Быйылгы киэҥ далааһыннаах суол үлэтэ түмүктэннэ
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн киин куоракка 2021 сылга былааннаммыт 48,2 км уһуннаах суол өрөмүөнэ, саҥардан оҥоруута уонна тутуута түмүктэннэ. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Главстрой» МХТ информациятынан, 36 эбийиэккэ барытыгар аспааллааһын сүрүн үлэтэ, ону сэргэ тупсаран оҥоруу – сатыы сылдьар дьоҥҥо суол кытыытынааҕы хааччахтар, сырдатыы тирээбиллэрэ, суол бэлиэлэрэ, ууну сүүрдэр лотоктар оҥоһуллубуттар.
Окружной шоссеҕа – түөрт балаһа уонна бэлиссипиэт суола
4,2 км. уһуннаах суол түөрт балаһалаах буолла, кэтитэ – 3м 75см. Хапытаалынай өрөмүөн чэрчитинэн уулусса кытыытынан 3,25 м кэтиттээх бэлиссипиэт суола уонна 1м 25см кэтиттээх тротуар оҥоһуллубуттар. Бэлиссипиэт суолун уонна тротуар уопсай иэннэрэ – 17 663 кв. м. Өрөмүөн үлэтин сыаната хантыраагынан 832 мөл. солк. тахсыбыт, онтон бүгүҥҥү күҥҥэ 700-чэ мөл. солк. төлөммүт.
Жорницкай уул. Бүлүүлүүр тракка диэри учаастакка сэтинньи 15 күнүгэр диэри суол бэлиэлэрэ уонна хааччахтар, сырдатыы ситимэ, суол бүрүөһүнүн чөлүгэр түһэрии уо.д.а. үлэ ыытыллыбыт. Эбийиэги хамыыһыйа сэтинньи 15 күнүгэр туппут.
Тырааныспар сэтинньи 17 күнүттэн сылдьара былааннаммыт.
Хапытаалынай өрөмүөн бэдэрээтчитэ – «Дорстрой» ХЭТ. Суол үлэтэ 2020 сылга саҕаламмыт уонна быйыл түмүктэммит.
Быйыл ханнык бэдэрээтчиттэр суолу өрөмүөннээтилэр?
Куорат 36 уулуссатын нуормаҕа эппиэттиир турукка киллэриинэн 8 бэдэрээт тэрилтэтэ дьарыктанна – РИК «Автодор» АУо, «Инвестдорстрой» ХЭТ, «Дорстрой» ХЭТ, «Дорисс» ПАУо, ДРСУ «Сэттэ» ХЭТ, «Сельдорстрой» ХЭТ, «Туймаада» ХЭТ, «Альянс 2007» ХЭТ.
РИК «Автодор» АУо өрөмүөннээбит эбийиэктэрэ – Иван Кульбертинов, Жуковскай, Авиатордар, Эргэ Покровскайдыыр тракт, Луговой, Пилоттар, Покрышкин, Тэкки Одулок, Клара Цеткин, Кутузов, Рыдзинскай, 26-с партсъезд уул., Кангалаас дьоҕус оройуонугар Молодежнай, Птицефабрика оройуонугар Студенческай уонна Нагорнай уул., Хатыҥ Үрэх шоссетыгар Христофор Максимов, Широких-Полянскай, Шевченко, Заводской, Марха дьоҕус оройуонугар Интернациональнай, Маҥан сэлиэнньэтигэр Кыайыы 40 сыла, Хатаска Каландаришвили, Пляжнай, Набережнай, Пригороднай сэлиэнньэтигэр Совхознай уулуссалар.
«Дорстрой» ХЭТ Окружной шоссеҕа маннык үлэлэри оҥорбут: суолу кэҥэтии, тротуары кытта холбоммут бэлиссипиэт суолун таҥастааһын, суол уонна тротуар бордюрун тааһын уонна аспаал бүрүөһүнүн үс араҥатын ууруу, ууну ыытар турбалары оҥоруу, гаас ситимнэрин саҥардыы, сырдатыы саҥа тирээбиллэрин, суол кытыытыгар хааччахтааһыны уонна 17 оптуобус тымныы павильоннарын туруоруу.
«Дорисс» ПАУо Тулагы сэлиэнньэтигэр Николаев уул., «Инвестдорстрой» ХЭТ – Халтурин уул. уонна Марха дьоҕус оройуонугар Советская уул., ДРСУ «Сэттэ» ХЭТ – Клара Цеткин уонна Мархаҕа Олег Кошевой уул., «Сельдорстрой» ХЭТ – Ойуунускай уул. уонна Хатас сэлиэнньэтигэр Сидор Алексеев уул., «Туймаада» ХЭТ – Хатаска Объездной уул. уонна «Тускул» дьоҕус оройуонугар Иосиф Николаев уул., «Альянс 2007» ХЭТ – Тулагы уонна Табаҕа сэлиэнньэлэригэр элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар тиийэр суоллары туппут.
Суол үлэлэрэ бары мэктиэлиир болдьохтоохтор. Үөһээ бүрүөһүн болдьоҕо – 4-5 сыл, аллараа араҥата – 5 сыл, суол таҥаһын төрүтэ – 6 сыл, сир болотуната – 8 сыл.
2022 сылга бүтүөхтээх эбийиэктэр
Уулусса-суол ситимин өрөмүөнүн былаанынан, аҕыс суол учаастага 2022 уонна 2023 сылларга үлэҕэ киириэхтээх. Эһиил Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ Хабаров уулуссатыттан Краснояров уул. диэри учаастакка, Пирогов уулуссатын – Петр Алексеев уул. Жорницкай уул. диэри учаастакка, Ильменскай уул. – Чайковскай уул. Билибин уул. диэри, Каландаришвили уул. өрөмүөнэ – Ленин просп. Лермонтов уул. диэри учаастакка, Энергетиктар уул. быһа охсуһууларыгар – Федор Попов уул. Кальвица уул. диэри, Федор Попов уул. – Богдан Чижик уул. Энергетиктар уул. быһа охсуһуутугар, Речевой оскуолаҕа чугаһыыр суолга диэри.
2022 сылга ити эбийиэктэргэ аспааллааһын, тротуардары, хааччахтары оҥоруу, сырдатыы ситимнэрин туруоруу, көҕөрдүү үлэтин ыытыы былааннанар.
Дьокуускай куорат «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыакка 2019 сылтан кыттар. Үс сыл тухары куорат суолун 100 км. нуормаҕа эппиэттиир турукка тиийбит. Биэс сыл иһигэр (2024 сылга диэри) суол 85 %-на нуормаҕа эппиэттиир гына оҥоһуллуохтаах.