"Чиккэс" коронавируһу утары охсуһарга көмөлөһөр
Коронавирус инфекциятын утары охсуһуу үлэтэ Дьокуускайга түүннэри-күнүстэри ыытыллар. Салайар хампаанньалар уонна ТСЖ-лар дьиэлэр подъезтарын, Роспотребнадзор кытаанах ирдэбиллэригэр олоҕуран, дезинфекциялыыллар. Куорат хаһаайыстыбатын эксплуатациялыыр сулууспа иһитиннэрэринэн, “Чиккэс” ХЭТ (ИП Толстяков Э.М.) үлэһиттэрэ бу күннэргэ подъезтары, оптуобус остонуопкаларын уонна балыыһалары буор-босхо дезинфекциялаатылар.
“Чиккэс” тэрилтэ дезинфекциялыыр анал оборудованиены пандемия саҕаланыан иннинэ бэйэтин офистарын ыраастаары атыыласпыт. Оттон ыарыы киин куораппытыгар тарҕанан барбытыгар, үтүө санаанан салайтаран, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр подъезтарын, остонуопкаларга дьон олорор ыскамыйаларын дезинфекциялаан саҕалаабыт.
“Биһиги бэйэбит офиспытыгар бүгэн олорбокко, тапталлаах куораппытыгар бу ыарахан кэмҥэ кыахпыт баарынан көмөлөһөр санааны ылыммыппыт. Подъезтары, ыскылааттары, араас тутуулары дезинфекциялаатыбыт. Баһылык Сардаана Авксентьеваны кытта көрсөн баран, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри ыраастыыр буоллубут. Дьон сакааһынан дьиэлэрин дезинфекциялыахпытын сөп”, - диэн “Чиккэс” ХЭТ салайааччыта Эрэл Толстяков кэпсээтэ.
«Бу тэрилтэ бэйэтин баҕатынан мас дьиэлэри уонна муниципальнай баанньыктары дезинфекциялыырга көмөлөстө. Куорат дьоҕус бизнеһин бэрэстээбиитэллэрэ социальнай эппиэтинэстээх буолаллара, коронавируһу утары үлэҕэ көмөлөһөллөрө үөрдэр.», - диэн куорат хаһаайыстыбатын эскплуатациялыыр сулууспа салайааччыта Айаал Егинов санаатын үллэстэр.
Кулун тутар 28 күнүттэн “Чиккэс” ХЭТ 300 социальнай эбийиэги уонна Строительнай, Автодорожнай уокурук мас дьиэлэригэр дезинфекцияны ыытта.