Чернышевскай уулуссатын чөлүгэр түһэрии дьаһалта тус хонтуруолугар турар
Олохтоох дьаһалта «Водоканал» тэрилтэттэн Чернышевскай уулуссатын суол болотунатын чөлүгэр түһэриини туруорсар, ол чэрчитинэн «Водоканал» ПАО икки төгүллээн административнай эппиэтинэскэ тардыллан турар.
Бу күннэргэ куорат баһылыга Евгений Григорьев прокурор Антон Николенконы кытта Чернышевскай уулуссатыгар 3 №-дээх коллекторы ууруу кэнниттэн суол болотунатын чөлүгэр түһэриини билистилэр уонна Чернышевскай уулуссатыттан Автодорожнай уулуссаҕа диэри иккис түһүмэххэ 200 м турба ууруллуохтааҕын кэпсэттилэр.
«Суол болотуната бордюртан бордюрга диэри, ону таһынан суол элеменнэрэ бары суһаллык чөлүгэр түһэриллиэхтээхтэр», - диир Евгений Григорьев.
«Водоканал» ПАО бэрэстэбиитилэ этэринэн, бэдэрээтчит быһаарылла илик, ол эрээри «Сэттэ» тутуу хампаанньата сабаҕаланар эбит. Хампаанньа бэйэтигэр сыһыаннааҕы оҥорон саҕалыаҕын, харчыттан тутулуктаммыт. Үлэни от ыйын 15 күнүттэн саҕалыыры уонна үс нэдиэлэнэн түмүктүүрү былаанныыллар. Ол эбэтэр 1700 м усталаах учаастакка бүтүннүүтүгэр аспаал уларыйыахтаах. Оттон «Сахатранснефтегаз» гаас турбаларын ууран, суолу чөлүгэр түһэрэргэ саҥа бэдэрээтчити көрдүүр.
Антон Николенко бэдэрээтчиттэри кылгас кэмҥэ быһааран, хаачыстыбалаахтык үлэлииргэ уонна суолу сабыы графигын аттарарга сорудахтаата.
Евгений Григорьев Олохтоох дьаһалта исписэлиистэригэр тумнан барар суолу, быылы хаптатыы боппуруоһун быһаарарга дьаһайда.
Үлэ куорат прокурорун уонна баһылыгын тус хонтуруолларыгар турар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.