24.09.2020 | 17:21

COVID-19 элбэххэ үөрэттэ (коронавирустан эмтэммит дьиэ кэргэн кэпсээнэ)

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин, туох барыта көҥүл кэмигэр, интэриниэт ситиминэн пандемия утары охсуһа сылдьар быраастары холуннарар, кинилэр үлэлэрин астыммат дьон элбээтэ. Социальнай ситимнэринэн хобдох ис хоһоонноох кэпсээннэр хото тарҕаналлар. Оттон биһиги бүгүн кэпсэтэр ыалбыт –  коронавирус ыарыыттан үтүөрбүт дьиэ кэргэн санаата атын.

Алексеевтар  дьиэ кэргэн ийэлэрэ:

– Биһиги дьиэ кэргэн аан дойдуга пандемия тарҕаныаҕыттан, өссө бу сааскыттан, дьиэттэн тахсыбакка кэриэтэ олорбуппут. Оҕолорбутун харыстаан, харантыын биллэриллэ да илигинэ,  уһуйааҥҥа сылдьан бүппүппүт, үлэбитин “удаленкаҕа” көһөрбүппүт. Улахан наадабытыгар эрэ киирэр-тахсар этибит. Наар дезинфекциялана, илиибитин сууна, мааскабытын кэтэ сылдьыбыппыт. Туох кыахтаахпытынан харыстаммыппыт, элбэх дьонноох сиргэ сылдьыбат этибит.  Ол да үрдүнэн бу ыарыы кимиэхэ, хаһан сыстарын ыйыппат эбит.

Бастаан мин ыалдьыбытым, ангиналаатым дии санаан, күөмэйбин сайҕанан, Мирамистин ыстаран барбытым. Сөтөлүм да, температурам да суох этэ, ол иһин коронавируска күтүрээбэтэхпит. Икки күн ыалдьыбытым кэннэ үһүс күнүгэр кэргэним, онтон оҕолорум температуралаабыттара. Суһал көмөҕө эрийбиппин: “Бэйэҕит учаастаккыт бырааһын ыҥырыҥ”, – диэбиттэрэ.

Өрөбүл да буоллар, 1-кы №-дээх поликлиникаттан быраас ыҥырбыппытыгар икки чаас курдугунан утуу-субуу терапевт, педиатр, анаалыс ылар сиэстэрэ баар буола түспүттэрэ. Барыбытыттан муннубут, айахпыт иһиттэн мазок анаалыһын ылбыттара.

Бу ыарыыны киһи ханнык да ОРВИ-га, гириипкэ бутуйбат эбит. Киһи сэниэтин эһэн кэбиһэр, турар да кыах суох буолар. Ону кытта ынырыктаах төбө ыарыыта буулуур. Уҥуох, сүһүөх барыта ыалдьар. Ким туга мөлтөҕүнэн киирэр. Күнүс да, түүн да ааспат төбө ыарыытын кытта сэниэтэ суох утуйар-утуйбат икки ардынан, баттата-баттата сытаҕын. Туран ас астыыр, аһыыр да кыах суох буолар. Атаҕар тура сылдьааччыбыт, уу аҕалан биэрээччибит түөртээх уолбут эрэ ордубута.

Биһиги быраас ыҥырбыт күммүтүгэр тута күүстээх антибиотиктары кытта, вирус утары үлэлиир Арбидолу анаабыттара. Аймахтарбытыгар тыллаан, эмпитин аан таһыгар аҕалан ууран биэрбиттэрэ. Бу дьаҥ тарҕаныаҕыттан Арбидол сыаната бирээмэ үс бүк үрдээбититтэн олус соһуйбуппут. Оҕо киэнэ, улахан киһи киэнэ диэн тус-туһунан дозировкалаах эми күҥҥэ 4-6 сиэ да сиэ буолбуппут. Ону кытта икки араас антибиотик.

Быраастаммыппыт иккис күнүгэр поликлиникаттан эмиэ быраас кэлбитэ. Онно мин туругум мөлтөөн, тыҥам туһунан хам ыллардар ылларан испитим. Ол иһин суһаллык компьютернай томографияҕа илдьэ барбыттара. КТ-га илдьэллэригэр поликлиникалар бэйэлэрин массыыналарынан сылдьаллар. Космонавт курдук таҥастаах суоппары кытта сиэстэрэ дьиэҕиттэн ылаллар, дьиэҕэр төттөрү тиэйэн аҕалаллар. КТ-тан кэлээппин кытта, сотору буолаат: “Тыҥаҕын сиэппиккин, суһаллык балыыһаҕа киирэҕин, билигин миэстэ көрдүүбүт. Бэлэм олор!” –  диэн баран биир чааһынан кэлэн ылан барбыттара.

Губин уулусса 5 №-гэр арыллыбыт провизорнай отделениеҕа киирбитим. Укуол анаабыттара. Усулуобуйата бэртээхэй, астара кэмигэр сылаас кэлэр, быраастар сыһыаннара олус үчүгэй этэ. Ол эрэн киһи элбэҕиттэн эмкин, укуолгун умнуохтарын сөп. Иккис күммэр укуолбун умнуохтарыттан ыла барытын саната сытар буолбутум. 5-6 күн олох сытыытык киирэр ыарыы эбит, оронтон туруорбат. Ордук түүн ыарахан. Тыын кылгыыр, үрдүгэр туох эрэ ыйааһыннаах хам баттаан олорорун курдук буолар. Тыҥам аһыйар, умайар, тыыннаҕым аайы ыалдьар этэ.

Ковидтаабыт дьон, ордук саастаах өттө, “паническай атака” диэҥҥэ бэриниэхтэрин сөп эбит. Куһаҕаннык тыына сытан тыыммыт хаайтарда диэн айманан, куттанан, ыгылыйан, ыксаан тумнастан бараллар. Быраастар эмтииллэригэр көмөлөһөн, куһаҕан санааҕа ылларымыахха наада эбит. Уонна чэпчээтигит да, тыыныы гимнастикатынан дьарыктаныахха наада. Маныаха Стрельникова методикатынан тыыныы олус туһалыыр эбит – ютубка видеоуруок элбэх.

Нэдиэлэттэн ордук амтаны билбэт этим, муннум сыты икки нэдиэлэ ылбатаҕа. Ол эрээри биирдэ сөтөллөн, температуралаан көрбөтөҕүм. Онон коронавирус бастакы сибикитэ температура уонна кураанах сөтөл диэн информацияҕа итэҕэйэн, тыҥабын улаханнык баалата сыспыт этим. Күөмэй ыарыытын, ОРВИ курдук ыарыы сибикитэ билиннэ да, быраас ыҥыран, анаалыс туттарыахха наада эбит.

Балыыһаҕа анаалыс барыта күнүнэн биллэр этэ. Дьиэҕэ сытааччыларым киэннэрэ икки күнүнэн биллибитэ. “Положительнай” анаалыһы түргэнник тиэрдэ сатыыр буоланнар, 1-2 күнүнэн кэлэр эбит. Оттон “отрицательнайдар” поликлиникаҕа 5-7 күн “айаннаан” кэлэллэр.

 Бастаан биһиги бары “положительнай” буолбуппут. Кэргэним балыыһаҕа киирэртэн аккаастанан, оҕолорун кытта дьиэтигэр эмтэммитэ. Кини эмиэ тыҥатын икки өттүн сиэппит этэ, КТ-га эмиэ поликлинкалар бэйэлэрэ илдьэ сылдьыбыттара. Онтон күүстээх эмтэргэ көһөрбүттэрэ. Поликлиникаттан эмин барытын буор-босхо аҕалан биэрбиттэрэ. Мин балыыһаҕа сытар кэммэр, поликлиника быраастара дьоммор нэдиэлэ устата күн аайы тиэстибиттэрэ. ЭКГ аҕалан уһулбуттара, хаан, иик анаалыһын ылбыттара. Онон быраастары холуннарар, “үлэлэрин үлэлээбэттэр” диир сатаммат эбит. Наһаа кыһаллан туран эмтээбиттэрэ, күҥҥэ иккитэ эрийэн турукпутун ыйыталаһаллар этэ.

Оҕо барыта бу ыарыыны чэпчэкитик аһарынар дииллэрэ, арааһа, сыыһа эбит. Биһиги 7 саастаах оҕобут 5 күн устата температуралаабыта, хотуолуу сыппыта. Эмин хаста да уларытан баран биирдэ таппыттара. Урут ылынар эмин иһэ-үөһэ атыҥырыыр буолан хаалбыт этэ. Педиатр күн аайы эрийэн билсэрэ, кэлэн барара. Поликлиникабытыттан массыына ыытан, оҕобутун КТ-га быраастар бэйэлэрэ илдьэ бара сылдьыбыттара. Аҕата барсар кыаҕа суоҕа, дьиэҕэ өссө биир кыра оҕо баара. Ону өйдөөн поликлиника үлэһиттэрэ, барытын бэйэлэрэ дьаһайбыттара. Биһиэхэ ол улахан көмө этэ.  

Оттон кыра оҕобут биир эрэ күн температуралаан баран, чэпчэкитик аһардан кэбиспитэ.

Ыалдьа сыттахха быраастар маннык кыһаллалларыттан, кырдьыга баара, биһиги соһуйан эрэ хаалбыппыт. Атын ыалдьыбыт дьон кэпсээнин социальнай ситимнэргэ аахтахха, дьулаан хартыына ойууланар. Оттон биһиги  1-кы №-дээх поликлиникабыт үлэтэ маннык ыксаллаах быһыыга-майгыга үчүгэйдик тэриллибититтэн сөхтүбүт, ый устата кичэллээхтик эмтээбит быраастарбытыгар махтанабыт.

Коронавирус элбэххэ үөрэтэр ыарыы эбит. Киһи этэ-сиинэ олус кэбирэҕин, быраастартан олохпут быһаччы тутулуктааҕын, истиҥ сыһыан эмтиир кыахтааҕын, киһи киһилээх буолуохтааҕын, киһи киһинэн олорорун бигэтик өйдөттө.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....