17.03.2021 | 06:02 | Просмотров: 649

Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх суол оҥоһуллуоҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Куталла суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн, 2021 сылга Дьокуускайга 48 килэмиэтир кэриҥэ суол тутуллуоҕа.

Маны сэргэ, Тулагыга уонна Табаҕаҕа элбэх оҕолоох ыаллар учаастактарыгар киирэр суоллар оҥоһуллуохтара.  Нагорнай, Винокуров, Можайскай уулуссаларын саҥалыы тутуохтара, Окружного шоссе, Бабушкин, Пирогов, Ильменскэй уулуссаларыгар хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллыаҕа. Жуковскай, Авиатордар, Николаев, Советскай, Олега Кошевой, Ивана Кульбертинов, Халтурин уулуссалара уонна да атын суоллар өрөмүөннэниэхтэрэ.

«Куталла суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн 2019-2024 сылларга Дьокуускайга уопсайа 204,5 килэмиэтир суол оҥоһуллуохтаах. Ол түмүгэр киин куорат суолун 85 бырыһыана нуормаҕа эппиэттиир турукка тиийиэхтээх.

Ааспыт 2020 сылга киин куоракка уопсайа 23 км 558 миэтэрэ усталаах 27 суол тутуута, саҥалыы уларытыыта, хапытаалынай өрөмүөнэ ыытылынна. Маныаха федеральнай, өрөспүүбүлүкэ, куорат бүддьүөтүттэн 1 млрд 600 мөлүйүөн солкуобай үп туттулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.