Чинчийии үлэтэ — эмтииргэ бигэ тирэх
Киһи доруобуйата — кини бу олоххо күндү баайа. Ыарытыйыы саҕаланнаҕына, хаһан баҕарар абырыыр, өрүһүйэр дьонунан үрүҥ халааттаах аанньалларынан ааттыыр медиктэрбит буолаллар.
Хаһан баҕарар киһини эмтиэх иннинэ ыарыһах туохтан доруобуйата айгыраабытын быһаарарга, быһаарыы кэннэ эмтииргэ, чопчу чинчийэр ситимнээх үлэ ирдэнэр. Ол курдук, эмтиир быраас ыарыһахха диагноз туруорарыгар, аан бастаан анаалыс түмүгэр тирэҕирэр. Онон сөптөөхтүк анаалыһы ылыы, чинчийии, түмүгү таһаарыы киһи үтүөрэригэр улахан оруоллаах. Анаалыс тутар, чинчийэр лаборатория оҥорор эппиэттээх үлэтэ ардыгар биллибэккэ-көстүбэккэ, соччо болҕомтоҕо ылыллыбакка хаалара баар суол.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа диагностикалыыр лабораториятын устуоруйата инньэ ааспыт үйэ 20-с сылларыттан саҕаланар. Ол курдук, Дьокуускайга аан бастаан лаборатория кэбиниэтэ диэн ааттанан 1920 с. аһыллыбыт. Онон Саха сиригэр лаборатория сулууспата сайдыытыгар олук уурааччынан ааттаныан ааттанар. Урукку кэмҥэ ыытыллар чинчийиилэргэ тэҥнээтэххэ, лаборатория билигин, олох балысханнык сайдан, киһи көмөтө суох чинчийиини оҥорор саҥа кэм оборудованиеларынан толору хааччыллан үлэлиир.
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа лабораторията 50 үлэһиттээх. Онтон 12-тэ — үрдүк анал үөрэхтээх быраас, 4 биолог, орто сүһүөх медицинскэй персонала — 25, алын сүһүөх медперсонала — 9. Бу иллээх кэлэктииби лаборатория сэбиэдиссэйэ, үрдүкү категориялаах быраас Мария Егорова салайан үлэлэтэр. Санатар буоллахха, быйыл 2024 с. Мария Александровна Бүтүн Арассыыйатааҕы быраастар куонкурустарыгар “Бастыҥ диагностикалыыр лаборатория бырааһа” ааты ылан турар.
Диагностикалыыр лабораторияҕа аныгы технология көмөтүнэн хас да араас ньыманан күҥҥэ 500-тэн тахса биоматырыйаалы чинчийэллэр, ыарыы баарын-суоҕун, ону тэҥэ тумууну, сыстыганнаах ыарыыны, искэни, сэллиги, саһарар ыарыы көрүҥнэрин уо.д.а. быһаараллар. Чинчийии түмүгүн эмтиир быраастар көрөллөрүгэр анаан анал систиэмэҕэ киллэрэллэр. Быһаччы эттэххэ, лаборатория үлэһиттэрин сүрүн соруктара — эмтиир быраас анааһынынан ыарыһах биоматериалын чинчийии, ол түмүгүнэн ыарыһаҕы бырааска суһаллык тириэрдии.
Лаборатория билигин цито-гематологическай, уопсай клиническэй, паразитологическай, коагулологическай, биохимическай, иммуннай-гематологическай, иммунологическай, ПЦР салаалардаах уонна суһал сулууспалаах.
КДЛ кэлэктиибэ үлэҕэ, уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ биир иллээх дьиэ кэргэн курдук түмсүүлээх, өрүү көхтөөх. Өр сылларга үлэлээбит уопуттаах үлэһиттэр эдэрдэргэ өрүү көмө, сүбэ-ама, өйөбүл буолар үтүө үгэстэрэ кэлэктиипкэ олоҕурбут.
Кюннэй Гаврииловна Тен, клиническэй-диагностикалыыр лаборатория 2-с категориялаах бырааһа, КДЛ профкома:
— ХИФУ медицинскэй институтугар “Лечебное дело” үөрэммитим. Үөрэхпин 2015 с. бүтэрэн, Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай медицинскэй университекка интернатурабын барбытым. Үөрэхпин бүтэрэн кэлбиппэр Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ клиническэй балыыһатыгар КДЛ бырааһынан ылбыттара. Ол кэмтэн 7-с сылбын бырааһынан үлэлии-хамныы сылдьабын.
Кыра эрдэхпиттэн РФ үтүөлээх бырааһа, доруобуйа харыстабылын туйгуна эбэм Ефремова Лидия Ефремовна үлэлиирин көрөн, кини туйаҕын хатарыам диэн бигэ санаалаах этим.
Күн бүгүн ИФА отделыгар баарбын, сүрүннээн онкомаркердары, В, С гепатиты быһаарар анаалыстары оҥоробун. Сүрүн үлэм таһынан култуурунай-маассабай үлэнэн дьарыктанабын. Кэлэктииппит олус көхтөөх, инньэ гынан балыыһа иһинээҕи буоллун, атын да таһымнаах тэрээһиннэргэ, куонкурустарга көхтөөхтүк кыттан, үксүн бириистээх миэстэлэргэ тиксэбит.
Елена Власовна Григорьева, үрдүкү категориялаах лаборант-биэлсэр, РФ уонна СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, СӨ доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ:
– Мин талан ылбыт идэбинэн 40-тан тахса сыл үлэлии сылдьабын, бииргэ үлэлиир кэлэктииппин уонна тустаах үлэбин олус сөбүлүүбүн. Түгэнинэн туһанан бары бииргэ үлэлиир доҕотторбун уонна балыыһам үлэһиттэрин кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин. Үүнэр сылга бука барыларыгар кэрэттэн кэрэни, сырдыгы, ырааһы, саҥаттан саҥа үрдүк дабайыылары баҕарабын.
Наталья Николаевна Ефремова, алын сүһүөх медперсонала:
– Клиническэй-диагностикалыыр лабораторияҕа 2017 с. олунньу 8 күнүттэн младшай медперсоналынан үлэлии сылдьабын. Медицина эйгэтигэр үлэлиэхпин уруккуттан баҕарар этим. Ийэм даҕаны “медицина эйгэтигэр үлэлии киир, эйиэхэ наһаа барсыа этэ, амарах сүрэхтээхин, дьоҥҥо барытыгар көмөлөһө сылдьаҕын” диэн этэрэ тирэх буолбута. Үлэбин сөбүлүүбүн, куруук үөрэ-көтө кэлэбин. Бииргэ үлэлиир кыргыттарым бары олус үчүгэйдэр, кэлэктииппит иллээх. Тугу барытын бииргэ быһаарсан, толкуйдаан баран, уурбут-туппут курдук оҥорон кэбиһэбит. Ыытыллар куонкурустарга куруук бириистээх миэстэлэри ылабыт. Эти-хааны эрчийэ таарыйа бэйэм сарсыарда аайы сэрээккэлэтэбин.
Үлэбит биһиэнэ олус эппиэтинэстээх, хас биирдии анаалыс – киһи олоҕо, доруобуйата. Онон бары үлэбитигэр бэриниилээхтик, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабыт.
Хаартыскалар Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа диагностикалыыр лабораториятын архивыттан