Чэпчэтиилээх кирэдьиит бырагыраамата кэҥээтэ
РФ Бырабыыталыстыбатын 31.05.2022 с. 993 №-дээх дьаһалыгар олоҕуран, дьиэ туттарга 9 бырыһыаннаах ипотека бырагыраамата кэҥээтэ. Билигин маннык ыстаапкалаах кирэдьиитинэн ыал бэйэтин күүһүнэн дьиэ туттуон сөп буолла, урут баан бэдэрээтчитин эрэ кытта дуогабар түһэрсиллиэхтээҕэ.
Бырагыраама билигин “пилотнай” эрэсиимҥэ үлэлиир.
Уопсай усулуобуйата:
1. Ыстаапка 9 бырыһыан. Ырыынак уонна чэпчэтии ыстаапкатын араастаһыытын судаарыстыба уйунар.
2. Кирэдьиит кээмэйэ: Москваҕа, Санкт-Петербурга, Москва уонна Ленинград уобалаһыгар – 12 мөл. солк; атын регионнарга – 6 мөл. солк.
3. Бастакы усунуос – 20 бырыһыантан кыра буолуо суохтаах;
4. Үлэлиир болдьоҕо: 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри;
5. Солуок быһыытынан ылыллар: тутулла турар дьиэ эбэтэр сир;
6. Дьиэ кэргэн хайаан да оҕолордоох буолара ирдэммэт.
Бу ипотека хайдах үлэлиирий?
Баан иэс ылар киһиэхэ “кирэдьиит линията” диэни биэрэр. Ол аата кирэдьиит ылбыт суумаҕыт кыра-кыралаан кэлэн түһэр – бу “транш” диэн ааттанар. Тутуу түһүмэхтэрин бигэргэттэххит аайы баантан транштар кэлэн түһэллэр.
Кирэдьиит транштара сметаҕа олоҕуран оҥоһуллаллар.
Бастакы транш – сир ыларга, кирэдьиит сыала сири атыылаһыы уонна дьиэ туттуу буоллаҕына. Оттон эрдэ бэйэҕит сирдээх буоллаххытына, бу траншы көтүтэҕит.
Салгыы өссө үс транш түһэр:
- 40 бырыһыаҥҥа диэри – акылаат түһэриигэ транш;
- 40 бырыһыаҥҥа диэри – каркаска уонна көҥдөй турарыгар, акылаат түспүтүн баан бигэргэттэҕинэ;
- Хаалбыт суума – инженернэй чааһа киирэригэр, акылаат уонна дьиэ көҥдөйө турбутун баан бигэргэттэҕинэ.
Кирэдьиит ылбыт киһи 1 сыл устата дьиэтин тутта охсон бас билии быраабын регистрациялыахтаах. Оннук гымматаҕына, бириэмэтин куоттардаҕына, кирэдьиит бырыһыана үрдүүр.
Билиҥҥитэ бу кирэдьииккэ докумуоннары Дом.РФ эрэ тутар, сотору кэминэн атын бааннар эмиэ үлэлэһиэхтээхтэр.