11.07.2020 | 11:51

COVID-19 утары охсуһуу салҕанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Улуустан көмөҕө кэлэллэр

Коронавирус дьаҥа тарҕаныаҕыттан ыла, 3 ый устата бэйэ изоляциятын эрэсиимигэр дьиэҕэ хааллан олорон, ыраахтан үлэлээн, бары да олус сылайдыбыт. Оттон биһигиннээҕэр ыарахан усулуобуйаҕа үрүҥ халааттаах аанньалларбыт сылдьаллар. Төрүүр дьиэттэн саҕалаан, оҕо балыыһатыгар тиийэ вирустаах дьоҥҥо ананар бокстар арыллан үлэлээтилэр, инфекционнай салаалар аһылыннылар. Эмчиттэр дьиэ кэргэннэриттэн тэйэн, үлэлэрин сүрүн хайысхатын уларытан, үчүгэйдик үөрэтиллэ илик буолан, эмтииргэ да уустук, күүстээх ыарыыны утары охсуһууга сылдьаллар.

Төһө даҕаны хааччахтааһын эрэсиимиттэн тахсыы сыыйа саҕаламмытын үрдүнэн, коронавируска сутуллуу тохтуу илик. Кэнники көрдөрүүлэринэн, хааччахтааһын миэрэлэрэ сымнаабытын кэннэ, дьаҥ тарҕаныыта Дьокуускайга балтараа төгүл улаатта. Дьокуускай балыыһаларыгар эбии көмөҕө улуустан быраастар кэлэн үлэлииллэрэ элбэх.

Наталья Юрьевна Ефремова – Горнай улууһун киин балыыһатын фтизиатр бырааһа. Кини Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһаҕа кэлэн үлэлии сылдьар:

– Мин Горнайдааҕы киин балыыһаттан, Саха сиригэр бастакы коронавируска сутуллубут ыарыһахтар көстөн барбыттарыгар, ыҥырыллан үлэлии кэлбитим. Бастаан утаа пульмонология отделениетыгар анаммытым. Бэс ыйын ортотуттан инфекционнай отделениеҕа көһөрбүттэрэ.

Вируһу утары үлэҕэ улуустан балыыһаҕыт ыытар дуу, бэйэҕит баҕаҕытынан кэлэҕит дуу?

– Миигин ким даҕаны инфекцияны утары үлэҕэ бар диэн күһэйбэтэҕэ. Биллэн турар, кутталлаах, сэрэхтээх эрээри, бэйэм баҕабынан үлэлии сылдьабын. Фтизиатр быраас тыҥаны эмтиир, сэллиги кытта үлэлиир. Оттон бу коронавирустан ордук киһи тыҥата эмсэҕэлиир. Онон мин курдук анал идэлээхтэр ыарыһахтарга наада буолуохтара биллэр этэ.

Үлэлиир усулуобуйаҕыт хайдах тэрилиннэ?

– Үлэһиттэр бары “Лена” гостиницаҕа олохсуйбуппут. Хоско соҕотохтуу олорор буоламмыт, чуумпуга утуйан турар, сынньанар усулуобуйалаахпыт. Бэлэм аһы-үөлү аҕалаллар.

Дьоҥҥун, дьиэ кэргэҥҥин көрсүбэтэҕиҥ төһө ыраатта? Хаһан дойдугар барыах курдуккунуй?

– Бэйэм дьоммун көрбөтөҕүм ыйтан орто. Киһи олус ахтар. Дойдубар ыарыы намыраатаҕына эрэ барабын. Ол хаһан буолара билигин биллибэт...

Интэриниэт, социальнай ситимнэр олохпутугар хото киирэннэр, дьон үксэ бэйэтин эмтэнэри сатыыр курдук сананар буолла. Ханнык баҕарар ыарыы сибикилэрин интэриниэккэ көрөн баран, аптекаттан эмп ылан иһэн кэбиһиэхпитин сөп.

– Чахчы, оннук көстүү билигин баар. Дьон, бэйэлэрэ эмтэнэн баран, бырааска кыайан үтүөрбэтэхтэринэ эрэ кэлиэхтэрин сөп. Оннук сылдьан ханнык баҕарар ыарыыны аһара ыытан, баалатан, ыарахан туругар тиэрдэн кэбиһиэхтэрин, аны атын ыарыыларын бэргэтиэхтэрин сөп. Быраас буолбатах киһи, араас ыарыы сибикитин бутуйан, атын диагноз туруорунар. Онон хайаан да анал идэлээх бырааска көрдөрүммүттэрэ ордук.

Коронавирус көннөрү ОРВИ, грипп курдук ааһар ыарыы диэн сурах тарҕаммыта, ол кырдьык дуо?

– Бу вирус ханнык да ыарыыттан кутталлаах буоларын өйдүөххэ наада. Ситэ чинчийиллэ илик, үөрэтиллэ эрэ сылдьар саҥа ыарыы. Эдэр дьон уонна оҕолор, бу ыарыыны туох да сибикитэ суох аһарынар буоланнар, саастаах дьону сутуйаллар.

Бу вирус тыҥаҕа охсуута улахан – ыарыйдылар да, сэбиргэхтэтэн хаалаллар. Вируснай сэбиргэхтэтии саастаах дьоҥҥо эрэ буолар диэн сыыһа өйдөбүл тарҕанна. Билигин эдэр дьон, кыра оҕолор да пневмониялаан киирэллэрэ баар.

Бу ыарыы кэнниттэн тыҥа хас эрэ чааһа хатан хаалар диэтилэр. Тыҥа үлэтигэр, чөлүгэр түһэригэр хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?

– Коронавирус үөскэппит пневмониятын кэнниттэн, бу ыарыыга улаханнык баалаппыт дьоҥҥо тыҥаларыгар фиброз үөскүүр. Ол эрэн сорохторго үчүгэй баҕайытык барыта оһон хаалара эмиэ баар.

Ыарыы кэннэ тыҥаны чөлүгэр түһэрэргэ тыыныы гимнастиката, үчүгэй иҥэмтиэлээх ас-үөл, битэмиин көмөлөһүөхтээх. Өссө ыалдьыбат гына харыстаныахха наада. Маны таһынан, хайаан да чөл олоҕу тутуһуохтаахтар, оччоҕуна организм күүһүрэр кыахтанар.

Онон коронавирустаан баран үчүгэйдик бэйэни көрүннэххэ, быраастар сүбэлэрин кичэллээхтик  толорон истэххэ, олох хаачыстыбата улаханнык намтыа суохтаах дии саныыбын.

Манна саамай сүрүнэ – ыарыйдылар да быраастары ыҥырыахтарын наада, ыарыы улаханнык тыҥаҕа тарҕана илигинэ медицинскэй көмөнү ылан барыахтаахтар. Оччоҕуна кэлин фиброз хаалар содула кыччыыр.

Фтизиатр бырааска хаһан тиийиэхтээхпитий?

– Фтизиатр диэн сэллик ыарыыны эмтиир быраас. Онон фтизиатрга сэллик сабаҕаланар буоллаҕына эрэ кэлэллэр.

Сэллик ыарыыны хайдах сэрэтиэхтээхпитий? Прививкаттан, оннооҕор мантуттан аккаастанар төрөппүттэр баар буоллулар дии...

– Сэллик ыарыыны сэрэтэргэ кыра оҕолорго БЦЖ оҥоһуллар. Оттон улахан дьон сылга биирдэ хайаан да ФЛГ түһэллэрэ тоҕоостоох. Ханнык баҕарар киһи бэйэтин бэйэтэ харыстаныахтаах. Ол аата олоҕун-дьаһаҕын укулаата барыта чөл туруктаах сылдьарга төһүү буолуохтаах. Ыарыы үөскүүр биир сүрүн төрүөтэ стресс буоларын өйдөөн, бэйэ-бэйэбитигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарбыт наада.

Сэбиргэхтэтии  эбэтэр сэллик кэннэ организм чөлүгэр түһэригэр сүрүннээн туох туһалыырый?

– Биллэн турар, сөпкө аһааһын, чөл олох, сөптөөх реабилитация наада. Ыраас, чэбдик салгыҥҥа сылдьыы, анал санаторийдарга сынньаныы көмөлөһөр.

Сэллигинэн нэһилиэнньэ ордук көмүскэлэ суох, кыаммат араҥата эрэ ыалдьар диэн сыыһа өйдөбүл уопсастыбаҕа баара кистэл буолбатах. Дьиҥэ, сэллигинэн ким баҕарар ыалдьар, ыарыыны киһи талан дуу, атыылаһан дуу ылбат буоллаҕа.

Киһи тыынар уоргана суох тыыннаах хаалар кыаҕа суох. Онон харыстана сылдьыҥ, доруобуйаҕытыгар болҕомтолоох буолуҥ, коронавирустан сэрэниҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....