24.04.2024 | 00:14

Быйылгы «Үлэ киһитэ» бириэмийэ лауреаттарын муус устар 30 күнүгэр билиэхпит

Быйылгы «Үлэ киһитэ» бириэмийэ лауреаттарын муус устар 30 күнүгэр билиэхпит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2023 сылга биллэриллиибит Үлэ сылыгар Ил Дархан Айсен Николаев 300 тыһ. солк. кээмэйдээх харчынан бириэмийэлээх «Үлэ киһитэ» диэн саҥа бириэмийэни олохтообута. 
Бу бириэмийэ мантан ыла өрөспүүбүлүкэ 50 бастыҥ үлэһитигэр сыл аайы туттарыллар. Быйылгы лауреаттары наҕараадалааһын муус устар 30 күнүгэр күүтүллэр. 
«Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ былырыын 300-чэкэ сайаапка киирбитэ биллэр. Оттон кыайыылаахтар ортолоругар слесарь, токарь идэлээхтэр, тимир, мас уустара, тыа хаһаайыстыбатын, промышленнас исписэлиистэрэ, учууталлар, доруобуйа харыстабылын эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ, култуура үлэһиттэрэ – өрөспүүбүлүкэбит сайдарын, туруктаах буоларын туһугар күннэтэ сыралаһар бастыҥ үлэһиттэр бааллара.
Бэлиэтээн эттэххэ, кыайыылаахтары сүүмэрдээһин үс түһүмэҕинэн ыытыллар, быйыл 50 бастыҥ үлэһити 221 сайаапкаттан таллылар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...