Дьөһөгөй дьайыыта күүстээх
Быйыл сааскыттан коронавирус барыны-бары булкуйда. Дьөһөгөй оҕотугар сүгүрүйээччилэри да сүгүннээбэтэ. “Аттар хаһан сүүрэллэр?” диэн ыйытыы бөҕө социальнай ситимҥэ күн аайы хос-хос элбэхтик күөрэйэр. Ол ахсын арыт буолар үһү диэн үөрдэр, үксүгэр буолбат үһү диэн хомотор. Кэлин бэс ыйын бүтүүтэ ыытыллар буолла диэн биллэрии дуораана сүтэ илигинэ, аны ааспыт бээтинсэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ сайыҥҥы ат сүүрүүлэрин боппуттар диэн официальнай биллэрии тахсыбыта. Ити сурах тыһыынчанан аты таптааччыларга этиҥ эппитин курдук иһиллибитэ. Социальнай ситимнэргэ сүгүрүйээччилэр хомойбуттарын биллэрбиттэрэ.
Арассыыйа атын регионнарыгар, коронавирус биһигиннээҕэр да тарҕаммыт сирдэригэр кытта аты сүүрдүү ыам ыйыттан саҕаламмыта. Биһиэхэ тоҕо ыытыллыа суохтааҕый? Айдаан бөҕө.
Онтон эмискэ бэс ыйын 29 күнүгэр „Саха“ НКИХ киэһээҥҥи сонуннарыгар Ил Дархан бирииһэ от ыйын 4 күнүгэр ыытыллар буолбутун биллэрдэ.
Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев дьону уоскуппут уонна астыннарбыт быһаарыытыттан:
“... Кэнники кэмҥэ коронавирус тарҕаныыта аччаабытынан «ат сүүрдүүтүн ыытыыга чэпчэтиилэри оҥоруохха сөп эбитэ буолуо дуу» диэн биһиги ырытан көрдүбүт. Ону Суһал штаб да, эпидемия балаһыанньатын кэтиир уорганнар даҕаны, урукку курдук элбэх киһи мустуулаах ат сүүрдүүтүн ыытар сатаммат диэн бобуу кытаанаҕа. Ол иһин, Бырабыыталыстыба өттүттэн этии киирэн, бу күннэргэ “Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтүн быйыл тохтотуохха” диэн информация барбыт. Миэхэ тус бэйэбэр ат сүүрдүүтүн ыытар туһунан этиилээх балайда элбэх киһи суруйда — сылгыһыттар, ат сүүрдээччилэр, бу спорт көрүҥүн сэҥээрэр дьон. Мин бэйэм Ат спордун федерациятын үгүс сылларга салайбытым, ол иһин ат сүүрдүүтүн, сахалар биир саамай таптыыр көрүҥмүтүн, хайаан даҕаны өйүөх тустаахпыт диэн санаалаахпын. Бу күннэргэ элбэх кэпсэтии түмүгүнэн быһаарыыбыт бу курдук буолла — Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтэ от ыйын 4 күнүгэр Дьокуускайга баар Тыа хаһаайыстыбатын агротехнологическай университетын ипподромугар ыытыллыаҕа. Ол гынан баран, бу тэрээһин көрөөччүтэ суох ааһыахтаах. «Саха» НКИХ ханаалыгар уонна интэриниэтинэн быһа холбонуулар баар буолуохтара, ол туһунан сөптөөх дьаһаллар бардылар. Ити курдук, ат сүүрдүүтүн таптааччылар ипподром трибунатыгар олорон буолбакка, тэлэбиисэр, интэриниэт нөҥүө куоталаһыыны көрөн, хааммыт оонньоон, үөрэн-көтөн үчүгэй куоталаһыыны көрүөхпүт диэн эрэллээхпит...”
Дьэ онон, саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бирииһигэр Ат сүүрдүүтэ от ыйын 4 күнүгэр күнүс 15.00 чаастан ыытыллар. Уопсайа алта сүүрдүү буолар. „САХА“ НКИХ уонна ютуб ханааллар күрэхтэһиилэри быһа биэриинэн көрдөрүөхтээхтэр.
Бастыҥнары билиһиннэрии
– Оҕо эрдэхпиттэн ат сүүрүүтүн сэҥээрбитим, -- диир Ил Түмэн дьокутаата Иван Иванович Слепцов. – Ипподромҥа аттары аһатыыга, хаамтарыыга кырабыттан кыттыспытым. Ол зоотехник идэтин таларбар сирдээбитэ.
Итини истэн баран, кинини өрөспүүбүлүктээҕи ипподромнаах тэрилтэ салайааччытын эрэ быһыытынан буолбакка, чахчы сыһыаннаах киһи ат спордун өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт эбит дии санаатым. Ол да иһин бу баһылык бирииһигэр сүүрүүнү тэрийиигэ улуустар федерацияларын кытта Ил Дархаҥҥа көҥүллүүрүгэр туруорсар сурукка биир көҕүлээччи буолан илии баттаһан тиһэххэ тиэрдиспит. Кинилиин кэпсэтиибитин историяттан саҕалаатыбыт.
– Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын бирииһэ 2005 сылтан ыытыллар, – кэпсээнин саҕалыыр Иван Иванович Слепцов. – Онно бастакынан биэтэккэ Ривер Де Фео (Нам улууһа) кэлбитэ. (Маастар-тренер С.П.Ядреев). Онтон икки сыл субуруччу 2006-2007 сс. -- Шаддат, Мэҥэ Хаҥалас. (Маастар-тренер В.А.Игнатьев) бастаабыта.
Ити кэнниттэн кыайыылаахтарынан буолбуттара:
2008 c. Боцман, Хаҥалас улууһа. Маастар-тренер Н.Ф.Реев.
2009 с. Данк Шот, Мэҥэ Хаҥалас. Маастар-тренер В.А.Игнатьев.
Онтон үс сыл субуруччу Спид Стар (Дьокуускай. “Сахаплемхолбоһук”) хоруоллаабыта. Маастар-тренер 2010-2011 cc. C.П..Ядреев, 2012 тренер Е.Н.Оконешников.
2013 с. Нейко, Мэҥэ Хаҥалас. Маастар-тренер В.А.Игнатьев.
2014 с. Коммендант, Нам. Маастар-тренер С.П.Ядреев
2015 с. Рашен Дэй, Хаҥалас. Тренер И.И.Ушницкай.
2016 с. Хевенли Стид, Нам. Маастар-тренер С.П.Ядреев.
2017 с. Майн Кениг, Чурапчы. (Тренер Д.С. Осипов)
2018 с. Форлан, Амма. (Маастар-тренер А.А.Баишев)
2019. Майн Кениг, Чурапчы. (тренер Д.С.Осипов)
Спид Стар үстэ, Майн Кениг иккилиитэ биэтэккэ инники кэлбиттэр. Атын аттар бииртэн ордук бастыы иликтэр. Баһылык бириистэринэн маастар-тренердэртэн С.Ядреев биэстэ, В.Игнатьев түөртэ, онтон тренер Д.Осипов иккитэ наҕараадаламмыттара.
-Быйылгы сүүрүүгэ талыллыбыт соргулаах соноҕостору билиһиннэр эрэ.
-Испииһэккэ уон соноҕос киирдэ. Ити нүөмэрдэр сэрэбиэйдэһиинэн уларыйыаҕа. Бастакынан сурулунна: Майн Кениг – Чурапчы улууһун ат сүүрдүүтүгэр федерацията атыыласпыта. 2017, 2019 сылларга Ил Дархан бириистэрин кыайыылааҕа. Быйыл үһүс төгүлүн баһылык бирииһин ыларга дьулуһар, бэлэмэ үчүгэй. 2013 с.т. АХШ-ка төрөөбүтэ, Арассыыйатааҕы түһүлгэҕэ икки сааһыттан 4-тэ сүүрбүтэ. Тренерэ -- Осипов Дмитрий Семенович, сүүрдээччитэ – Куличкин Анатолий Александрович.
2. Джафар – АХШ-гар 2013 с.т. Арассыыйатааҕы түһүлгэлэргэ 12-тэ кыттан, иккитэ 2-с миэстэни, түөртэ үһүс миэстэни ылбыта. Икки төрдүс миэстэлээх. Сүүйбүт суумата – 241210 солкуобай. Эҥсиэли Кубогын кыайыылааҕа. Хаҥаласка 2015 c. кэлбитэ. Тренерэ – Ушницкай Иван Иванович, сүүрдээччитэ – Кычкин Дмитрий Владимирович.
3. Корабиан Бой – 2014 сыллаахха Ирландияҕа төрөөбүтэ, Үөһээ Бүлүү улууһа. Арассыыйатааҕы сырсыыларга 16-та сүүрбүтэ, кыайыыта 4, 10 бириистээх миэстэлээх. Сүүйүүтэ – 988640 солкуобай. 2017 сыллаахха “Лээги Кубога” кыайыылааҕа. Тренер-сүүрдээччи Алексей Васильевич Сторчеус.
4. Блек Джет – Мэҥэ Хаҥалас улууһа. 2014 сыллаахха төрөөбүтэ. Арассыыйатааҕы күрэхтэһиитэ – 14, 2 кыайыылаах. 7 бириистээх миэстэлээх. Сүүйүүтэ – 286200 солкуобай, 2018 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын бирииһигэр 2-с миэстэлээх. Тренерэ уонна сүүрдээччитэ – Егор Николаевич Оконешников.
5. Анкенди – Чурапчы улууһа. 2015 с.т. Арассыыйатааҕы күрэхтэһиитэ – 8. 2 кыайыылаах, 4 бириистээх миэстэлээх. Маалтааны Кубогын уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Кубогын кыайыылааҕа. Тренер Осипов Дмитрий Семенович, сүүрдээччитэ – Валентин Валентинович Иванов.
6. Альтер – Уус Алдан улууһа. 2012 с.т. Арассыыйатааҕы сүүрүүтэ – 3, биир бириистээх миэстэлээх. Чааһынай бас билээччи Петр Петрович Бечеканов, сүүрдээччи – Николай Александрович Терентьев.
7. Мэйзи Кинг – “Строд” ТХПК, Амма улууһа. 2015 с.т., тренер Николай Николаевич Громов, сүүүрдээччи - жокей Спиридон Васильевич Тимофеев.
8. Есаул, Нам улууһа. 2015 с.т. Арассыыйатааҕы күрэхтэһиитэ – 7, 1 кыайыылаах, 4 бириистээх миэстэлээх. Сүүйүүтэ – 62000 солкуобай. Чааһынай бас билээччи С.М.Павлов, маастар-тренер Сергей Петрович Ядреев, сүүрдээччи Иннокентий Валентинович Иванов.
9. Брокер Барс, Мэҥэ Хаҥалас улууһа – 2015 с.т. Арассыыйаҕа барыта 18-та сүүрбүт, 2 кыайыылаах, 10 бириистээх миэстэлээх, сүүйбүт суумата – 1 мөл. 52 тыһ.солкуобай. Маастар-тренер Василий Анатольевич Игнатьев, маастар-ат сүүрдээччи Виталий Владимирович Петров.
10. Свидетель Барс, “Данилофф” ХЭТ, Амма улууһа. 2015 с.т. Арассыыйаҕа барыта 19-та сүүрбүт, 3 кыайыылаах, 11 бириистээх миэстэлээх, Пятигорскайга Дерби кыайыылааҕа. Сүүйбүт суумата – 1 мөл. 618 тыһ. 250 солк. Маастар-тренер Анатолий Анатольевич Баишев, ат сүүрдээччи Семен Михайлович Гаврильев.
– Сүүрэргэ бэлэмнээри аттары киин ипподромҥа эрдэ аҕалааччылар. Быйыл дьаҥ кэмигэр хайдах гыннылар?
– Ыам ыйыттан аҕалбыттара. Харантыын эрэсиимин тутуһууну күүскэ ирдиибит. Сүүмэрдээһини бэс ыйын 15 күнүгэр көрөөччүтэ суох ыыппыппыт. Аттар бэлэмнэрэ үчүгэй.
– Ити күн барыта алта сүүрүү буолуохтаах. Онно ханнык дистанцияларга, төһө бириискэ, хастыы ат сүүрэрий?
– 800 миэтэрэҕэ “Сайыҥҥы” бириискэ – 100 тыһыынча солк. Спонсор “Алмаасэргиэнбаан”, сэттэ тый сүүрэргэ испииһэккэ киирдэ.
Иккис сүүрүүгэ 1000 м биэс ат Дьөһөгөй дьайыыта күүстээх- “Критериум” бирииһэ – 125 тыһыынча солк. Спонсора РИК өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестхампаанньа.
1600 м биэс ат сүүрэр. “Окс” бирииһэ - 125 тыһыынча солк. “Саха сирин тимир суоллара” АУо спонсордыыр.
2000 м “Югория” страховой хампаанньа. 150 тыһ. солк.
- ИЛ ДАРХАН БИРИИҺИН МАЙН КЕНИГ ҮСҮҺҮН ЫЛЫА ДУО?
- 2400 М СҮҮРҮҮ ПУОНДАТА - 5 МӨЛ. СОЛК. ХАЙДАХ ҮЛЛЭРИЛЛЭРИЙ?
Сиһилии "Киин куорат" хаһыат сарсыҥҥы нүөмэригэр ааҕыҥ.