ЧУБУКУ ЧУУЧУЛАТЫТТАН САҔАЛААН
Үлэни өрө туппут биһиги эбэлэрбит, эһэлэрбит быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын уруйдуу-айхаллыы, ол ааспыт ыарахан кэмнэри эргитэ санаан харааста көрсөллөр. Алдьархайдаах сэрии сыллара кинилэр оҥоойуктана оонньуур оҕо саастарын үйэ сааска уларыппыта. Сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри түүннэри-күннэри үлэлээн Кыайыыны уһансыбытынан барбыттара. Мин эбэм, Иванова Марфа Кононовна, сэрии саҕаланарыгар уон иккитин туолаары сылдьар эдэркээн кыыс оҕо.
Кини 1929 сыллаахха ахсынньы 21 (докумуоҥҥа сыыһа суруллубутунан 22-с) күнүгэр Сунтаар улууһун III Бордоҥ нэһилиэгэр Иҥэрчэ Атаҕа диэн сыһыыга Ноговицыннар дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүт. Аҕата Конон Иннокентьевич (1905-1965 сс.) мас ууһа, ийэтэ Анна Алексеевна (1907-1955 сс.) ыанньыксыт, холкуос бастыҥ үлэһиттэрэ. Эбэм биэс бииргэ төрөөбүттэртэн саамай улаханнара. Кинилэртэн икки оҕо, кыра эрдэхтэринэ сыыстаран, күн сириттэн күрэммиттэр. Онон быраата Борокуоппай, балта Өрүүнэ буолан улааппыттар.
Оччотооҕу кэмҥэ төрөөбүт дьахтар үс-түөрт хоноот үлэтигэр тахсар, онон оҕолор, таҥара илиитигэр хараллаллара. «Төрөөбүтүм үһүс күнүгэр сирэйбинэн сиргэ умса түһэн сытарбын ийэм быыһаабыт уонна түөрт саастаахпар дөлүһүөҥҥэ харан өлө сыспытым. Биирдэ, сайын аҕам дьиэ маһа кэрдэн, суоран баран чохчолоон кээспит бэрэбинэтигэр оонньуу сылдьан атахпын кыбытан ийэм кэлиэр диэри ытыы олорбутум. Ол иһин, кэлин ийэм бу оҕо сүгүннээмээри гынна диэн, бэйэтин кытта куруук илдьэ сылдьар идэлэммитэ», – диэн кэпсиир эбэм. Биэс сааһыттан дьэдьэннээн, отонноон саҕалаабыт. Ыал улахан оҕото буолан окко, маска барытыгар үлэлэһэрэ.
1937 с. түөрт кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ киирбит. Үһүс кылааска Сабардаах Арыытыгар, үрэх уута аһара киирэн, ууга хаайтаран, биирдэ аҕатын кытта мас таһа сылдьан оҕустан охтон илиитин тоһутан кылааһын хаалан, түөрт кылааһын алта сыл үөрэммит. «Үһүскэ иккис сылын үөрэниэхтээх сайыммар сэрии буолбута. Икки убайым, аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ, Ылдьаа уонна Дьарааһын маҥнайгы хомуурга барбыттара. Онтон Өлөксөй нөҥүө сыл ыам ыйыгар, күһүнүгэр мин аҕам барбыта. Аҕам барарыгар барыбытын сыллаабыта. Эбэлээх эһэм бүтэһик уоллара баран ийэбинээн ынырык баҕайытык ытаспыттара. Ону улахан киһи ытыырын көрө илик буолан наһаа уолуйбутум уонна көҕүһэн ытаабытым», – диэн кэпсиир эбэм. Аҕата сэриигэ барыа биир хонук баарына, илдьэ хаалбыт биир ынахтарын кыайан ииттиннэр диэн, эбэбин сайылыкка илдьэ киирэн от охсорго үөрэппит. Сэрии иннинэ биэс ынахтаахтарыттан түөрдүн нолуокка тутан ылбыттар. Аҕалара сэриигэ барбытын кэннэ ийэлэрин «Такабыл» фермаҕа ыанньыксытынан көһөрбүттэр уонна 15 ынаҕы ньирэйдэри туттаран кэбиспиттэр. Эбэм киниэхэ илии-атах буолан биэс ынаҕы ыаһар эбит. Сарсыарда 6 чааска ынах ыат, Тэҥкэ диэн сиргэ от мунньа ыстаналлар. Оччолорго оҕо нуормата диэн суох буолан, улахан дьону кытта тэҥҥэ от мунньаллар эбит. Киэһээ эрдэ соҕус бүттэҕинэ, дьиэтигэр баран иһэн өтөхтөрү охсубутун ийэтэ ыам быыһыгар кэлэн мунньар эбит. Күн тахсыаҕыттан киириэр диэри ынах көрөн, от мунньан баран хараҥарыыта биирдэ бэйэлэригэр анаан үлэлииллэрэ. Онон күҥҥэ икки-үс эрэ чаас утуйаллара. Аҕата барбыт бастакы сылыгар кини чохчолоон хаалларбыт маһын эрбээн көмүлүөк оһоҕу оттон кыстаабыттар. «Мин көрдөхпүнэ устуруустаммыт курдук ыраас баҕайы бэрэбинэлэр этэ. Кэлбитин кэннэ, туттубат эрээри тоҕо устуруустаабыккыный диэн ыйыппыппар, суох суорбутум эрэ диэбитэ. Онно аҕам ууһун сөхпүтүм», – диэн аҕатын туһунан сөҕө-махтайа кэпсиир.
СЭРИИ ОҔОТО
Ийэтэ Аана сэрии кэмигэр ыанньыксыттаан баран, кэлин холкуоска оҕуруот аһын үүннэрэр биригэдьииринэн ананан күүскэ үлэлээбит: «Ферма кур сааҕын буолаҕа тастаран, күһүн бөдөҥ хортуосканы ылбыппыт. Ол хортуоска дьону хоргуйууттан быыһаабыта. «Аана хортуоската өлүүттэн быыһаата» диэн дьон бөҕө махтаммыта». Сэрии сылларыгар кураан дьыллар буоланнар, аһыыҥка туран, хаһыҥ түһэн бурдук, хортуоска үүнэригэр олус эрэйдэммиттэр. «Кураан сайын буолан төрдүөн түөрт күөллээх Тэҥкэни кэрийэ сылдьан оттуурбут. Ынах ыан баран сүүрүүнэн оттуур сирбэр тиийэрбэр Маарыйа диэн чугас олорор кыыс 6-10 бугулу туруорбут буолара. Ону көрөн ыксаан, кинини хаһан ситэбин диэн ытыыр этим. Ол да буоллар күн мас саҕатыгар түһэрин саҕана, биирдэ да сынньаммакка, сирбин бүтэрэр этим. Биирдэ биригэдьиирим Кур Оттоох диэн сиргэ биир гаа сири мус диэн ыйан биэрдэ. Көрдөхпүнэ оҥхучах курдук сир. Онтубуттан 90 бугулу мунньан нэһиилэ бүтэрдим. Эчи ото хойуутун, уһунун, хаһан да сылайбатахпын сылайан, дьиэбэр охтон түһэ-түһэ тиийбитим. От үлэтэ кытаанаҕын онно билэн турабын».
1942 с. эбэм Элгээйигэ интернакка үөрэнэ киирбит. Аҕата сэриигэ барбыт диэн ылбыттар. «III Бордоҥтон Иванова Анна уонна мин, Угут-Күөлтэн, Толоонтон бааллара, Хороттон элбэхтэр этэ», – диэн ахтар бииргэ олорбут оҕолорун. Оҕо-оҕо курдук арыт мэниктээн да, арыт тустан да ылаллар эбит. Биирдэ сэттэ буолан тустан оонньообуттарыгар эбэм барыларын кыайан турар. «Интэринээккэ сарсыарда 200 гр хара килиэп, горох эбэтэр эт миинэ, киэһээ 100 гр килиэп, арыт күҥҥэ 100 гр килиэп уонна кып-кыһыл мас арыыта биэрэллэрэ. Онон сууккаҕа аһылыкпыт бүтэрэ. Математикаҕа биэһи ылбатахпына ытыыр этим. Нуучча тылын суруйуутугар үксэ иккини-үһү ыларым. Аҕам сэриигэ барыан иннинэ хайыһарбын ситэ оҥорбокко барбыт буолан, байыаннай уруокка хайыһара суох тиийэрим. Хайыһара суох оҕолор элбэх этибит, хас уруок аайы үтүлүкпүтүн уһулан баран тоҥуу хаарга аттаан турарбыт. Ол аата байыаннай накаастабыл үһү. Кэлин хайыһарданан баран, хайыһардьыт бэрдэ буолбутум. Сотору-сотору улуус киинигэр күрэхтэһэ киирэрбит. Биирдэ Сунтаарга хайыһарынан тиийэбит диэн, сылгы сааҕар хайыһарбытын үлтү алдьатан тиийэн, күрэхпитигэр иккис буолбуппут. Ол кэнниттэн хайыһарбытын атынан тиэйэр буолбуттара. Биирдэ ытыы уонна хайыһар күрэхтэһиитигэр ытыыга 43 очукуону ылан, III разрядтаах ытааччы аатын ылбытым. Элгээйигэ оскуола оҕолоругар анаан ыытыллыбыт ытыы күрэҕэр бастаабыппар 35 солк биэрбиттэригэр олус үөрбүтүм. Ийэбэр таһааран биэрбиппэр ийэм ытыар диэри үөрбүтэ».
Хас өрөбүл аайы ийэтигэр көмөлөһө Тэриэтэйгэ (III Бордоҥ) тахсан үлэлээн-хамсаан киирэр эбит. Сэрии кэмигэр эр дьон отой суох буолан, улахан эр киһи курдук, «саҥа соломмут буоланы боромньулаа, биэс уон сиэрдийэни, сүүс тоһоҕону төбөлөөн, үс сиринэн сулуйан бэлэмнээ» диэбиттэрин кытта толорор. Фроҥҥа ыытарга анаан хас биирдии дьахтар 10-11 паара куллуку, үтүлүк тигэн бэлэмниирэ. Ийэтэ быһан бэлэмнээбит үтүлүктэрин, куллукуларын араас лоскуй өрбөхтөрү өһүлэн сирийэр эбит. Биирдэ дьээбэрэн, чэй суутун кыра лоскуйугар «3-с кылаас» диэн суруйан иһигэр укпут. Ити курдук түөрт сылы быһа төһөлөөх үтүлүк, куллуку тигэн ыытан саллааттарга туһалаабыттара буолуой!
КЫАЙЫЫ ОҺУОХАЙА
Эбэм үөрэнэ сырыттаҕына «Улуу Кыайыы буолла!» диэн сонун нэһилиэги биир гына тилийэ көппүт! «Улахан миитин кэнниттэн, оччотооҕу таҥара дьиэтин аттыгар тахсыбыт харалдьыкка оһуохай бөҕө буолбута. Бу күн саҕа дьоллоох күммүт суох этэ», – диэн ахтар эбэм Улуу Кыайыы буолбут күнүн. Аҕата 1945 с. бэс ыйыгар кэлбит, кини мас ууһа буолан, куоракка тутуу үлэтигэр хаалларбыттарыгар сылдьыбыт. Дьарааһын 1945 сыл саҕаланыыта хаста да эчэйэн, тарбаҕын туура ыттаран II группалаах инбэлиит буолан кэлбит. Кини уоттаах сэриигэ үксүн разведкаҕа сылдьыбыт. Биирдэ разведкаҕа хамандыырдара улаханнык эчэйэн өлөөрү сытан Дьарааһыҥҥа бэйэтин разведка кэмигэр суруммут киниискэтин туттарбыт уонна маны илдьэн биэр диэн бирикээстээбит. Ол ыарахан кыргыһыыга хорсун быһыытын иһин мэтээл биэрбиттэр. Өлөксөй кыайыы көтөллөөх 1945 с. эргиллэн кэлбит. Оттон Ылдьаа, хомойуох иһин, сураҕа суох сүппүт. Кини сэриигэ киириэн иннинэ: «Сарсын кырыктаах кыргыһыыга киирээри олоробут, тыыннаах ордорум биллибэт, бар дьонум быраһаайдарыҥ», – диэн сурук ыыппытын эрэ туппуттар. Ити курдук сэрии ыар тыына хас биирдии ыалы таарыйбыта.
Оскуоланы Кэппэндээйинэн, Сунтаарынан дьоҥҥо дьукаах олорон бүтэрбит. Күһүн Элгээйигэ киирэ сылдьан учууталларын Иван Степановиһы уонна Михаил Спиридоновиһы көрсүбүтүгэр оскуолаҕа библиотекарынан үлэлии киир диэн сүбэлээбиттэр. Ол курдук, олох киэҥ аартыгар киирдэҕэ ол. Сайын Кустуур диэн саамай кэтит сыһыыларыгар от охсуутугар күүлэй тэрийбиттэригэр 1 га 12 суотайы охсон бастаабыт. Күһүн Күөл Элгээйигэ 200-с түүтэх бурдугу баайбыт, кинини кытта тэҥҥэ сылдьыбыт кыргыттар 100 эрэ түүтэҕи баайаллар эбит. Ол курдук үлэлии сырыттаҕына холкуос бэрэссэдээтэллэрэ Михайлов, Донской кэлэннэр III Бордоҥ уонна Толоон учаастактарыгар кыладапсыык наада диэн онно үлэҕэ ылбыттар. Төһө да үлэтэ ыараханын биллэр, толлон турбакка күүскэ үлэлээбит. «Ыскылаакка сытар бурдуктары ыйааһыҥҥа илдьэн уур диэбиттэригэр уурбуппун көрөннөр кыайар эбит диэн ылбыттара. Биэс сыл усталаах туоратыгар икки учаастакка үлэлээбитим. Ол иһигэр Толоон маҕаһыыныгар атыыһыттаабытым. Ол сырыттахпына оччотооҕу сельпо бэрэссэдээтэлэ Трофим Афанасьевич Степанов атыыһыт үөрэҕэр ыытабын диэбитин, холкуос салайааччылара үлэһиппитин күрэтээри сылдьар эбиккин диэн, ити үлэбиттэн уураттарбыттара. 1953-1954 сс. депутат буолан Сэбиэт сэкирэтээринэн үлэлээбитим».
1956 сыл муус устар 14 күнүгэр III Бордоҥ бастыҥ уолугар Ким Трофимович Ивановка кэргэн тахсар. Аҕыс сыл иһигэр алта оҕону төрөтөн Ийэ албан аатын иккис истиэпэннээх мэтээлинэн наҕаарадаланар. Хомойуох иһин, бастакы оҕото Туола түөрт саастааҕар ыалдьан өлбүт. 1964 сыллаахха бэс ыйыгар наһаа хомолтолоохтук огдообо хаалар. Эбэм биэс оҕотун үөрэттэрээри, кыһалҕаттан, детсадтаах сиргэ Элгээйигэ көһөн киирбит. Бииргэ үөрэммит кылааһынньыга Илья Семенович Иванов оскуола дириэктэринэн олорор буолан, саҥа үлэҕэ киирбит мастарыскыайга, муоста сууйааччынан үлэҕэ ылбыт. Кэлин 12 оһоҕу оттооччунан үлэлээбит. Дьахтар киһиэхэ наһаа ыарахан, улахан сыраны эрэйэр үлэ буоллаҕа. Үлэтин сыаналааннар, 1968 с. Крымҥа сынньата ыыта сылдьыбыттар. Ити баран кэлбитин эбэм билиҥҥээҥҥэ диэри үөрэ-көтө ахтар. Экскурцияларга сылдьыбытын, эмээхситтэр балык хатаран атыылыы олороллорун, уулуссаҕа үүнэн турар дьаабылыкалар төкүнүһэ сыталларын көрбүтүн субу баардыы кэпсиир. Крымтан кэлбитин кэннэ оскуола директора Лука Григорьевич Никифоров биология кабинетын иһинэн тэриллибит Айылҕа музейыгар лаборанынан ылбыт. Бу күнтэн эбэм таксидермист диэн сэдэх идэҕэ уһуйуллуута саҕаламмыта.
ТАКСИДЕРМИЯҔА ҮӨРЭММИТ
Борис Николаевич Андреев үйэҕэ биирдэ төрөөн ааһар улуу дьоннортон биирдэстэрэ. Борис Николаевич хайдах чуучалалары оҥорорун көрөн уонна кини биэрбит кинигэтин ааҕан үөрэммит. Аан маҥнай оҥорбут чуучалата – Дьааҥы хайатын чубукута. Кэлин субу көтөн тахсыах курдук кустары-хаастары элбэхтэ оҥорбут. Түүннэри-күннэри үлэлээннэр 1971 с. алтынньы 2 күнүгэр Айылҕа музейын арыйбыттар. Таһаарыылаах үлэтэ сыаналанан Верховнай Совет Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыт. Б.Н.Андреев араас дойдулартан ардыгар атастаһан, ардыгар сыралаах кэпсэтии ыытан аҕалбыт араас хаачыстыбалаах тириилэрин илитэн, имитэн, алдьаммытын абырахтаан киһи эрэ астынар, бу тыыннаах кыыл турарын курдук оҥорбут чуучалалара билигин да тураллар. Оччолорго кадровай булчуттар музейы кытта быһаччы үлэлэһэллэрэ. Кинилэр аҕалбыт кыылларын олус сатабыллаахтык сүлэн, ыраастаан, бэлэмнээн музей фондата биллэ кэҥээбит. Хаһан да хараҕар көрбөтөх саамай кыра көтөрүн колибрины, саамай улахан көтөрүн альбатроһу, Африкаттан страуһу, Орто Азияттан кэлбит эриэн үөннэри, күлгэрилэри чуучула оҥортообут. Аарыма кырдьаҕас, тайах, тэбиэн, чыычаах сүүһүнэн көрүҥүн о.д.а. ааҕан сиппэккин. Борис Николаевич командировкаҕа элбэхтэ сылдьар буолан ис-тас үлэ барыта киниэхэ сүктэриллэрэ. Оччотооҕу учууталлар, оскуола оҕолоро, музей атаҕар турарыгар үлэлэспит дьон мин эбэбин олус бэркэ билэллэр. Эбэм музей үлэтин иһиттэн билэр, чуучула оҥоро сылдьан кыыллар тустарынан элбэҕи ааҕар, истэр буолан көрөөччүлэр кэллэхтэринэ Борис Николаевичтан итэҕэһэ суох кэпсиир экскурсовод.
Сайыннары-кыһыннары үлэлиир 100-тэн тахса араас үүнээйилээх оранжарея, оскуола учаастага, 58 араас 150 кыыллаах-көтөрдөөх тыыннаах муннук эмиэ эбэм илиитин иһинэн ааһара. Ити барыта сүрүн үлэтин таһынан үлэлэр. Сайын үүнээйигэ уу кутарыгар сүрүн көмөлөһөөччүлэринэн оҕолоро Валя уонна Юра буолаллара. Тыыннаах муннукка эһэ, дьиикэй ыт Динго, осел, хотой, киис, тииҥнэр, кулааһай, туртастар, канарейкалар, эриэн үөннэр, чараппаахылар, попугайдар, кууруссалар, холууп араас көрүҥэ о.д.а. иитиллэ сылдьыбыттар. Маны барытын этэргэ эрэ дөбөҥ, режиминэн аһатыы, көрүү-харайыы, усулуобуйаларын оҥоруу элбэх үлэттэн тахсар эбээт. Эбэм кыыллары наһаа таптыыр, көрбүт-харайбыт кыылларын, көтөрдөрүн үөрэ-көтө кэпсиир.
Саҥа музей 1987 с. көрөөччүлэргэ аанын тэлэччи аспыт. Хомойуох иһин, Борис Николаевич бу арылларын көрбөтөҕө. Эбэм «Саҥа музейга экспонаттары туруорарбытыгар үлэлиэхпит да буоллаҕа, кырааскалыахпыт да буоллаҕа» диэн Борис Николаевич ис дууһатыттан үөрэн туран эппит тылларын хараастан туран ахтар. Эбэм Марфа Кононовна улуу учуутал, таксидермист, худуоһунньук, учуонай Борис Николаевич Андреевы кытта бииргэ үлэлээбитин бэйэтин улахан дьолунан ааҕынар. Билигин музей «Жемчужина Сибири» диэн аан дойдуга биллэр. Манна эрэ сылдьыбыт дьон эбэбин «Сибиир чөмчүүгүн хаһаайката» диэн ааттыыллар.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сайын аайы эдьиийбинээн музейга үлэлиир этибит. Биирдэ Германияттан сылдьар эһэлэри үөрэтэр учуонай икки күннээх эһэ оҕолорун көрөн сөрү диэн сөхпүтэ. «Үйэм тухары эһэлэри үөрэтэбин да бастакытын бачча кыра оҕолорун көрөбүн» диэн. Ити эһэ оҕолорун тыыннаах муннукка Түбэй Дьаархантан олунньу 10 күнүгэр 1973 с. аҕалбыттар. Эбэм үс күн түүннэри-күннэри кыһыл оҕолору курдук суосканан аһата сатаабыт да, ийэлэрин иҥэмтэлээх үүтүн курдук буолбатах буолан өлөн хаалбыттар. Булчуттар мас тиэйэ сылдьан, эһэ арҕаҕын үрдүнэн тыраахтырынан барбыттарыгар эһэ тахсан куоппут. Эһэни көрөн һуу-һаа буола тураннар хаарга икки эһэ оҕото хамсыы сыталларын көрөн илдьэ кэлбиттэр. Эһэ куттал суоһаатаҕына оҕолорун сиэн кэбиһэр буолан, итиччэ кыра оҕолорун олох көрбөттөр эбит, ол иһин ити сэдэх түгэн. Биирдэ биир омук киһитэ «Нью-Йорк куоракка баар АМЕИ кэнниттэн иккис турар уникальнай музей эбит» диэн барбыттаах. Эбэм маннык музейы оҥорсубутунан биһиги, сиэннэрэ, олус киэн туттабыт.
Биһиги эбэбит күн бүгүҥҥэ диэри ыал тутаах киһитэ, дьиэ иһигэр кыайар үлэтин барытын оҥорор, дьаһайар. 85 сааһыгар диэри этэрбэс тикпитэ, үйэтин-сааһын тухары хас этэрбэһи, бэргэһэни тикпитин ааҕан сиппэккин. Олус кытыгырас сир асчыт, сайын буоллар эрэ кинини дьиэҕэ көрбөккүн. 90 сааһыгар диэри чугас өтөхпүт моонньоҕонун, хаптаҕаһын хомуйар, онтон наһаа астынар, сайын буоларын күүтэр. Ханна туох үүнэрин барытын билэр. Аан дойдуга туох буола турарын барытын хаһыаттан ааҕан билэ-көрө олорор.
Эбэм сыралаах үлэтэ сыаналанан Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл, сэрии бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, Айылҕа харыстабылын, Үөрэҕэрии министиэристибэлэрин грамоталарынан о.д.а. хаста да наҕараадаламмыта. 2019 сыл ахсынньы 21 күнүгэр 90 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин, Саха сирин Ил Дархана А.С. Николаев Эҕэрдэ суруктарын туттарбыттара. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕаһа» уонна «Сунтаар улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ» бэлиэнэн наҕараадалаабыттара.
Төрөппүт уола Александр, кыргыттара Валентина, Наталья, Зинаида күндү ийэлэринэн, биһиги, уон сиэннэрэ, тоҕус хос сиэннэрэ эйэҕэс эбээбитинэн киэн туттабыт! Эн истиҥ сыһыаныҥ, тапталыҥ, кыһамньыҥ, бэйэҥ холобургунан үлэҕэ-үөрэххэ уһуйууҥ барыта биһиэхэ күндү, сүрэхпитигэр-дууһабытыгар илдьэ сылдьар олоххо көрүүбүт! Күндү эбэбитигэр Саха сирин алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, биһиги тапталбытыгар угуттанан өссө да уһун олоҕу олороргор баҕарабыт!