Чэпчэтиилээх авиабилиэттэр атыыга тахсыахтара
![Чэпчэтиилээх авиабилиэттэр атыыга тахсыахтара](https://kiinkuorat.ru/wp-content/uploads/2021/10/Oi4K5w4ygG.jpg)
Кэтэһиилээх сонун – чэпчэтиилээх авиабилиэттэри Уһук Илиҥҥи Федеральнай Уокурукка регистрацияланан олорор пассажирдар бары атыылаһар кыахтаналлар. Бу туһунан Инстаграм ситимигэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев суруйар.
«Ити туһунан Дьаһалга Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата. Билигин, субсидиялааһын көмөтүнэн, Саха сирин олохтоохторо чэпчэтиилээх авиабилиэттэри дьон элбэхтик сылдьар Дьокуускай – Москва, Дьокуускай – Санкт Петербург хайысхаларынан атыылаһар кыахтаныахтара. Саха сирин олохтоохторун уонна тус бэйэм ааппыттан дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путиҥҥа өйөбүлүн иһин махтанабын!» - диир Айсен Николаев.
Бу нэдиэлэҕэ Росавиация, «Якутия» уонна «Алроса» авиахампаанньалар икки ардыларыгар сөбүлэҥ түһэрсиллиэхтээх, ол кэннэ чэпчэтиилээх авиабилиэттэр атыыга тахсыахтара.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар
![Мария Мигалкина: «Кэлии сиэмэлэринэн үлүһүйүмэҥ»](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/zgV1bKwtkp.jpg)
![Изабелла Попова: Сүрэхпэр сөҥөрбүт дьүөгэлэрим](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/08bzwt1DHL.jpg)
![Баһаар буруйдааҕын тыллыаҥ — наҕараада ылыаҥ](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/FtpkFiKGrd.jpg)
![Саха сиригэр мелиорация үлэтэ саҕаламмыта 75 сылын туолла](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/6LP5o124wA.jpg)