21.04.2023 | 10:00

Чэгиэн буолуоҕуҥ!

Чэгиэн буолуоҕуҥ!
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Уһун унньуктаах тымныы кыһыммытын туораан, сандал сааспытыгар үктэннибит. “Сааскыл салгын албын” диэн куруук ийэм халыҥнык таҥыннарар, тыала хахсаат, сарсыарда дьыбарданар, онно балыйтаран ыалдьан хаалыаҥ диэн сүбэлиир этэ. 
Ол да курдук, саас саҕаланнаҕына битэмииммит тиийбэт, иммунитеппыт мөлтүүр, түргэнник сылайаҕын, утуктуу сылдьар буолаҕын. Ону көннөрөр, ыалдьыбат, доруобай, чэбдик сылдьар туһуттан бүгүн ааҕааччыларбытыгар быраас үөрэхтээх дьон, ону таһынан социальнай ситимнэргэ кэлбит тэттик сүбэлэри биэриэхпит.

16 сыл ыстаастаах үрдүк категориялаах быраас Валентина Семеновна ааҕааччыларга анаан сүбэ-ама биэрэр.

Иммунитет туһунан киһи төһө баҕарар кэпсиэн, элбэҕи этиэн сөп. Тоҕо диэтэххэ, иммунитеты кытта туох барыта сибээстээх. Хас биирдии сөтөл, ытырдыы, атын да ыарыы барыта иммунитеттан саҕаланар уонна онон бүтэр диэн этиэхпин баҕарабын.

 

Эми аҥаар кырыы иһимэ

Ыалдьыбыт киһи иммунитетын бөҕөргөтөр уонна түргэнник үтүөрэрин туһугар үс сүрүн сүбэни бэлэмнээтим.

1. Өскөтүн ыалдьыбыт буоллаххытына, эми барытын анаатылар эрэ диэн аҥаар кырыы иһимэҥ.

Ол курдук туһалара ситэри дакаастамматах, вирустары утары араас бороһуоктарынан, битэмииннэринэн уонна таблеткаларынан (холобур, магний уонна калий чуолкай дэписиитэ быһаарыллыбатах буоллаҕына, аспирин уонна гомеопатическай препараттар) үлүһүйүмэҥ.

Манан эһиги иммунитеккытыгар үчүгэйи оҥорбоккут, төттөрүтүн, эмсэҕэлиэххитин сөп. Оттон, дьэ, доруобуйаҕар дьиҥнээхтик наада буоллаҕына, олох даҕаны сатаан көмөлөһүө суоҕа.

2. Сөптөөхтүк аһааҥ уонна утуйуҥ.

Сөптөөх аһылык туһунан төһөнү баҕарар этиэхпин сөп, уонна ол этэрбиттэн салҕыам суоҕа. Тоҕо диэтэххэ эһиги кыһалҕаҕыт 80 %-на мантан саҕаланар. Оттон хаалбыт 20%-на – бу утуйуу. Доруобай, иҥэмтиэлээх аһылыкка үөрэнэргит курдук, утуйуу гигиенатыгар эмиэ үөрэниэхтээххит.

Сөптөөхтүк, доруобайдык утуйуу эмиэ туһунан быраабылалардаах. Эйигиттэн онно туох да уустук, киһи сатаабата ирдэммэт. Оттон мин эппиппин тутустаххытына, биир нэдиэлэнэн ис туруккут тупсубутун билиэххит.

Сурунан ылыҥ эбэтэр өйгүтүгэр хатыаххытын наада:

Улахан киһи 7-8 чаас утуйуохтаах, маныаха сарсыарда 5 чааска биирдэ утуйан баран күнүс биир чааска диэри утуйуу табыллыбат;

түүн утуйуохха наада, хараҥаҕа уонна сибиэһэй, салгылаабыт хоско (хараххытын сабарга утуйарга аналлаах мааската ылыныҥ уонна хоскут түннүгүн арыйан салгылатыҥ);

олох кыайан утуйбат буоллаххытына, утуйуоххут 30 мүнүүтэ иннинэ эмтэ анатан ылаҥҥыт иһиҥ, ол эрээри нэдиэлэҕэ 3-тэн элбэх таблетканы иһимэҥ.

3. Иммунитет төрөөбүт сирэ-уота – оһоҕос, онон оһоҕоскутун көрүнүҥ, киниэхэ көмөлөһүҥ.

Ыалдьан бүттэххитинэ искит ыалдьар, убаҕаһынан сүүрдэр дуо? Дьэ, ити аата оһоҕоскут эрэйдэнэр уонна эһиэхэ ону биллэрэ, этэ сатыыр. Онуоха эһиги киниэхэ сөптөөх аһылыгынан уонна пробиотиктарынан көмөлөһүөхтээххит.

Оҕуруот аһын аһааҥ, бастатан туран, күөх оту. Ол курдук хараҥа өҥнөөх сэбирдэхтээх күөх оту (шпинат, руккола, щавель, петрушка, укроп уо.д.а.)

Ферментированнай аһылык (тууһаммыт хаппыыста, камбуча).

Үүт аһылык (саахара уонна эбилигэ суох йогуртар, айран, кефир).

 

Дьэ, итини барытын тутустаххытына, иммунитеккыт эһиэхэ көннөрү эрэ махтаммакка, олох улаханнык махтаныа!

 

Аны ааҕааччыларбытыгар анаан социальнай ситимҥэ кэлбит туһалаах сүбэлэри тиэрдэбит.

 

Битэмиин тиийбэтэҕинэ

А битэмиин тиийбэт буоллаҕына – баттах өҥө өлбөөдүйэр, туруга мөлтүүр, харах тулатынааҕы тирии быһыта  барбыт курдук буолуон сөп.

В2 битэмиин тиийбэтэҕинэ – киһи тириитэ, дьабадьыта хайа барар.

Бу битэмиин уотурбаҕа, пиибэ доруоһатыгар уонна ынах сүөһү быарыгар, сүрэҕэр баар.

Д битэмиин – уһун унньуктаах  кыһын кэмигэр  күн уота тиийбэтиттэн үөскүүр. Баттах өҥө өлбөөдүйэр, быһыта барар.

В6 – кыһын устата  эт аһылыгы олус элбэҕи сиэн, киһи  организма  мунньуллубут белогу уонна сыаны кыайан ситэ буһарбатын түмүгэр, араас ыарыыга ылларыан сөп.

В6 битэмиин  уҥуох ыарыытыттан – көҕүс уонна  сүһүөх  ыарыыларыттан харыстыа.

Е битэмиин тиийбэт буоллаҕына – киһи мэлдьи тымныйа сылдьар, сыыҥ-сыраан буолар. Ол аата организмҥа цинк, алтан тиийбэтин туоһута.

Е битэмиин уонна биотин тиийбэт буоллаҕына – дерматит, араас тирии сүһүрүүтэ, кытарыыта, хатырыыта саҕаланар. Онуоха Е битэмиини кытта В битэмиин  бөлөхтөрө: биотин, рибофлавин (В2) пиридоксин (В6), ниацин (В3) уонна цианокобаламин (в 12) көмөлөһөр.

В битэмиин бөлөхтөрө өссө организмҥа гемоглобин бигэтийиитин уонна саҥа килиэккэлэр үөскүүллэрин хааччыйар.

А уонна Д битэмииннэр эт-хаан  бааһырыытын оһорорго, сирэй мырчыстыытын  көннөрөргө  көмөлөөхтөр. А, Д, Е, С, итиэннэ биофлавоноидтаах битэмииннэр киһи организмыгар коллаген  үөскүүрүгэр көмөлөһөллөр уонна эрдэ сааһырыыттан харыстыыллар.

 

Диабет – кутталлаах ыарыы

Саахар ыарыытын бэлиэлэрэ олус уратылар, мэлдьи аччык курдук буолуллар, сотору-сотору убаҕаһын таһаарар, харах мөлтүүр, айах иһигэр тимир амтана кэлэр, баас оһон быстыбат, тирии кыһыйар, сүрэх астмата баар буолуон сөп. Хааҥҥа уонна ииккэ саахар элбиир.

Аан бастаан саахардаах уонна крахмаллаах астан аккаастаныахха наада, эт араас көрүҥэ, банантан, черешняттан, сливаттан, виноградтан атын фрукталары сиэҥ, бу ааттаммыт фрукталар олус элбэх крахмаллаахтар.

Диабет чэпчэки көрүҥүн топинамбур, черника, фасоль, дөлүһүөн аһарыан сөп.

Араас сытынан эмтэниэххэ сөп, эбэтэр үрүҥ уонна араҕас өҥнөөх сибэккилэр сыттарынан. Ииктэтэр эми испэт буола сатыыр үчүгэй. Мииҥҥэ буспут эриэппэ луугу эбэтэр атыннык буһаран сиэҥ. Арбуз эмиэ саахары организмтан таһаарар. Тыквата элбэхтик үүннэрэн аскытыгар туһаныҥ.

Сахар диабетыгар туттуллар норуот ырысыаптара:

Моонньоҕон сибиэһэй угун кыра гынан тоһуталаан бэлэмниибит.

1 остолобуой ньуосканы 1 ыстакаан оргуйбут ууну кутан мөлтөх уокка 30 мүнүүтэ оргутабыт. 1 чаас туруорабыт. Ыстакаан аҥаардыытынан күҥҥэ үстэ иһиллэр, аһыах иннинэ. 4 нэдиэлэ иһэн баран 10 күн сынньалаҥ.

Харас сэбирдэҕин 60 г 1лиитирэ итии оргуйбут уунан кутан баран сабан 2 чаас туруоруллар.

2 остолобуой ньуосканан күҥҥэ үстэ иһиллэр. Хас түөрт нэдиэлэ бүтүүтэ уон күн сынньалаҥ.

6-10 г ньээм-ньээм отун уонна силиһин 1 ыстакаан ууга кутан мөлтөх уокка 9 мүнүүтэ буһарабыт, чаас аҥаара туруорабыт уонна күҥҥэ түөртэ аһылык иннинэ остолобуой ньуосканан иһэбит. Эмиэ ый иһэбит, уон күн сынньалаҥ.

Чэйгитигэр дьэдьэн, малина сэбирдэхтэрин туһаныҥ.

Биэс тымыр сиэмэтин хомуйан 15 г биир ыстакаан ууга 5 мүнүүтэ тэптэрэн ылыллар, сойутан 15 мл күҥҥэ үстэ иһиллэр. Эмиэ үөһэ этиллибитин курдук ый иһэҕин, уон күн сынньалаҥ.

Лопух силиһиттэн, отуттан көөнньөһүгү иһиэххэ сөп, ити оттон салааттары сиэҥ.

Сугуну сиэҥ. Сэбирдэҕин, угун оргутан иһэҕит.

Сибиэһэй сүбүөкүлэ согун ыстакаан 1/4 күҥҥэ түөртэ иһиҥ. Эмиэ ый иһиллэр, уон күн сынньалаҥ.

50 г эриэппэ луугу паардаан баран 15 г укроп уонна петрушка эбэн мас арыылаан ыйы быһа сиэниллэр. Эмиэ 10 күн сынньалаҥ.

Эмтээх үүнээйилэргэ 100 араас көрүҥ хааҥҥа саахары кыччатыан сөп эбит.

Биһиэхэ бааллар:

Уулаах отон, сугун, горох, дьэдьэн, хаппыыста, хортуоппуй, ытырыык от, лук, биэ эмиийэ, ньээм-ньээм, эбиэс, тирэх, сарбынньах, боруу от, харас, үөрэ от, чеснок, олордуу салааттар, сельдерей, тэтиҥ.

Бу барыта норуот эмтэнэр ньымалара.

 

Барытын боруобалааҥ, хайаан да эмтэниҥ диэбэппит, быраастан сүбэлэтэргит, сөптөөх эмтэри анатаргыт ордук*

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....