Чэпчэтиинэн туһанар араҥа оптуобуска 567 солк. айанныыр буолла
2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн уопсастыбаннай тырааныспарга социальнай проезднойунан айан иһин төлөбүр сыаната 567 солкуобайга тэҥнэстэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, социальнай проезднойу «Алмаасэргиэнбаан» атыылыыр, каартаҕа харчыны эмиэ бу баан нөҥүө угуллар.
Социальнай проезднойунан айанныыр кыахтаах нэһилиэнньэ араҥата:
- Инбэлииттэр уонна инбэлиит оҕолор;
- Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара;
- Бойобуой дьайыылар, үлэ, тыыл бэтэрээннэрэ;
- Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүт инбэлииттэр уонна кыттыылаахтар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ;
- Концлааҕыр хаайыылаахтара, Чернобыль саахалын сиэртибэлэрэ;
- СӨ Бырабыыталыстыбатын 2005 сыл олунньу 14 күнүнээҕи 73№-дээх уурааҕар ыйыллар реабилитацияламмыт уонна гражданнар атын категориялара.
Санатар буоллахха. Саха сирин олохтооҕун каартата баан каартатынан биллэр, ону таһынан гражданин чэпчэтиинэн туһанарын туоһулуур дастабырыанньа оруолун толорор. Каарта туһунан сиһилии 8-800-100-34-22, 400-55 нүөмэрдэринэн ыйыталаыахха сөп.