«Чэбдиктэр» тымныынан чэбдигирэллэр
Дьокуускайтан тыһыынча килэмиэтир кэриҥэ тэйиччи сытар “Тымныы Эргимтэтэ” Өймөкөөҥҥө тохсунньу 21-22 күннэригэр дьоро күннэр буоллулар. Тыйыс айылҕалыын хатыһар хоту сиргэ үгэскэ кубулуйбут Норуоттар икки ардыларынааҕы III кыһыҥҥы экстремальнай марафон үрдүк таһымҥа ыытылынна. Аан дойду таһымнаах өрөспүүбүлүкэ дьаһалыгар ойбоҥҥо сөтүөлээн туруктарын бөҕөргөтөөччүлэр эмиэ кытыннылар. Сарсыарда эрдэ термометр таһырдьа -52 тымныыны көрдөрдө.
Үөрүүлээх быһыы-майгы Өймөкөөн сэлиэнньэтин хаба ортотугар турар “Оймякон – полюс холода” стелла таһыгар тэрилиннэ. Норуот тапталлаах үҥкүүһүтэ Дмитрий Артемьев аал уот оттон арчылаан алгыстаата. Өймөкөөн оройуонун баһылыга Иннокентий Сивцев, Ил Түмэн дьокутааттара Елена Голомарева, Сахамин Афанасьев, Чысхаан эҕэрдэлэрэ тымныы салгыҥҥа дуораһыйдылар. Хоту дойду тымныытын кэрэһилиир Чысхаан илэ бэйэтинэн кэлэн Орто Дойду олоҕун икки улуу күүстэр, ол эбэтэр күн сардаҥата уонна тымныы тутан туралларын, сирдээҕи олоҕу оҥороллорун, ардаҕы-хаары аҕалан, аан дойдуну угуттуулларын, уйгуну-быйаҥы аҕалалларын уустаан-ураннаан эттэ. Ыалдьыттарга туһаайан, “Дьыл кэрэни аҕаллын, аартыккыт кэҥээтин, дьоллоох-соргулаах буолуҥ!”- диэн эппитэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Марафон кыттыылаахтара 5, 10, 21, 42 килэмиэтирдэргэ Томтор бөһүөлэгин диэки “Ураа-аа!” хаһыынан, аан туман быыһынан иннилэрин диэки түһүнэн кэбистилэр. Дистанциялар кыайыылаахтарынан 42 км Василий Лукин, Марина Седалищева; 21 км Ариан Апросимов, Ульяна Барашкова; 10 км Михаил Слепцов, Сахаяна Сивцева; 5 км Владимир Тордуянов, Снежана Варламова буолуталаатылар. Өйдөбүнньүк мэтээллэринэн, дипломнарынан наҕараадаланнылар. Абсолютнай чөмпүйүөннэринэн эр дьоҥҥо Василий Лукин иккис төгүлүн буолла, дьахталларга Марина Седалищева абсолютнай чөмпүйүөн аатын ылла уонна 100 тыһ.солк. кээмэйдээх сертификаттарынан биһирэннилэр.
Кыһыҥҥы тымныылар үгэннээн турдахтарына, буолаары буолан тымныы оройугар – Кириһиэнньэҕэ, “Тымныы Эргимтэтигэр” сөтүөлээри, сүүрээри Америка, Арабтар Эмираттара, Индия курдук омук дойдуларыттан кытта кэлэн, биир кэккэҕэ турунан барбыттара бэйэтэ дьикти, умнуллубат түгэн!
Өймөкөөҥҥө марафон бырагырааматыгар хапсан, кыһыҥҥы тымныы ууга сөтүөлүү кэлбит Чурапчы “Чэбдиктэрэ” Өймөкөөҥҥө Дьүүктэ уонна Томторго Өйүмэ сүүрүгүрэ сытар тоҥмот Индигир өрүс салааларыгар икки күн тилэри сөтүөлээтилэр, астына-дуоһуйа умсаахтаан ыллылар. Уу төһө да тымныы буоллар, дьарыктаах буоланнар үөрэллэр-көтөллөр, ууга хойуу туманынан сирилэччи үрэ-үрэ балачча уһуннук олортоотулар. Киһи этин-сиинин хаарыйталыыр 50 кыраадыстаах Кириһиэнньэ хабараан тымныытын тулуйдулар, ыарыылартан көмүскэнэр иммунитеттарын бөҕөргөтүннүлэр. Онтон кулууп дьиэҕэ тиийэннэр эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит тымныыларын таһаарынаннар, чаас аҥаара холобурдаах хамсаннылар-имсэннилэр. “Имиллибит таҥас курдук буолуохтааххын”,- диэн бириинсиби тутуһаллар. Олохтоохторго маастар-кылаас, сүбэ-ама биэрдилэр. Ыллаан-туойан бэртээхэй кэнсиэр көрдөрөннөр, олохтоохтор сэҥээриилэрин ыллылар.
Бары да тымныынан дьарыктаммыттара ырааппыт. Үлэлэрин курдук ылыналлар. Учууталлара Афанасий Дмитриевич Дорофеев туһунан махтал-үтүө тылларынан аҕыннылар. Дорофеев хаалларбыт үөрэҕин салгыылларын, тымныы туһатын дьоҥҥо тиэрдэн итэҕэтэ, дакаастыы сылдьалларын туһунан кэпсээтилэр. Афанасий Дмитриевич тымныы көмөтүнэн өссө да уһуннук олоруох киһи акка быһа тэптэрэн, онтон сылтаан тэмтэрийэн, 89 сааһыгар олоҕо түмүктэнэн “эрдэлээбитин”, оһоллонуон иннинэ көс холобурдаах тэйиччи сиргэ сатыы сылдьан сылгыларын аһатарын, дьиэтин аннынааҕы үрэххэ оҥостуммут ойбонугар көтүппэккэ кииртэлээбитин кэпсээтилэр. Сүүс сааһыгар тиийэр эрэмньи санаалаах чэгиэн туруктаах сылдьыбытын санаттылар.
Олоҕун тухары буулаабыт ыарахан ыарыыларыттан тымныы көмөтүнэн босхолонон үтүөрбүт, быраастар учуоттарыттан уһуллубут, сааһын тухары суоппардаабыт, аҕыс кылаас үөрэхтээх Афанасий Дмитриевич анатомияны биэс тарбаҕын курдук билэрэ, үгүс научнай кинигэлэри ааҕара, билэрэ-көрөрө үгүс, киһи 250 млрд килиэккэттэн турарын, күүһү-уоҕу, сэниэни хантан ылыахха, үйэни хайдах уһатыахха сөбүн тустарынан кэпсиирэ-ипсиирэ, сүбэлии-амалыы сылдьара үгүс буолара. Сылайбата, эрчимэ, хамсанара сылбырҕата, өйө-санаата чэбдигэ сөхтөрөрө. Лаппа сааһыран баран түөрт кинигэни таһаартарбыта. Сочига аан дойду форумугар дакылаат оҥорбута, мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Оннооҕор компьютерга бэчээттииргэ кытта үөрэммитэ. Сотору ситэ суруйбатах бэһис кинигэтэ тахсыахтаах.
“Чэбдик” кулуупка сылдьааччылар дьоҕурдара, талааннара арыллан иһэрэ сөхтөрөр. Отуттан тахса сыл лесхозка инженердээн пенсияҕа тахсыбыт, 18 сыл ойбоҥҥо сөтүөлээбит Николай Романович кытыйа, быһах, ат симэҕин, дьахтар симэҕин, мас, тимир оҥоһуктары оҥорор уус бэрдэ. Бэйиэт Сүүмэх хоһооннорун тылларыгар уон биэс бэйэтэ айбыт матыыптаах ырыалардаах. Тойуксут, олоҥхоһут, өрөспүүбүлүкэ куонкурустарын түөрт-биэс төгүллээх кыайыылааҕа.
“Мичил” оҕо-уһуйаан иитээччитэ Светлана Ксенофонтова аҕыс сыл ойбоҥҥо кииртэлээн, сылайар диэни умнубут, хаһан да сүүрбэт бэйэтэ сүүрэр, сатаан оҥорбот хамсаныыларын оҥортуур буолбут. “Ойбоҥҥо киирдэххинэ ыга тутар, кыаһылыы сылдьар иҥиирдэрин, былчыҥнарын босхо ыыталлар, харысхалыҥ халыҥыыр, чэпчиигин, айылҕаҥ уһуктар, күүрбүт санааҥ симэлийэр, чэпчиигин”,- диир. Сиһин ыарыыта ааспыт. Дьон уйулҕатын көрөр, эмтиир, дьону туруктарын тупсарар дьоҕура арыллыбыт. Былыргылыы уус-уран тыллардаах таайбараҥнардаах хоһооннору суруйар буолбут.
Сусанна Лазарева 1986 сыллаахха сиһэ хам тутан, тоҕус ый хамсаабакка ороҥҥо сыппыт. Ыал ийэтэ соһуччу биир күн оронугар хам кэлгиллибит. Ыар дьылҕатын кытта бэриниэн баҕарбатах. Хаһыаттар, сурунааллар ыстатыйаларын ааҕан хамсаныы, ойбоҥҥо киирии туһатын билбит. Хас эмэ ыйы быһа эрэйдэнэн оронуттан турар буолбут. Биир төгүл приседаниелаан, бэттэх кэлэн эрэбин диэн санаата көтөҕүллүбүт. Бэйэтин кыайбыт курдук санаммыт. Иккис нэдиэлэтигэр иккитэ, үһүс нэдиэлэтигэр үстэ приседаниелаан, билигин 300 приседаниены холкутук оҥорор, хаамар, бэдьэйэн сүүрэр. Уу куттуутунан дьарыктанан, Афанасий Дмитриевич Дорофеевтан көрдөһөн “Чэбдик” кулуупка киирбит. Инньэ гынан, ойбоҥҥо киирбитэ уонча сыл буола оҕуста. Сүрэҕэ, сүһүөхтэрэ үчүгэй буолбуттар. Доруобуйата чөлүгэр түспүт. Дьарыга элбэх. 2006 сылтан фольклорга ылсыбыт. Туойар, чабырҕах ааҕар, сахалыы матыыбынан ыллыыр, олоҥхоҕо кыттыһар. Ньургун Боотур ахсыс ырыатын балтараа чаас толорор. Күннүк Уурастыырап олоҥхотун үөрэппит. Ыллыыр. Өймөкөөҥҥө кэлиэн баҕарбыт ыра санаата туолан, бэйэтин дьоллооҕунан ааҕынар. “Үөрэннэххинэ, ылыстаххына, сатыыр буолар эбиккин. Бэйэни кыайарга дьулуһуҥ, сүрэҕэлдьээмэҥ!” - диэн санаатын үллэстэр. 70 сааһыгар холооно суох эдэр көрүҥнээх.
Француз тылын учуутала Ирина Федоровна Сивцева олохтоохтор ааттарыттан “Чэбдиктэри” биһирээбитин биллэрдэ. Дорофеевы телевизорынан көрөн, араадьыйанан истэн, хаһыатынан ааҕан билэллэрин, тымныынан эмтэниигэ үөрэниэххэ сөбүн туһунан санаа баарын, биир маннык сырыынан тугу да ситиспэккин, инникитин сибээс олохтоон, кэлэ сылдьалларыгар ыҥырда.
Сибээс үлэһитэ идэлээх Зоя Мохначевская эбээ буолар мүччүрүйбэт иэһин толорон алта сиэннэрин бүөбэйдиирин быыһыгар чэбдигириинэн дьарыктаммыта уонча сыл буолла. Тапталлаах оҕотун сүтэрэн улахан уйулҕа охсуутугар (стресс) ылларан, кыайан таһаарыммакка зобтаммыт. Ол мөлтүүр кэмнэригэр Дьааҥыга Киһилээххэ бара сырыттаҕына йоганан дьарыктанар Лидия Иванова эппэккэ эрэ тымныы биэдэрэлээх ууну үрдүгэр таҥнары куппут. Онно улаханнык соһуйбут, кураанах гына соттубутугар хайдах эрэ чэпчээн хаалбыт. “Уунан дьарыктан, доруобуйаҕын көннөрүнүөҥ этэ”,- диэн Лидия сүбэлээбит. Сайынын үрэххэ сөтүөлүүр. Дорофеев группатын кытта ойбоҥҥо киириинэн үлүһүйбүтэ төрдүс сыла буолбут. Сөбүлээбит. Стреһэ сыыйа ааспыт. Тумуу, кириип буулаатахтарына, икки-үс күнүнэн аһарынар. Ыалдьыа суохтаахпын диэн санаатын бөҕөргөтүнэр. Сайыына үөрэҕин салҕыыр кэргэннии Сыдьаайа, Байдам Филипповтар “Тирэх” үөрэхтэригэр алта үөрэх куурсугар үөрэммит. Үчүгэй турукка кэлбитин бэйэтин түмүнэн, уунан дьарыгыран, айылҕатыгар чугаһаабытын кытта ситимниир. Оһуохайдыыр, тойуктуур, олоҥхолуур.
Дьокуускайтан “Моржи Саха” кулууптан Арыйаан Апросимов, Михаил Слепцов марафоҥҥа кытта таарыйа уонна Чурапчыттан кыһыннары ойбоҥҥо сөтүөлээччилэр доруобуйаларын бөҕөргөтөн туруулаһааччылара, чөл олоҕу тутуһааччылара анаан-минээн кэлэн, сөтүөлээн бараллара кэрэ-бэлиэ түгэн. “Чэбдиктэр” бу сырыыларын-айаннарын кулуубу төрүттээбит Афанасий Дмитриевич Дорофеев 90 сылыгар анаатылар. Афанасий Дмитриевич Дорофеевы кытта тымныы уунан куттуунан, ойбоҥҥо киирэн чэбдигирэн тахсыынан өрдөөҥҥүттэн дьарыктанар, билигин “Чэбдик” кулуубу Николай Романович Дьячковскай үүннээн-тэһииннээн салайар. Эдэр-эмэн саастарыгар илии-атах оонньууларынан, сүүрүүнэн, волейболунан умсугуйан дьарыктаммыт, арыгы-табах хайдах амтаннаахтарын, сыттаахтарын билбэт дьоһун киһи. “Чэбдиктэр” тымныынан дьарыктаныыга уһуйбут учууталларын Афанасий Дмитриевич Дорофеев уникальнай үөрэҕин бар-дьоҥҥо тарҕатар сыаллаахтар-соруктаахтар. Учууталлара баарыгар кэлэн сөтүөлээн барбыттара. Онон бу иккис кэлиилэрэ.
Хоту Өймөкөөн сиригэр баран кэлиини Чурапчы нэһилиэгэ (баһ. Владимир Сивцев), Чурапчы орто оскуолата (дир. Надежда Уарова), физическэй култуураҕа уонна спорка управление (нач. Иван Оконешников), спорт института (рект. Иннокентий Готовцев, Яков Оконешников), РИК-“Финанс” (Дмитрий Захаров) өйөөтүлэр. Махтал!
Сырыы-айан табылынна. Сыал-сорук ситиһилиннэ.