Быйыл Саха сиригэр 100-тэн тахса саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ, тутулла турар эбийиэктэргэ сыһыаннаах мунньаҕы ыытта. Видеоконференция көрүҥүнэн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи тутуу тэрилтэлэрин салайааччылара кытыннылар.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан, Саха сиригэр хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ дойду үрдүнэн саамай улахан бырагыраама олоххо киирэр диэн Дмитрий Садовников санатта. Быйыл хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ анаммыт, тутуллан бүтэрэ былааннаммыт саҥа 124 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн 23-һэ үлэҕэ киирдэ. Сыл бүтүөр диэри өссө 101 дьиэ тутуута түмүктэниэҕэ. Мунньах кыттааччылара иһитиннэрбиттэринэн, итинтэн сороҕо тутуллан бүтэн эрэр.
«Сорох эбийиэктэргэ тутуу хаамыыта графиктан хаалан иһэр. Сыл бүтэн эрэринэн сибээстээн, үлэһит ахсаанын элбэтэн тутууну тэтимирдэргэ, эбийиэктэри болдьоҕор үлэҕэ киллэрэргэ туох-баар миэрэни барытын ылыныахха наада», – диэтэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников.
Быйыл, 2023 сылга, 2019-2022 сыллар көрдөрүүлэрин учуоттаан туран, 555,6 тыһ. кв. м. хаарбах туруктаах олорор пуондаттан 30,8 тыһ. киһи көһөрүллүөхтээх.