«Чайлдфри» идеологиятын тарҕатыы бобуллар
Икки атахтаах айылгытын быһыытынан, төрүүр-ууһуур, бэйэ кэнниттэн кэнчээри ыччаты тэнитэр, төрдү-ууһу салгыыр аналлаах. Оттон “чайлдфри” диэн тиэрмин – оҕолонортон, ийэ-аҕа буолартан бэйэ баҕатынан аккаастаныы бэлиэтэ. Ол эбэтэр биһиги дойдубутугар оҕото суох буолууну, оҕоттон аккаастаныыны өрө тутар, оннук өйү-санааны көҕүлээһин, аҕытаассыйалааһын уодьуганнанар буолла.
Туһааннаах сокуон ахсынньы 4 күнүттэн күүһүгэр киирдэ. Сыала-соруга – ийэ, аҕа буолууну, оҕо төрөөһүнүн атахтыыр, айылҕа сокуонун утарар өйү-санааны төрдүттэн суох оҥорон, дойду демографическай балаһыанньата тупсарыгар көмөлөһүү.
Итинтэн сиэттэрэн “СМИ”, “Реклама”, “Судаарыстыба РФ кинематографиятыгар оҥорор өйөбүлүн”, “РФ оҕо быраабын өйүүр тутаах мэктиэлэрин”, “Иһитиннэрии, информационнай технология уонна информация көмүскэллээх буолуутун”, ону тэҥэ “Оҕо доруобуйатыгар уонна сайдыытыгар буортуну оҥорор иһитиннэрииттэн көмүскээһин” туһунан дойду 6 сокуонугар уларыйыы киирдэ. Ону таһынан КоАП 6.21 ыст. эмиэ саҥардылынна.
Ол аата, мантан инньэ оҕолонууну утарар ис хоһоонноох суруйуу, киинэ, реклама уонна ону көрдөрүү, үллэстии тохтуохтаах. Бэл, бу сокуон иннинэ да тахсыбыт итинник ис хоһоонноох иһитиннэриини, оҥоһуллубут киинэни көрдөрүү, үллэстии да иһин, эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп.
*Онуоха биирдиилээн дьонтон ылыллар ыстараап – 400 тыһ. солк, дуоһунастаах сирэй – 800 тыһ. солк., оттон хампаанньа букатын да 5 мөл. солк. да тиийэр кыахтааҕа бигэргэммит.
Арай бу сокуон хааччаҕар манаахтар олохторугар уонна ыал буолбат туһунан андаҕар (обет безбрачия) биэрбиттэргэ сыһыаннаах иһитиннэрии хапсыбата этиллэр.