11.12.2020 | 13:18

COVID-19 уонна электроннай гаджеттар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Пандемия кэмигэр ханнык гаджеттар чахчы туһалаахтарый?

Коронавирус – уодаһыннаах ыарыы. Вирус организмҥа киирээт киһини сиэн барар, ону тутатына билэр кыахпыт суох. Коронавируһу утары үлэлии сылдьар  быраастар сүбэлииллэринэн, кэмиттэн-кэмигэр бэйэ туругун хонтуруоллааһын, доруобуйаны диагностикалааһын тоҕоостоох буолуо дииллэр.

Билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии дьиэҕэ ханнык электроннай медицинскэй тэрил баар буолуохтааҕын уонна бу тэриллэр туох туһалаахтарын быһаарыахпыт.

ТЕМПЕРАТУРАНЫ КЭЭМЭЙДИИР

Хас биирдии балыыһаҕа, поликлиникаҕа киирэр ааҥҥа илиилэригэр дьоҕус кээмэйдээх температура бэрэбиэркэлиир исписэлиистэри көрсөр буоллубут. Омос көрдөххө, баттах куурдар «феҥҥа” майгынныыр тэрил. Бу пирометр диэн буолар – дистанционнай цифровой термометр.

Билигин дьиэ усулуобуйатыгар тепмератураны быһаарарга көдьүүстээх инструмент. Сүрүнэ – ыраахтан туран эрэ, киһи температуратын бэрэбиэркэлиибит. Былыргы ртутнай термометрдааҕар быдан ордук уонна ити алдьаныа, бу ртуть тоҕо түһүө диэн куттаммаппыт.

Прибор сыаната араас эбит. Пандемия бастаан аймалҕаны таһаарарын саҕана, цифровой термометр сыаната 10-15 тыһ. солк. тиийэ сылдьыбыта. Дьокуускай куоракка аҕыйах аптекаттан эрэ ртутнай прибордары буолуохха сөп,  сыаната – 450 солк. саҕалаан буолбут. Оттон электроннай прибору булар ыарахан.

ХААН БАТТААҺЫНЫН БЭРЭБИЭРКЭЛИИР

Кытай уонна Ирландия курдук сайдыылаах дойдулар учуонайдара быһаарбыттарынан, артериальнай гипертониялаах киһи, бу саҥа вируска хаптарара уонна олохтон туоруура элбэх эбит. Онон дьиэ эмтиэкэтигэр тонометр хайаан да наада.

Саамай боростуой тонометр сыаната 1 тыһ. солк. Электроннай – 20 тыһ. тиийэ баар. Хаан баттааһынын таһымын билии, сүрэх хайдах тэбэрин билэр туһуттан бу тэрил хайаан да дьиэҕэ баар буолуохтаах диибит.

ХААН КИСЛОРОДА УОННА СҮРЭХ ТЭТИМЭ

Пульсоксиметр – бу прибор сатурацияны, ол аата тымыр хааныгар кислород таһымын хонтуруоллуур. Маны таһынан сүрэх тэтимин кэтээн көрөргө көмөлөһөр. Кээмэйэ дьоҕус, таҥас туттарар прищепкаҕа майгынныыр.

Бу прибор көрдөрүүтүнэн быраастар коронавирустаабыт киһи балыыһаҕа киирэрин-киирбэтин быһаараллар. Сатурацияҕыт 90 % намыһах буоллаҕына, былыыһаҕа киллэрэн эмтииллэр. Нуорма  95-100 % тэҥнэһэр.

Пульсоксиметр дьиҥнээхтик көрдөрөрүн гына холкутук туттан, олорон эрэ, сырдык уота суох сиргэ бэрэбиэркэлэниэхтээххит. Экран үөһээ сыыппаралара хааҥҥыт кислородун бырыһыанын, аллараа – пульсу көрдөрөр.  

Гаджет сыаната төһө функциялааҕыттан тутулуктаах. Билигин прибор сыаната  маҕаһыыннарга лаппа үрдээн турар. Кытайга оҥоһуллубут моделлар быһа-холоон 1-2 тыһ. солк. сыаналаахтар.

Интэриниэккэ үчүгэй сыанабыллардаах, бэрэбиэркэлэммит пульсоксиметр лаппа ыарахан. Хомойуох иһин, Дьокуускайга бу приборбут ахсаана эмиэ олох аҕыйах. Ол иһин интэриниэт маҕаһыыннартан сакаастыыр барыстаах.

ГЛЮКОЗА ТАҺЫМЫН ХОНТУРУОЛЛУУРГА

Алтынньы ый саҥатыгар Калифорния университетын учуонайдара көннөрү глюкометрдар SARS-CoV-2 вируһу быһаарыахтарын сөп диэбиттэрэ. Прибор сил уонна сыраан саахарын таһымын уларыйбытын көрдөрөр эбит уонна  онно сөп түбэһиннэрэн коронавируска хаптарбыккытын дуу, суоҕун дуу билиэххэ сөп.

Исписэлиистэр этэллэринэн маннык хабааннаах анаалыһы дьиэҕэ да олорон оҥостуохха сөп. Глюкометр сыаната чэпчэки буолар. Биллэн  турар, 5-6 тыһ. солк. сыаналаах моделлар бааллар эрээри, көдьүүстээх прибору 500 солк. да атыылаһыахха сөп.

Билигин бэрээдэгэ суох араас аһы-үөлү сиибит. Саахары хонтуруоллааһын эмис да, ырыган да киһиэхэ наада. Онон, хас биирдии ыалга глюкометр наада буолар тэрил.

НЕБУЛАЙЗЕР

Тыынар уорганнары эмтииргэ дьиэҕэ-уокка ордук эрэллээх ньымаларынан биирдэстэрэ – ингаляция. Небулайзер көмөтүнэн медикаментознай сүмэһининэн тыынаҕыт. Биллэн турар, быраас анаатаҕына эрэ ингаляция туттуллар.

Небулайзер атыылаһыаххыт иннинэ хайдах быһыылаахтык үлэлиирин бэрэбиэркэлээҥ. Сороххо аэразольнай частицалар кээмэйдэрин бэрээдэктээбэккин, тыастара-уустара да сүрдээх улахан буолааччы.

Хаачыстыбалаах гаджет сыаната хайдах да 1 тыһ. буолбат. Үчүгэй ингалятор сыаната 5 тыһ. да, 50 тыһ. да буолуон сөп.

КИСЛОРОДУНАН ХААЧЧЫЙЫЫ

Киһи тыҥата эчэйдэҕинэ, эмтиир кислородтаах терапия наада. Онуоха дьиэтээҕи усулуобуйаҕа сороҕор кислороднай баллоннар туһаныллаллар. Ол гынан баран, кинилэр оннуларыгар кислороднай концентратор баар буолуон сөп. Кинилэр баллоннартан  үчүгэйдэрэ диэн автономнай буолаллар уонна эстэр кутталлара суох. Аппараат салгыны чэбдигирдэн киһи уорганыгар ыраастаммыт молекулярнай ситим нөҥүө кислороду аһарар.

Арааһа, бу прибор биһиги испииһэкпитигэр биир саамай ыарахан сыаналаах прибор: 20 тыһ. солк. чэпчэкини хантан да булбаккын. Үчүгэй прибор сыаната: 150 тыһ. эбит.

ДЬИЭНИ-УОТУ ДЕЗИНФЕКЦИЯЛААҺЫН

Кварцевай лаампа – вирустары өлөрөр. Бактерияларга наһаа күүстээхтик ультрафиолетовай сардаҥа лаампалара дьайаллар. Кинилэр бактериялар килиэккэлэрин алдьаталлар.  Оттон вирустарга ДНК-ларын алдьаталлар.

Ультрафиолетовай сардаҥанан илиигитин стерилизациялаатаххытына үрдүк уокка сиэтиэххитин сөп, онон кутталлаах тэрил. Кварцевай лаампа билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаах тэрил буолла. Инстаграм маҕаһыыннарыгар, аптекаларга атыыга арааһа элбэх. Үчүгэй прибор сыаната 4-5 тыһ. буолар.

САЛГЫНЫ ЫРААСТЫЫР

Салгыны ыраастааччылартан ордук көдьүүстээҕинэн ионизатордар буолаллар. Маннык аппараат салгыҥҥа электрическэй частицалары, ол эбэтэр аэроионнары таһаарар. Чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, бу прибор киһи уорганыттан буортулаах  веществолары эмиэ ыраастыыр. Хааммытын кислорудунан толорон кэбиһэр.

Гаджет салгыны ыраастыырын таһынан, салгыны сиигирдэр. Үчүгэй прибор сыаната 60 тыһ. солк. буолар. Боростуой моделлар 6-10 тыһ. булуохха сөп

«Домвент» клапан туруорар наада дуо?

Кэнники кэмҥэ «Домвент» клапаннары элбэх киһи дьиэтигэр туруорар буолла. Тоҕо? Бастатан туран, дьиэҕэ куруук ыраас салгын баар буолар. Иккиһинэн, салгын оонньуур буолан, дьиэҕэ түүнүк үөскээбэт. Үсүһүнэн, түннүккэ уу тахсан конденсат үөскүүрэ тохтуур. Төрдүһүнэн, биир даҕаны уоту-күүһү эрэйбэт, хармааҥҥа охсубат.  Биир клапан сыаната 1500 солк.

***

Коронавирус хаһан бүтэрин дуу, бүппэтин дуу билигин ким даҕаны билбэт. Аны туран, кэлэр сылбыт тугу бэлэмнээбитин эмиэ таайар кыахпыт суох. Туох да диэбит иһин, аан дойдуну бүтүннүү биир ыарыы хабахха тыыннарыан сөбүн өйдөөтүбүт. Онон, доруобуйаны харыстыырга аныгы үйэ гаджеттарын туһаныҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...