрүү. 3200 мБырабыыталыстыба бирииһэ – 250 тыһ. солк. – Түөрт саастаах ыраас хааннаах сүүрүк боруода  уон ат киириэ.

– Сүүрүүгэ ыраас хааннаах арҕааттан аҕалыллар аттар элбииллэр.  Ити манна төрөөбүт аттарга туспа бириис суох буоллаҕына, селекциянан дьарыктаныыга ким да кыһаныа суох курдук. 

– Ону эмиэ саныыбыт.

Холобур, “Югория” бирииһигэр манна  төрөөбүт ыраас хааннаах аттар сүүрэллэр. “Окс” –ка, о.д.а. булкаас  хааннаахтар киирэллэр.

Баҕарыы

Бу суруйууну  Ил Дархан маннык баҕарыытынан түмүктүүбүт.

„ ... Кырдьык, биһиэхэ, сахаларга Дьөһөгөй оҕотун сүүрдүү – омукпут биир уратыта буолан, этэргэ дылы, өйбүтүгэр-санаабытыгар, сүрэхпитигэр-быарбытыгар, эппитигэр-хааммытыгар быдан чугас. Саха дьоно окко киириэх иннинэ дуоһуйа сынньанан, ат сүүрдүүтүн тэрийэн, аны күһүҥҥэ диэри ханнык ат хайдах курдук кэрэтик сүүрэн, кылбардык кыайбытын кэрэ кэпсээн, уос номоҕо оҥостор үгэстээх. Син ол кэриэтэ, буолаары турар сүүрдүүттэн элбэҕи кэтэһэбит.

Бу түгэҥҥэ биири өйдүөх тустаахпыт. Билигин, ыарыы тэнийэн турар ыарахан кэмигэр хайдах курдук улахан кэпсэтиинэн, туруорсуунан ат сүүрдүүтэ тэриллэр буолбутун. Маныаха, бастатан туран, сылгыһыттар, сүүрүк аттары баайааччылар, сүүрдээччилэр уонна бу күрэхтэһиини тэрийээччилэр сыралаах үлэлэрин сыаналаан, тэрээһин туох-баар ирдэбилин бары биир киһи курдук толоруохтаахпыт. Кинилэри түһэн биэриэ суохтаахпыт. Ол аата, ипподромҥа биир да киһи кэлиэ суохтаах, бары тэлэбиисэринэн, интэриниэтинэн көрүөхтээхпит. Туһааннаах тэрилтэлэр син биир хонтуруоллаан, бу тэрээһин түмүгэр бэйэлэрэ сыана оҥоруохтара. Онуоха барыта этэҥҥэ буоларыгар баҕарыаҕыҥ.Вася, отдельная колонка. фото  Александр Лиханов на верху.

УРААҤХАЙЫ УФА УРУЙДУУР

Иннокентий Аммосов

Саха сирин ыччата Александр Лиханов бу өрөбүлгэ Уфа «Акбузат» ипподромугар үс сүүрдүүтүгэр иккитэ кыайбыт, бииригэр иккис кэлбит. 

«Уфа куорат бирииһигэр»  Ноубл Гест диэн атыырынан 2000 м бастаабыт. «Аналогичнай бирииһигэр» 1630 м. Леди Юфория биэнэн иккис кэлбит.  Бу күннээх сүүрдүү улахан бирииһигэр «Сайыҥҥы улахан бириискэ» 1630 м Аркат диэн үстээх, тураҕас атыырынан 1 м. 45 с. 4 көрдөрөн  биэтэккэ инники кэлбиттэр. 

Александр Лиханов үгэс буолбут бириистэргэ бастаан уонна миэстэлэһэн бэрт ситиһиилэрдээх. Докумуон оҥоһулуннаҕына, Арассыыйа маастар-жокейа буолар кыахтаах. Эдэр киһибитигэр салгыы ситиһиилээхтик сүүрдэригэр баҕарабыт. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....