19.01.2023 | 15:00

Чурапчы института үөрэххэ ыҥырар

Чурапчы института үөрэххэ ыҥырар
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Н.Н. Тарскай бирииһигэр көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ бу аҕыйах хонуктааҕыта түмүктэммит чемпионатыгар Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтуттан 22 бөҕөс кыттыбытыттан 10-на бастакы уонна үһүс миэстэни былдьаһар киирсиилэргэ  туһуннулар. Олор истэригэр атын улуустартан кэлэн институкка үөрэнэ сылдьар устудьуоннар бааллар. Тустууга эрэ буолбакка, физкультура уонна спорт атын көрүҥнэригэр көрдөрүүлэр эмиэ үчүгэйдэр. Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин өйөбүллэринэн уонна көмөлөрүнэн институт үөрэтэр, олорор базата, материальнай, духуобунай кыаҕа сыллата тупсан, күүһүрэн иһэр. Таас тутуу элбэх. Устудьуоннар аныгылыы, толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ үрдүттэн олороллор, үөрэнэллэр. Бу күннэргэ Чурапчытааҕы институкка үөрэххэ киирии докумуоннарын ылыы саҕаланна. Бу туһунан институт ректора Иннокентий Готовцевтыын Тарскай чемпионатыгар кыттыыны ыла кэлбит өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын бөҕөстөрө остолобуойга эбиэттии олордохторуна көрсөммүт кэпсэттибит:
– Чурапчы институтугар усулуобуйа барыта тэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ спорка бэлэмнэнии киинин базатыгар спорт алта көрүҥэр уонна “Модун” спорт национальнай көрүҥнэргэ киинин хайысхаларынан анал тренердэр дьарыктыыллар. Үөрэххэ киирбит ыччаттар бэйэлэрэ сөбүлүүр көрүҥнэринэн дьарыктаныахтарын сөп. Толору хааччыллыылаах уопсай дьиэҕэ олороллор, сүүмэрдэммит хамаандаларга киирбиттэр босхо аһыыллар, кэккэлэһэ турар куорпуска үөрэнэллэр. Ону таһынан, көннөрү истипиэндьийэни сэргэ, үчүгэйдик үөрэнэр, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх, науканан дьарыктанар устудьуоннарга үрдэтиллибит истипиэндьийэ баар.


Билигин 374 устудьуон алта хайысханан иһиттэн уонна кэтэхтэн үөрэнэллэр. Олимпийскай эрэл училищетын филиалыгар орто анал үөрэххэ эмиэ үөрэнэллэр. Холобура, улахан спортсменнар БКЭ-ни кыайан туттарбатахтарына, бу училищеҕа киирэн үс сыл үөрэниэхтэрин сөп. Ол кэнниттэн институкка быһалыы 2-ис кууруска киирэр кыахтаахтар. Манна физкультура, ОБЖ учууталын, тренер-преподаватель, спортивнай психолог о.д.а. хайысхаларынан идэлэри баһылыахтарын сөп. 
Саҥа ылыллыбыт РФ үөрэҕин концепциятыгар олоҕуран, быйылгыттан уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар спортивнай кулууптар аһыллан үлэлиэхтээхтэр, онно 1500 исписэлиис, преподавателлэр, тренердэр наадалар. Билигин институт үлэтэ онно каадыры бэлэмнээһиҥҥэ туһаайыллар. 
Институту бүтэрбиттэри кытта сибээс тутуһуллар. Идэни уларытар, таһымы үрдэтэр куурустар бааллар. “Спорт – норма жизни” судаарыстыбаннай бырагыраама көмүскэнэн, дойду 38 регионугар үөрэтии буолла. Мас тардыһыытыгар уонна спорт алта национальнай көрүҥэр идэни үрдэтии куурустарын аастылар. 


Атын регионнар Чурапчы институтун үлэтин үрдүктүк сыаналыыллар. Чурапчыга олорор-үлэлиир преподавателлэр эрэ буолбакка, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, киин үрдүк үөрэх кыһаларын исписэлиистэрэ, учуонайдара кэлэн лекциялары ааҕаллар. Үөрэтии отчуота үрдүк таһымҥа ааста. Кытайы, Монголияны, Тываны, Бурятияны кытта дуогабар түһэрсилиннэ. Чурапчы институтун выпускниктара бэйэлэрин дойдуларыгар спорду салайаллар, тренердииллэр. Тиийдэххэ, спортсменнарбытын үөрэ-көтө көрсөллөр, хардарыта көмөлөсүһүү быыстала суох оҥоһуллар. Ыччаттарын Чурапчы институтугар ыытарга бэлэмнэр, – диэн кэпсээтэ ректор Иннокентий Готовцев.
Арассыыйа тыатын сиригэр соҕотох үрдүк үөрэх кыһатыгар – Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай физкультура уонна спорт федеральнай суолталаах институтугар кэлэн үөрэниҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....