ЧАҔЫЛХАЙ БЫРААҺЫННЬЫК ДЭГЭТТЭРЭ…
СЫРДЫК УОННА ХАРАҤА ОХСУҺУУТА ТЫҤААҺЫННАНАН ИҺЭРЭ.
ЭГЭЛГЭ ЭЛБЭҔЭ.
ДЬЭ ҮЧҮГЭЙ БУОЛЛА ДИИ СЫРЫТТАХПЫТЫНА, РОМАН ДМИТРИЕВ ОЛИМПИАДАҔА КИИРБЭТЭҔЭ ХОМОППУТА.
ОНТОН АНЫ ПИНИГИН ХОТТОРУУТА ЫАРАХАН ЭТЭ.
ОЛ ДА БУОЛЛАР...
1980 с. Олимпиаданы бойкоттары билиммэккэ ыыппыттара бобуулаах ордук минньигэс диэни санатар.
Билиҥҥи Ил Түмэн дьокутаата ПАВЕЛ ПИНИГИН иккис төгүлүн Олимпиадаҕа кыттаары сылдьара. Аны кини киирсиилэрин түөрт уон сыл буолан баран, хайдах саныыргын өссө төгүл суруй диэн көрдөстүлэр. Хатылааччым суох.
Оччолорго эдэр уол репортажпар тута тугу көрбүппүн оччо ырыппакка ойуулаатаҕым. Ол кэннэ элбэх хаар-самыыр аастаҕа. Сааһырдаҕым. Олоҕу атыннык сыаналыыр буоллаҕым. Элбэх түһүлгэлэргэ сырыттаҕым. Тэҥнээн да көрүөххэ сөп. Ол эрээри билигин да онно ким ситэ быһаарыы биэриэн өйүм хоппот. Оттон итинниккэ түбэспит дьонтон ыйытыы сырҕан бааһы тарбыыр кэриэтэ. Дьиктитэ баар, кыайтарыах хоттордоҕуна – кыһамматтар. Оттон элбэхтик өрөгөйдөөччү биирдэ бүдүрүйдэ да, сонордоон сураһыы тута саҕаланар. Сэттэ уон сэттэтэ араастаан ырытан илдьиритии кэннэ да, өссө эбии билэргэ дьулуһуулара сөҕүрээбэт. Дьэ, эрэй ээ, хайыыбын? Ааҕааччылар көрдөһүүлэрин толорорго эрэ күһэллэбин.
Олимпийскай оонньууларга туристарга бастакы аҥаарыгар уонна онтон ордугар сылдьарга путевка тарҕатыллар. Мин иккиэннэригэр барар путевкалаах эрээри, үгүс сахалар курдук көҥүл тустуу саҕаланыытыгар барбытым. Көтөр рейспитигэр регистрацияҕа бииртэн биир хаһыат сирэйигэр, тэлэбиисэргэ сэбэрэлэрэ, ааттара көстөр дьон кэлэн истилэр. Ханна да үтүө аргыс бииргэ сылдьара умнуллубат.
Сөмөлүөт толору биллиилээх дьон. Чугас аҕабын кытта бииргэ бултаһа, Дүпсүҥҥэ дьиэбитигэр хаста да кэлэ сылдьыбыт албан ааттаах спортсмен, мелодист, ол кэмнээҕи ''Урожай'' спортивнай түмсүү салайааччыта Аркадий Алексеев олордо. Тулабар кини тэрийбит ''Айан'' ансаамбыл ырыаһыттара бааллар. Бөлөхпүт салайааччыта – хомсомуол обкомун сэкирэтээрэ Людмила Павлова. Мин тустууну ырытыһаары, урукку бөҕөстөрү кытта биир хоско түспүтүм. Иккиэн ССРС спордун маастардара: Михаил Друзьянов – ''Спартак'' спорт түмсүү үлэһитэ, Василий Уваров –Майатааҕы спортоскуоланы сураҕырдан эрэр тренер. Кинилэрдиин оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр суруйсан доҕордоспутум, аҕыйах сылынан бу курдук маннык түһүлгэҕэ бииргэ сылдьыам диэн түһээн да баттаппатым.
Үлэ геройдарын тутааччы Михаил Семенович Сергеевтиин, өрүс аалын хапытаана Михаил Федорович Спиридоновтыын эрдэ билсэр этим, олох доҕордуу буолан хаалбытым. Кинилэр кыһыл Көмүс сулус уордьаннара түөстэригэр күлүмнүүрүн көрбүт эрэ биһиги делегациябыт хайдах дьоннооҕун сэрэйэллэрэ.
Москватааҕы Олимпиадаҕа сахалар тустуу буолар күнүгэр сарсыардаттан наар ЦСКА чэпчэки атлетикаҕа манеһыгар тиийэрбит. Оччолорго тустуу хапсыһыылара иккилии тохтобуллаах 9 мүнүүтэ буолара. Билиҥҥи курдук 4 баал диэн суох. Оннук быраҕыыга — икки баал, билиҥҥинэн 2 баалынан сыаналанар охторсууга биирдии эрэ баал ааҕыллар. Аны 20 баалынан да кыайан истэххинэ, тохтотумуохтарыи сөп. Үһүс сэрэтиинэн устуу диэн судьуйалар балыйарга туһаналларыгар сөптөөх этэ. Ыраастык хотторууга түөртүү ыстарааптыыр очко бэриллэр. Оннооҕор баалынан кыайдаххына, биир ыстарааптыыр очколанаҕын. Алта ыстараапгыыр очколаммыт туоруур. Инники миэстэҕэ ким аҕыйах ыстарааптыыр очколаах тахсара. Ол иһин аныгыскы эргииргэ кимниин киирсэриҥ биллибэт.
Пинигин олус да бэркэ саҕалаабытын бу буола турардыы ойуулуом. Швейцарец Рудольф Моррону биир быраҕыынан көбүөргэ түһэрээт, куотаары гыммытын ''Маарыйа'' диэн албаһынан, аҥаар илииттэн кэдирги тардан, тиэрэ баттаата. Көбүөргэ баай дойду бөҕөһүн 52 сөкүүндэ иһигэр иккитэ көхсүнэн күөлэһитээт, Байбалы аҥаар харытыттан өрө көтөҕүлүннэ. Англичанин Фитцлойд Уолкерды эмиэ ити албастарын чочуйардыы хатылаабыта. Импэрийэлиис мөхсөн куота сатаабытын 1 мүнүүтэ 24 сөкүүндэҕэ бэриннэрбитэ. Иккис түргэн кыайыы. Ити ханна да оччо биллибэтэх тустууктар этэ. Аны Ришар Счигальскайдыын тахсыа. Итинник ааттаах поляк син онно-манна миэстэлэһэрэ суруллааччы. Дьэ, арыый хайдаҕа биллиэ. Байбал 7:2 ахсаанынан баһыйан иһэн, эмиэ ыраастык уурда.
Төрдүс утарсааччы – Дан Карабин (Чехословакия). Бу чех Ленинградка Европа чемпионатыгар дойдубутугар, харахпыт ортотугар, кыһыл көмүс мэтээли былдьаан турар. Мэлдьи биир тэҥ үрдүк көрдөрүүлээх. Тбилиси түһүлгэтигэр, ыччаттарга аан дойдуга иккис буолбута. Итинник тустуукка Байбал тоҕута түһүтэлии турар. Кини кимиитин ыалдьыт көмүскэнэ эрэ сатыыр да, тулуспат. Тоҕус мүнүүтэҕэ Сэбиэскэй байыас 11 баалы хомуйда! Биири эрэ арыый холкуйан төлө тутта. Өссө баалы төһө баҕарар ылыах курдуга. Дьэ дьоһун. Маннык буоллаҕына, кыһыл көмүһү эрэ саныыбыт!
1980 сыл. Атырдьах ыйын 30 күнэ. Трибунаҕа холку олордохпутуна:
– Ок, ок, Байбал киирээри гынна быһыылаах, Бураков ыксаан төттөрү-таары хаамыталаата, — диэбитэ аттыбар олорор Василий Петрович Уваров. Тоҕо ыксаата? Бу өйдөөтөххө, уолугар венгрдиин тустуохтааххын диэн бэлэмнии сырыттаҕына, таблоҕа: «5 круг. Жамсын Даваажав (МНР) -- Павел Пинигин (СССР)» диэн сурук тахсан соһуттаҕа. Ону комментатор ааҕан дуораһытта. Монгол көрүҥүнэн лаппа бөҕө уонна атаҕын олох биэрбэт, түөрэҥнээбэт киһи буоларын көрбүппүт. Итинник баатырдардыын Байбал уруккуттан тустуута сүгүн табыллан биэрбэккэ эрэйдээччи. Тоҕо эрэ Пинигин арыый хойутаан кэллэ. Көбүөр ортотугар киирдилэр. Байбал араастаан тардыалыыр-анньыалыыр, киирэр-тахсар, хатыйар. Монгола урутаабат, кэтии сылдьан эрэ түсүһэр. Иккиэн бүдүрүйбэт мүлдьү бөҕө курдуктар. Сыра бөҕө бараан, нэһиилэ үстүүтэ охторсон ыллылар. Иккилии сэрэтиилээхтэр, ахсаан 5:5 буолла. Бээ, инчэҕэй эттээх кэнники мүнүүтэлэргэ сылайар кэмигэр биһиги боотурбут арыый үүдэһиннээх буолара. Өссө күүһүрбүт курдук буолааччы. Оччолорго 20-30 сөкүүндэ устата баал оҥорсубатылар да, хайаларын эрэ сэрэтэллэр. Ол иһин ыһыы-хаһыы бөҕөбүт:
—Красный пассив!—диибит биһиги.
– Синий пассив! — дииллэр аттыбытыгар чугас трибунаҕа олорор монголлар.
Свисток. Сууттааччылары одуулуубут. Көбүөргэ сылдьааччы кыһылга, ол аата монголга сэрэтии көрдөрдө. Ойоҕос судьуйа, көбүөр салайааччыта сөбүлэстилэр. Арбитр бөҕөстөрү көбүөр ортотугар киллэрэн, Байбал илиитин көтөҕөөрү гынна. Үөрэн истэхпитинэ, үөһээ президиумҥа олорооччулар иккиэннэригэр сэрэтии көрдөрдүлэр. Оо-оо! Сирэйбит ньолбойдо. Ити аата, үстүү сэрэтиинэн иккиэн быһа ыраас хотторбуттарыгар тэҥнээх.
Монголлар оччо кыһамматылар. Баатырбыт, хата, олимпийскай чемпионнуун тэҥнэстэ диэн эрдэхтэрэ. Түөрт көбүөргэ тэҥинэн бииртэн биир үчүгэй тустуук тахса турар. Манныгы ханна көрүөхпүтүй? Монреальга японец Сугаваралыын хапсыһыытыгар, тэҥ киирсиигэ Байбалга хотторуу биэрэннэр, итинник балаһыанньа үөскээбитин санаан кэлбиппит. Онно хотойбут аан дойду чемпионун, хардары-таары хотуһа сылдьыбыт американец Л.Кизеры 12:1 соспута. Онон эдэр болгары да оннук гыныан сөп, билигин да бастыыр эрэ санаалаахпыт.
Даваажав Карабиҥҥа хотторуон баҕарбыппыт да, кыайтаран иһэн, биир баалынан чорбойон тахсыбытыттан кыһамматыбыт даҕаны. Кини муннугуттан күөх триколаах Пинигин тута киирдэ. Хаһан баҕарар ох курдук оҥостооччу. Ама, маннык түгэҥҥэ бириэмэни ыытыа баара дуо? Иккиэн да сирэй-харах, тутуу-хаптыы сүрдээх. Сэрэйбит курдук, Байбал бастакы сөкүүндэлэртэн баал хомуйардыы оҥостубут. Киирдэ да, хоннох аннынан кэннигэр тахсан умса көттө. Баттыы сатаабакка ойон турда, көбүөр ортотугар киирээт, свистогу кытта тэҥҥэ аҥаар атахтан өрө тардан таһааран иһэн түҥнэри көттө. 20 сөкүүндэ аайы биирдии баал (билиҥҥи быраабыланан 4-түү, 2-лии баал). Райчев утары киирээри гыммытын тохтотоору, илиитинэн сүүскэ анньаары гыммыта дуу? Сүнньүттэн баттаары гыммыта дуу? Байбал баппаҕайын утары аста. Анараа киһи, итини эрэ кэтэспиттии, аҥаар илииттэн ылаат, эргиллэ түстэ. Сүрэҕим пас гынна! Аа-а. Пинигин маннык гынааччы, онно бу курдук оҥороор диэн дьиэтигэр анаан бэлэмнээбиттэр быһыылааҕын кэлин өйдөөбүппүт. Дебютант фавориты түбэһиннэрдим ээ диэтэҕэ, сыыһа туттумаары, автоматтыы чыпчылыйыы түгэнэ ''кочерга'' албаһынан (санныгар сүгэн) бырахта-аа! Мин тэҥҥэ охтордуу, дьигис гынан олоххо илиибин оһоллоотум. Олимпийскай чемпиону кыайыах дьоллоох түгэни таҥара иччэ биэрбитин мүччү тутуо суохтааҕын уонна куоттарда даҕаны дьэ киһитэ ситиһэрин эрдэттэн сэрэттэхтэрэ. Болгардар ыһыы бөҕөлөр. Уоллара ол бэлэмнэммит хамаанданы саллааттыы толорон, моонньуга харыларынан хатана түһэн, түөһүнэн сыҥааҕын көмөлөһүннэрэн баттаата. ''Ыы'' диэн ырдьайан, ынчыктаан, бэйэбит кэдэрийэн, чинэҥнээн иһэн, арбитр көбүөрү охсубутугар ньаппас гына түстүбүт. Арай сөмөлүөт хайаҕа кэтилиннэҕинэ бу биһиги курдук буолаллара дуу? Харахпын симпиппин. Арыйдым да, оччо сырдаабат. Онтон өй ылбытым, телескоптаах фотоаппарааппын ытарчалыы хам тутан тыҥаабыппын аҕай. Ол обьективпынан таблону көрөбүн: баара эрэ 1 мүнүүтэ 59 сөкүүндэ тустан хаалбыт. Ити өссө баттыырыгар бириэмэ бардаҕа. Байбал сирэйин таттаран көрө сатаабытым. Оруобуна мин диэки хантайан көрдө... сахалар мустан олорорбутун тахсан иһэн хаһыыбытыттан биллэҕэ. Эрэлбитин туох бааргынан кыһана сатаатыҥ да, кыаллыбата. Абатын уоскутар дьон диэтэҕэ, аҕыйах мүнүүтэнэн трибунабытыгар тахсыбыта.
Байбал: «Төрдүс эргииргэ венгрдиин тустаҕын», – диэн булкуйбуттарын уонна ити эмискэ быраҕыллыытыгар урукку оһоло бэргээн көмүскэммэккэ хаалбытын эппитэ. Кэлин кинигэтигэр ону хатылаабыта. Сорохтор кыайтарбыт киһини туох да диэтэҕинэ биричиинэ була сатааһын курдук сапсыйан кээһээччилэр.
Ол да буоллар, ырытарга холонуохха. Боротокуолтан сылыктаатахха, Фекер чахчы оһолломмут. Куруук тэҥҥэ хатыһар Счигальскайын кытта киирсиигэ сэттис мүнүүтэ чугаһыгар враһынан уһуллубут.
Компьютер диэн ССРС-ка ол Олимпиадаҕа саҥа кэлбитэ. Боротокуолу ол иннинэ сэкирэтээр-судьуйалар массыыҥкаҕа бэчээттииллэрин ыараан-чэпчээн сүгүн биэрбэттэрэ. Тренердэр боротокуолу маҥнайгы эргииргэ ким хаһыс нүөмэри ылбытынан уруучуканан суруйан, аныгыскы эргииргэ кимиэхэ ким тахсыан сөбүн ааҕан сыыспат буоланнар, үгэстэринэн эргиирдэргэ ким тахсыбыт боротокуолларын эккирэппэттэрэ. Бириэмэ ыыппакка тустууктарын бэлэмнииргэ эрэ толкуйдарын уураллара. Билиҥҥи курдук бассаап суоҕа. Байбал уһуннук разминкаланааччы. Европеецка анаан бэлэмнэнэ сырыттаҕа. Соһуччу монголлуун тустар эбиккин диэбиттэригэр, тактикатын сонно азиаты утары уларыта охсоро күчүмэҕэй. Илиитэ-атаҕа син биир венгргэ настройкаламмытыгар бара турдаҕа. Аны ханна да биллибэтэх Даваажавы манна ким көрбүтүн, хайдаҕын этэ охсуой? Итиннэ политика да диир оруннаах. Түгэн көстүбүтүгэр атын дойдулар Олимпиаданы ыытары өйөөн үчүгэйдик бэлэмнэммиттэрин көрдөрөөрү кинилэргэ мэтээли тарҕата сатыахтарын сөбө. Сэбиэскэйдэр онто суох элбэх наҕарааданы ылаллара биллэрэ.
Оттон Райчевка? Ити үлүгэрдээх быраҕыыга урукку эчэйии бэргиэҕинээҕэр саҥа да оһол тахсыан сөбө. Быһатын, Байбал кыайар кыахтаах эрээри, ити күн табыллыы атыттар диэки хайыспыта.
***
Бу норуоттар дьиҥнээх бырааһынньыктара этэ. Политиканы кытта булкуйан, өссө үчүгэй буолуоҕун мэһэйдээбиттэрэ. Ол үрдүнэн оннооҕор бойкоттуур дойдулар делегациялара, туристара кэлбиттэрэ, сорох спортсменнара олимпийскай былааҕынан кыттыбыттара. Аан дойду 36 рекорда олохтоммута.
Олимпиада-80 тутууларыгар ол түһүлгэ кэннэ политика, экономика, култуура тэрээһиннэрэ, күрэхтэһиилэр, эрчиллиилэр буола тураллар.
Онон XXII сайыҥҥы Олимпийскай Оонньуулар өйбүтүгэр- санаабытыгар кэрэ бырааһынньыгынан хаалан манньыта сылдьарын таһынан, Москваны улахан аныгылыы тутууларынан киэркэппитэ. Атын дойдулар сайдалларыгар, эйэҕэ дьулуһууга улаханнык сабыдыаллыыр.
«Азия оҕолоро» оонньуулар эмиэ сылдьыбыт дьоҥҥо оннук буолуо диэн эрэнэбин.