COVID-19 Реабилитация элбэҕи быһаарар
СӨ Национальнай библиотеката уонна Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж куйаар ситиминэн ыытыллар туһалаах лекциялары ыытан саҕалаатылар. “Коронавирус кэннэ чөлгө түһүү” лекцияны Медколледж 1-кы категориялаах преподавателэ Марианна Ивановна Атласова зум-платформаҕа ыытта.
Бэлиэтээн эттэххэ, СӨ Национальнай библиотеката пандемия саҕаланыаҕыттан онлайн тэрээһиннэри көхтөөхтүк ыытар, араас эйгэ экспертэрин ыҥыраллар, интэриэһинэй тиэмэлэри таарыйаллар, ким баҕалаах кыттыан, ыйытыыларга хоруй ылыан сөп. Тэрээһиннэр тустарынан эрдэттэн социальнай ситимнэринэн киэҥник биллэрэллэр.
Коронавирус дьаҥын кэннэ реабилитацияны киһи бэйэтэ дьиэтигэр эбэтэр анал стационардарга ааһыан сөп. М. И. Атласова лекциятын сүрүн тосхоллорун быһа тардан таһаарабыт:
— Пандемия усулуобуйатыгар олорбуппут, коронавирус инфекциятын утары охсуспуппут үс сыл буолан эрэр. Бу ыарыыны аһарыммыт киһи ахсаана элбээн иһэр. Коронавирус кэннэ организмы бөҕөргөтүүгэ анаммыт реабилитацияны хайаан да ааһыахтааххыт.
Реабилитация, бастатан туран, коронавирус содулларын утары охсуһуохтаах уонна иммунитет эппиэтин сааһылыахтаах, ону тэҥэ ыарыы кэмигэр туттуллубут эмп буортутун таһаарыахтаах.
Кимиэхэ нааданый?
— Коронавируһунан ыалдьыбыт дьоҥҥо барытыгар. Эмтэнии курдук ылыныахтаахпыт. Ордук тыынар аппараакка сытан турбут, коронавируһу сытыытык уонна орто таһымнаахтык аһарыммыт дьоҥҥо туһалаах.
Хаһан саҕалыах-таахпытый?
— Үчүгэй буоллугут да, тута саҕалыыр ордук. Төһөнөн эрдэ саҕалыыгыт да, соччонон көмөлөөх.
Болдьоҕо төһө буолуохтааҕый?
— Ыарыыны чэпчэкитик аһарыммыт дьон дьиэлэригэр бэйэлэрэ дьарыктаналлар.
— Халымырдык уонна ыараханнык аһарыммыт дьон стационарга киирэн эмтэниэхтээхтэр. 14 хонуктан саҕалаан 1 ыйга тиийэ буолуон сөп. Салгыы дьиэҕитигэр исписэлиис ыйыытынан-кэрдиитинэн сирдэтинэн дьарыктаныахтааххыт.
Күүтүллэр түмүктэр:
— Тыынаргыт чэпчиэхтээх, аҕылыыргыт сүтүөхтээх.
— Эт-хаан үлэтин кыайымтыа буолуохтааххыт, тулуургут эбиллиэхтээх.
— Утуйаргыт тупсуохтаах, күүрүү, туохтан эрэ куттана, дьиксинэ сылдьыбыккыт ааһыахтаах.
— Ис уоргаҥҥыт аһы буһарара биллэ тупсуохтаах.
Ханнык дьарыктары оҥоробут?
Аҕылааһыны намтатарга:
— Ороҥҥо ойоҕоскутунан сытаҕыт, биир атаххытын тобугунан токурутаҕыт;
— Остуолга олорон эрэ төбөҕүтүн сыттыкка ууран олоро түһүҥ;
— Устуулга олорон эрэ илиигитин тобуккутугар ууран эбэтэр кириэһилэ подлокотнигар өйөнөн олоруҥ;
— Туран эрэ устуул өйөнөрүттэн тутуһан, аргыый иннигит диэки төҥкөйөҕүт;
— Истиэнэҕэ көхсүгүтүнэн өйөнөн тураҕыт. Илиигит көнө, атаххытын кыратык токурутаҕыт.
Тыыҥҥыт хаайтардаҕына:
— Туохха эмэ көхсүгүтүнэн өйөнөн олороҕут;
— Биир илиигитин – түөскүтүгэр, иккис илиигитин искитигэр тутаҕыт;
— Хараххытын симэн тыыҥҥытыгар болҕомто ууран, салгыны эҕирийэргитин кэтээн олоро түһүҥ;
— Муннугутунан салгыны эҕирийэҕит (сатаммат буоллаҕына, айаххытынан тыынаҕыт) уонна айаххытынан бытааннык үрэн таһаараҕыт;
— Искитигэр туппут илиигит үөһэ-аллара эппэҥниирин билиэхтээххит;
— Бытааннык, наҕыллык тыыныахтааххыт.
Мэйии үлэтин чөлүгэр түһэрэргэ:
— Эти-хааны эрчийии көмөлөһөр;
— Саҥа хоббилары баһылааҥ, өйү үлэлэтэр оонньуулары, чыыһылалаах головоломкалары үөрэтиҥ;
— Умнуган буолбут буоллаххытына, элбэхтик кумааҕыга бэлиэтэниилэри оҥостуҥ.
Коронавирус кэннэ организм 2-3 ыйынан чөлүгэр түһэр.
Хаамыы ордук туһалаах
— Күҥҥэ биирдэ 30 мүнүүтэ устата таһырдьа хааман саҕалааҥ. Бу ыарыыны ыараханнык аһарыммыт дьоҥҥо уустук соҕус дьарык буолуон сөп, ол иһин 5 мүнүүтэттэн саҕалаан, күн аайы биирдии мүнүүтэ эбэн тохтоло суох 10 мүнүүтэ устата хаамар турукка тиийдэххитинэ, сынньана-сынньана 10-нуу мүнүүтэни эбэн иһиэххитин сөп.
— Наада буоллаҕына тайаҕы, ходуногу туһаныҥ. Хаамар сиргит оллура-боллура суох, көнө ньуурдаах буолара ордук.
— Сыыйа-баайа хаамар сиргитин кэҥэтэн иһиҥ. Кыра сыырдаах сиргэ хаамыы өссө туһалаах.
— Күн аайы хаамыыгыт бириэмэтэ уһаан иһиэхтээх.
— Аһаан баран биир чаас ааспытын эрэ кэннэ хаама тахсыахтааххыт, бэйэҕитин кытта иһэр уугутун илдьэ сылдьыҥ.
— Бириэмэҕитин уһатан баран, аны хаамар суолгутун уһатан иһиэхтээххит.
Ол сылдьан холкутук кэпсэтэр буоллаххытына, хаамыы ноҕурууската үчүгэй. Кыратык аҕылыаххытын, тиритиэххитин эмиэ сөп. Хаамыы кэннэ былчыҥнаргыт хас да күн устата ыарытыйыахтара. Сорох күн наһаа сылайар, сорох күн сэниэлэнэр курдук буолуоххутун сөп. Хаамыыгытын ааҕар гаджеттары сатаан туһаммат буоллаххытына, көннөрү тэтэрээккэ дневник сурунар үөрүйэҕи киллэриҥ. Сэниэтэ суох күҥҥүтүгэр бэйэҕитин харыстана соҕус дьарыктаныҥ.
Хаама сылдьан эбии илиигитинэн-атаххытынан салгыҥҥа дайбаан, эрийэн, атын былчыҥнары дьарыктыаххытын сөп. Устуулга олорон эрэ атаххытын уочаратынан өрө таһаарыҥ.
Кыратык сүүрүөххэ, бэлисипиэттиэххэ сөп.
Бу дьарыктар түмүктэригэр хотуолуох санааҕыт кэлэр, наһаа аҕылыыр, уу чаккырас, сыстаҥнас буолуоххутугар диэри тиритэр, түөскүт хам тутар, ыалдьар буоллаҕына, булгуччу бырааска көрдөрүнүөхтээххит.
Дьарыккытын төһө сөпкө оҥороргутун билээри, маннык тургутук ааһыаххытын сөп: биир толору этиини саҥаран көрөҕүт. Тохтообокко биир тыынынан этэр буоллаххытына – дьарыккыт үчүгэй. Аҕылаан сатаан саҥарбат буоллаххытына, эрчиллиилэргит барсыбаттар, хамсаныыгытын аҕыйатыҥ. Иккитэ тыын ыла-ыла этэр буоллаххытына, дьарыккытын көдьүүстээх.
ИВЛ-га сыппыт дьоҥҥо:
— Куоластара кэһиэҕирбитэ ааһан биэрбэт дьон баар. Онно кыһаммакка, кэпсэтиэххэ наада. Улаханнык саҥара сатаабакка, сипсийбэккэ (сибигинэйиигэ куолай связкалара олус ноҕуруускаланаллар), хайдах баарынан саҥарыахтааххыт.
— Тохтуу-тохтуу, сынньана-сынньана кэпсэтиҥ. Күүскүтүнэн саҥара сатаамаҥ. Ыарахан буоллаҕына, суругунан алтыһыыга көһүҥ.
— Ууну кыра омурдуунан иһиҥ.
— Ыйыстаргыт ыарыан сөп. Ол иһин хайаан да олорон эрэ аһыыгыт. Сытан эрэ аһыыр бобуллар.
— Аһаан баран 30-ча мүнүүтэ тура хаама сатааҥ.
— Сымнаҕас, убаҕас аһылыгы сиэҥ.
— Аскытын бытааннык, үчүгэйдик ыстаан эрэ баран ыйыстыҥ.
— Күҥҥэ үстэ аһыыргыт кыаллыбат, ыарыылаах буоллаҕына, кыра-кыралаан күнү быһа аһыы сатааҥ.
— Сөтөл киирэр буоллаҕына, сынньана-сынньана аһааҥ.