Чыскыырай: “Баҕа санаам үөһээ куйаарга тахсан, киинэнэн кэллэ”
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотеката кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэри ыытар. Соторутааҕыта Zoom нөҥүө кэпсэтиигэ “Кинотавр-2020” киинэ бэстибээлин муҥутуур кыайыылааҕа буолбут “Пугало” киинэ сулуһа, дьахталларга “Бастыҥ толорооччу”, СӨ үтүөлээх артыыһа Валентина Романова-Чыскыырай ыалдьыттаата.
Олус истиҥ, аһаҕас сэһэргэһиини бары сэргии иһиттибит, кэрэхсии көрдүбүт. Валентинаны кытта тэҥҥэ күлэн-үөрэн, ардыгар долгуйан ыллыбыт. Көрбөтөх ааҕааччыларга Чыскыырай санаатын ситимин тиһэн, сааһылаан, түмэн таһаарабыт.
–Төрөппүттэрим, билигин, хомойуох иһин, биһиги ортобутугар суохтар. Аттыбар бааллара буоллар, бу сонуну истэн төһөлөөх үөрэ-көтө сылдьыахтара этэй дии саныыбын.
Бу ситиһиибин ийэм Александра Федоровнаҕа уонна аҕам Николай Васильевичкааныыбын, – диэн кэпсээнин долгутуулаах түгэнтэн саҕалаата.
Оҕо саас “олус кэрэ планетата”
-Оҕо эрдэхпиттэн артыыс буолар баҕа санаалаах этим. “Эһиги иннигитигэр – Саха сирин үтүөлээх артыыһа Валя Романова”, – диэн бэйэм биллэрэн баран, кэлбит-барбыт дьоҥҥо ыллыыр үһүбүн. Балтыбын кытта киирбит-тахсыбыт киһиэхэ 1-2 чаастаах кэнсиэр оҥорорбут. Артыыстар гастроллуу кэллэхтэринэ биһиэхэ түһэллэрэ. Кырааскаланалларын, тыҥырахтарын лаахтаналларын ымсыыра көрөрүм. “Олус да кэрэ планетаҕа олороллор. Миигин онно ыллыннар” дии саныырым. Баҕар, илдьэ барыахтара дии санаан, ыллаа да ыллаа буоларым.
“Суох” диэмэ, “ээҕи” кытта сырыт
– Икки сыллааҕыта Захар Никитин (култуура коллеһын дириэктэрэ, режиссер) эрийбитэ. Дэриэбинэҕэ сайылыы тахсыбыт кэмим этэ. “Эйиэхэ барсар оруол баар. Холонон көрбөккүн дуо? Cөбүлэһиэҥ дуо? – диэн ыйыппыта. “Улахан оруол дуо?” – диэн сураспытым. Онуоха “кыра” диэбитэ. “Ээх” диэбитим. Ийэм тыыннаах эрдэҕинэ: “Эн кимиэхэ да “суох” диэмэ. “Ээҕи” кытта сырыт”, – диэн сүбэлиирэ. Онон “Ааспыт ааспат амтана” диэн олус үчүгэй сериалга уһуллубутум. Ону баара, эпизодическай оруол буолбатах, күнү быһа сылдьар эбиппин (күлэр). Дьүөгэм Иралыын (Ирина Никифорова, Саха театрын артыыһа – Аапт.) бэркэ тапсан оонньообуппут. Бу сериалтан үгүс уопуту ылбытым, элбэххэ үөрэммитим.
Баҕа санаам киинэнэн кэллэ (“Пугало” туһунан)
-Эмиэ сайын этэ. Дима (киинэ режиссера Дмитрий Давыдов – Аапт.) эрийэн, сүрүн оруолу толорорбор этии киллэрбитэ. “Матырыйаалгын ыыт”, – диэбитим. Почтабар тутаат: “Дьэ, интэриэһинэй бырайыак”, – дии санаабытым. Онтон сценарийы ыытарыгар көрдөспүтүм. Көрөн баран: “Миэнэ эбит. Бу оруолу кыайыам. Үйэлээх бырайыак эбит”, – диэбитим.
Туохтан да куттаныа суохха наада. Барытыттан куттана сырыттаххына, олоххо тугу да ситиспэт буоллаҕыҥ. Маннык оруолу испэктээккэ оонньуохпун баҕарбытым, онтум киинэнэн кэллэ. Баҕа санаам үөһээ куйаарга тахсан, эргийэн кэллэ. Наһаа баҕарбытыҥ туолар эбит.
Киинэҕэ уһуллуом иннинэ сирбин-уоппун аһаппытым, көрдөспүтүм. Ыарахан каадырдарга бэйэбитин ыраастаммыппыт. Онон киинэ кылгас кэм иһигэр чэпчэкитик уһуллубута. Көрдөһө-ааттаһа сырыттахха, барыта этэҥҥэ ааһар.
Олус “учуонайдыыр” эмиэ сатаммат...
–Сценарийы ааҕа олорон: “Аһаҕас сыаналар бааллар. Хайыыбыный?” – диэн кэргэммин, оҕобун кытта сүбэлэспитим. Режиссер тугу этэрин барытын толороор диэбиттэрэ. Көҥүл ылбытым. Уһуллар кэммэр режиссер аһыммыта. Ону мин оонньуохтаахпын диэбитим. Киһи турукка киирдэҕинэ камераны умнан кэбиһэр. Ис сүрэххиттэн, дьиҥнээхтии оонньуугун. Олус “учуонайдыыр” эмиэ сатаммат. Тоҕо диэтэххэ “переигрывание” диэн баар. Ортотун булуохтааххын. Ону өйдөөбүтүм.
Дима миэхэ көҥүлү биэрбитэ. Хааччахтаабыта буоллар, сатаан арыллыам суох этэ. “Сүрүнэ, сюжет линиятын тутуһаар”, – диэбитэ. Үлэлиэхпит иннинэ мэлдьи сүбэлэһэрбит.
Дима – холку, олус үчүгэй киһи. Хамаандата эмиэ. Биир дойдулаахтара уолларын өйүүллэр, таптыыллар, харыстыыллар. Сценарийы режиссер бэйэтэ суруйбута. Ис сүрэҕиттэн баҕаран уһулбут киинэтэ.
Улахан оруоллартан куттаныа суохха, режиссер эппитин толорон иһиэххэ, онтон сатаан тахсыахха наада.
Чэ, ол маннык. Устуу бүттэ. Куукула таҥаһын уһуллум. Дьиэтээҕи таҥаспын кэттим. Сарсыарда турдум, эмиэ кэттим, онтон эмиэ уһулан уурдум.
Оҕо курдук ыраас, сырдык
– Бэстибээлгэ билэ-көрө, атын үлэлэри сэргии барбытым. Туохха эмэ тигистэхпитинэ үөрүөхпүт, ситиспэтэхпитинэ да хомойуохпут суоҕа диэн санаалаах тиийбиппит. Мин испэр кыайар баҕа санаалааҕым. Онтум туолла.
Сүрүн бирииһи ыларбытыгар режиссербун кытта иккиэн тахсыбыппыт. Киинэбит оҕо курдук ыраас, сырдык буолан кыайда быһыылаах.
Айар куттаах киһи үөрүүтүн ырыанан тиэрдэр. Сыанаҕа тахсан, махтанан баран, Елена Слепцова-Куорсуннаах тылларыгар “Түүл” диэн ырыабын быһа тардан толорбутум. Маны киинэҕэ саундтрек оҥоруохпун баҕарбытым. Ол эрээри киинэ чугаһатар-чугаһаппат музыкалаах буолар эбит.
Дьахталларга “Бастыҥ толорооччу” ааты “Конференция” киинэҕэ оонньообут артыыс ылара буолуо дии санаабытым. Ону миигин ааттаан кэбистилэр ээ! Ойон туран, уруй-айхал, махтал тылларын эппитим. “Бу бириэмийэ Саха сиригэр барар”, – диэбитим.
Кыһыл көбүөр устун хаамарбын эрдэ оҥорон көрбүтүм. Мэлдьи ыраланар идэлээхпин. Биирдэ кэргэмминиин оҕобутун кытта кыһыл көбүөр устун наҕараада ыла баран иһэрбитин ойуулаан көрбүтүм. Музыкальнай бириэмийэ дии санаабытым. Ону баара, киинэ бириэмийэтэ буолан хаалла...
“Көтөбүн”
– Уйан киһи айар куттаах буолар. Сорох киһи мээнэ көрдөрбөт, иһигэр хам тута сылдьар, сорох киһи таһыгар таһаарар. Үөрбүккүн, кыыһырбыккын көрдөрүөхтээххин быһыылаах. Оччоҕо ыарыыга ылларбаккын.
Миэхэ “Көтөбүн” диэн моно испэктээк туруорбуттара. Режиссер – Александр Титигинаров. Пьесаны Зоя Попова суруйбута. Бу драма Молдавияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска лауреат буолбута. Елена Слепцова-Куорсуннаах тылларыгар ырыаларым, Күннэй “Ким даҕаны” диэн өр баҕайы сыппыт ырыата киирбиттэрэ.
Дьол, таптал, таба талыы
– Дьол диэн араастаах. Бэйэҥ суолгун булунуу, сөпкө тайаныы. Таптал, таба талыы. Үлэҕэр үөрэ-көтө барарыҥ, дьиэҕэр эмиэ оннук сүүрэн кэлэриҥ. Ол аата дьол!
Мин таптыыр киһибин көрсүбүт дьоллоохпун. Мааны, күндү кыыстаахпыт. Этэҥҥэ улаатан эрэр. Сарсыарда аайы кэргэним кофе, чэй аҕалан биэрэр. Бу үтүө үгэспит. Оннук гымматаҕына, ороммуттан турбаппын (күлэр).
Оҕо эрдэхпиттэн оҕуруот үлэтин сөбүлүүбүн. Оччолорго ийэбит арбуз олордубута. Дэриэбинэ дьахталлара музей курдук көрөн ааһалларын өйдүүбүн.
Куорат олохтоохторо хайаан да оҕуруот олордуохтаахпыт, сири кытта алтыһыахтаахпыт дии саныыбын. Айар киһи энергия бөҕөтүн биэрэр. Ону сиртэн төнүннэрэр.
Сирдээҕи олоххо түһүөхтээх буоллаҕым. Хайдах халлааны таһыйа сылдьыахпыный? (күлэр). Бэстибээлтэн кэлээт, моркуобум үрдүгэр түспүтүм. Оҕуруотум аһын хомуйбакка барбытым ээ. Кыстыыр аспытын булуннубут.
Ыарахантан саҕалыыр ордук
–Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа оҕолору ырыаҕа уһуйабын. Үөрэнээччилэрбэр мэлдьи: “Ыарахан ырыаттан саҕалыыбыт. Оччоҕуна ханнык баҕарар ырыаны ыллыыр буолуоххут”, – диибин.
2007-2008 сылларга Лондоҥҥа университекка ыҥырылла сылдьыбытым. Ыччакка, устудьуоннарга маастар-кылаас көрдөрбүтүм. Великобританияҕа маҥнайгы альбомум тахсыбыта. Ол кэннэ Финляндияҕа эмиэ маастар-кылаас биэрбитим.
Үөһэттэн айдарыы
–Култуураҕа үлэлээбитим эһиил 25 сыла буолар. Оттон бэйэм олоҕум орто омурҕаныгар үктэнэбин. Быйыл Лондоҥҥа тахсыбыт пластинкабын сүрэхтии, гастрольга барыахтаах этим. Пандемиянан сибээстээн, кыайан айаннаабатым.
Үөһэттэн айдарыллан кэлбит буолан, дьоммор-сэргэбэр ыллыы-туойа, эдэр ыччакка бэйэм билиибин тиэрдэ сылдьабын. “Киинэҕэ уһулун” диэн үөһэттэн сигнал курдук кэлбитэ. Дьылҕам онно сурулла сытара буолуо.
Киинэҕэ уһулла туруом. Үчүгэй сценарий кэллэҕинэ толкуйдуом. Улахан режиссердары кытта үлэлэһиэхпин баҕарабын. Сотору Владивостокка ыытыллыахтаах норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ Арассыыйа аатыттан кытта барабыт.