Быйылгы былаан туолла!
Ааһан эрэр сылга киин куоракка уопсайа 23 км 558 миэтэрэ усталаах 27 суол тутуута, саҥалыы уларытыыта, хапытаалынай өрөмүөнэ ыытылынна. Маныаха федеральнай, өрөспүүбүлүкэ, куорат бүддьүөтүттэн 1 млрд 600 мөлүйүөн солкуобай үп туттулунна. Бу туһунан куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Евгений Григорьев «Якутия 24» ханаал «Актуальное интервью» биэриитигэр кэпсээтэ.
Эһиил 26 км 580 миэтэрэ усталаах суол үлэтин былаана күүтүллэр. Маны сэргэ, Тулагыга уонна Табаҕаҕа элбэх оҕолоох ыаллар учаастактарыгар киирэр суоллар оҥоһуллуохтара. Нагорнай, Винокуров, Можайскай уулуссаларын саҥалыы тутуохтара, Окружного шоссе, Бабушкин, Пирогов, Ильменскэй уулуссаларыгар хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллыаҕа. Жуковскай, Авиатордар, Николаев, Советскай, Олега Кошевой, Ивана Кульбертинов, Халтурин уулуссалара өрөмүөннэниэхтэрэ.
«Эһиил Ленин проспегар икки түһүмэхтээх улахан үлэ саҕаланар. Бэлэмнэнии номнуо саҕаламмыта – сибээс ситимнэрин көһөрүү, холуодьастары өрөмүөннээһин, өрөмүөн, монтаж сорох үлэтэ», – диэн кэпсээтэ Евгений Николаевич.