23.01.2021 | 13:22

Чаанньыкпытын ыраастыыбыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ардыгар чаанньык иһэ кэһиэх (накипь) буолар, түгэҕэр кир курдук олохсуйан хаалар. Маннык түгэҥҥэ ыраастыыр, чаанньыкпытын саҥатыгар түһэрэр, үйэтин уһатар хас даҕаны  ньыма баар.

Чаанньыкпыт үс гыммыт иккитигэр (2/3) тымныы уу кутабыт, 10-15 г лимон кислотатын (2 лиитэрэлээх чаанньыкка учуоттаан) кутабыт. 3-4 мүнүүтэ оргутабыт. Арааран баран кыратык туруора түһэбит. Онтон кирдээх уутун тоҕобут уонна чаанньыкпытыгар ыраас уу кутабыт. Өссө биирдэ оргутабыт, онтон уутун эмиэ сүөкүүбүт, сайҕыыбыт. Чаанньыкпыт ырааһырар, үөрэ-көтө чэй өрүнэбит.

 Өссө маннык үс төгүл төхтүрүйэн ыраастааһын ньымата баар. Бастаан чаанньыкпыт үс гыммыт иккитигэр уу кутабыт, 1 остолобуой ньуоска суода кутабыт. Бу суурадаһыны чаас аҥаара оргутабыт, онтон кирдээх уубутун тоҕобут.

Онтон суодалаах уубутун өссө биирдэ оҥоробут, онно эбии 1 остолобуой ньуоска лимон кислотатын кутабыт. Итиэннэ 5-7 мүнүүтэ оргутабыт. Салгыы уубутун тоҕобут. 

Түмүктүүр түһүмэххэ чаанньыкпытыгар уу уонна ыстакаан аҥаара уксуус булкуйан кутабыт. Чаас аҥаара оргутабыт. 

Бу кэннэ чаанньыкпытын ыраас уунан үчүгэйдик сайҕыыбыт. Хоспут аанын аһан салгылатабыт. Ол кэннэ биирдэ чэй өрө уурабыт. 

Өссө “Кока-коланан” ыраастыыр ньыма баар. Онуоха бастаан утах гааһын таһаарыҥ, онтон биирдэ бытаан уокка оргутуҥ диэн сүбэлииллэр. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....