Быйыл саҥа киин үлэҕэ киирэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 150 куойкалаах кардио-сосудистай киин тутуута Дьокуускай куоракка 2019 сыллаахха саҕаламмыта. Бастакы былаанынан эбийиэк 2024 сылга үлэҕэ киириэхтээх этэ. Тутуу прораба Владислав Павлов эппитинэн, билиҥҥи туругунан үлэ 70% бүтэн турар.
«Билигин тутууга 120 киһи үлэлиир. Вентиляциятын, уотун, ис-тас өттүн оҥорууга, тупсарыыга үлэ барар. Матырыйаалбыт барыта баар. Графиктан хаалбаппыт», – диэн кэпсээтэ Владислав Павлов.
Кардио-сосудистай киин 8 этээстээх, уопсай иэнэ – 15,5 тыһыынча кв.м. Саҥа эбийиэк Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа – Медицина национальнай киинин салаата буолар. Генеральнай дириэктэр Станислав Жирков этэринэн, кардио-сосудистай кииҥҥэ аан дойду таһымыгар тэҥнэһэр аныгы технологиянан медицинскэй өҥөлөр оҥоһуллуохтара, ол иһигэр эндоваскулярнай технологияны туттуохтара.
Эбийиэк 2021 сыл төрдүс кыбаарталыгар тутуллан бүтүөхтээх.