09.01.2023 | 18:00

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 17 оскуола үлэҕэ киириэҕэ

2023 сылга Саха сиригэр 17 оскуола үлэҕэ киириэҕэ уонна үс оскуолаҕа салҕааһын тутуу оҥоһуллуоҕа диэн Арассыыйа Информационнай телеграфнай агентствота иһитиннэрдэ.
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 17 оскуола үлэҕэ киириэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«2023 сылга 20 эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ — 17 оскуола, Хатаска уонна Дьокуускайга үс оскуолаҕа салҕааһын тутуу оҥоһуллуоҕа. Барыта 4 875 миэстэ тахсыахтаах. Оскуолалар Саха сирин араас муннуктарыгар, ол иһигэр ыраах уонна арктическай оройуоннарга баар буолуохтара», — диэн иһитиннэрэллэр Үөрэҕирии министиэристибэтигэр.

Тутууну федеральнай, регионнааҕы уонна бүддьүөт таһынан үп, итиэннэ  өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагыраамата үбүлүүр. Ол курдук, «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак, «Тыа сирин биир кэлим сайдыыта»  бырагыраама уонна муниципальнай-чааһынай партнерство механизма үлэлиир.

Саамай элбэх миэстэлээх оскуола Дьокуускайга ДСК дьоҕус оройуонугар аһыллыаҕа — 990 миэстэлээх. Итини таһынан, Пирогов уулуссатыгар 180 миэстэлээх анал оскуола үлэҕэ киириэҕэ. 2021 сыллаахха ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит Бэс Күөлэ сэлиэнньэтигэр 150 миэстэлээх оскуола үлэлиэҕэ.

2022 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 3,7 тыһ миэстэлээх 14 оскуола үлэҕэ киириэҕэ.  Саха сирин оскуолаларыгар барыта 152,1 тыһыынча оҕо үөрэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....