"Үчүгэйиэн бу Сиргэ!"
Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, саха бастакы поэтессата Варвара Потапова төрөөбүтэ 75 сылын туолла.
Варя Ньурба улууһун Сүлэ нэһилиэгин Үҥкүүлүүр алааһыгар 1946 сыллаахха ыам ыйын 13 күнүгэр төрөөбүтэ. Кини 1966 сыллаахха Ньурба маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрээт, СГУ саха тылын уонна литературатын салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Устудьуоннуур сылларыгар "Сэргэлээх уоттара" литературнай куруһуокка дьарыктаммыта.
Варвара Потапова өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, "Хотугу сулус" сурунаалга 1967 сыллаахтан бэчээттэнэн барбыта. Онтон 1972 сыллаахха "Күннээх халлаан" диэн маҥнайгы кинигэтэ тахсыбыта.
Варвара Потапованы «курус, санньыар поэтессанан» ааттыыллара. Кини айымньыларыгар көҥүл олоххо дьулуһар, кырдьык иһин туруулаһар ураты санааны саҕара, бэйэтин кэминээҕи олоҕунан астымматын биллэрэрэ. Саха дьахталларыттан бастакынан поэзияҕа киирэн, ол саҕанааҕы поэт эр дьону кытта тэҥҥэ хардыылаабыта. Наталья Харлампьева «Кини ыллыгы тэлбитин кэннэ айанныыр аартыкпыт аһыллыбыта...» диэн этиитигэр Варвара Потапова сүдү талааныгар сүгүрүйүү, поэзия эйгэтигэр сирдьит быһыытынан билинии көстөр. Үгүс саха поэтессата Варвара Потапова айымньыларынан куорсун анньынан тахсыбыта.
Ньурба улууһун Ыраах Убайааныгар олорбут дьиэтэ билигин музей буолан турар. Сылын аайы төрөөбүт күнүгэр биир дойдулаахтара онно мустан Варвара Потапова туһунан иһирэх тылынан ахтан-санаан ааһар үтүө үгэстээхтэр. СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова поэтессаҕа сүгүрүйүүтүн бэлиэтин «Мин сырдык санньыарым…» диэн кинигэ таһаарбыта.
Бүгүн Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрыгар киэһэ 18 чаастан Варвара Потапова төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах «Күннээх халлаан” диэн уус-уран дьүһүйүү буолар. Кыттыыны ылыахтара: Наталья Михалева-Сайа, Саргылана Гольдерова-Саргы Куо, Варвара Окорокова, Андрей Саввинов, Саха театрын артыыстара Зоя Багынанова, Елизавета Потапова, Кирилл Семенов уо.д.а.