27.04.2024 | 08:36

Быйылгы бырааһынньык – Улуу Кыайыы 80 сылыгар генеральнай эрэпэтииссийэ

Быйылгы бырааһынньык – Улуу Кыайыы 80 сылыгар генеральнай эрэпэтииссийэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов салалтатынан буолан ааспыт «Кыайыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэт мунньаҕар вице-премьер быйылгы бырааһынньык 2025 сылга бэлиэтэнэр Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн генеральнай эрэпэтииссийэтэ диэн бэлиэтээтэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр икки тыһыынча кэриҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ олорор (сэрии кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, блокада сиэртибэлэрэ о.д.а.), ол иһигэр сэрии кыттыылаахтара – 13; оттон сэрии сылларын оҕолоро статустаах дьон ахсаана – 12 261.
«Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн киэҥ далааһыннаахтык ыытыахтаахпыт. Аҕа көлүөнэ дьоммут дьоруойдуу холобурун көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр эбээһинэстээхпит», – диэтэ Георгий Степанов.
Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, эһиил, 2025 сылга, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар биир кэмнээх төлөбүр кээмэйдэрэ икки бүк үрдүүрэ, чуолаан биэс тыһыынчаттан саҕалаан, 100 тыһыынчаҕа тиийэрэ күүтүллэр.
Маны сэргэ дойду баһылыга Вдадимир Путин Кыайыы 80 сылын бэлиэтээһиҥҥэ аналлаах ыйааҕынан Улуу Кыайыыны түстээбит бөдөҥ кыргыһыыларга аналлаах киэҥ хабааннаах тэрээһиннэри ыытыы чэрчитинэн Ил Дархан Айсен Николаев ыччаты патриоттуу тыыҥҥа иитэр сыалтан Саха сирин байыастара сэриилэспит дойдуларынан, ол иһигэр Белоруссиянан, Монголиянан уонна Кытайынан туристыыр маршруттары былаанныыллар. 
Оттон быйыл Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн үгэс буолбут «Георгиевскай лиэнтэ», «Тиэргэнинэн ыллыыбыт», «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ», «Дьиэ кэргэмминэн киэн туттабын», «Кыайыы түннүктэрэ» аахсыйалар, тематическай кылаас чаастара, эр санаа уруоктара, мемориалларга сибэкки дьөрбөтүн ууруу ыытыллыахтара, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...