Быйыл Дьокуускайга 36 км тахса суол өрөмүөннэннэ
«Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов информациятынан, уопсайа 47 тыһыынча кв.м. тротуар, 4 980 м. ардах уутун ыытар систиэмэ лотуоктара оҥоһуллубуттар.
Үлэ көрүҥүнэн этэр буоллахха, 2022 сылга Кангалаас сэлиэнньэтин Нагорнай уулуссата саҥардан оҥоһулунна. Маннык эбийиэктэргэ хапытаалынай өрөмүөн барда: Ильменскэй уулуссатыгар Чайковскайтан Билибин уулуссатыгар диэри учаастакка, Пирогов уулуссатыгар Петра Алексеевтан Жорницкай уулуссатыгар диэри учаастакка, Труд, Уустаах-Избеков уулуссаларыгар, Яков Потапов уулуссатыгар Кеша Алексеев уулуссатыгар «Гимеин» кольцевойугар диэри, Маяковскай уулуссатыгар Каландаришвилиттан Широких-Полянскай уулуссатыгар диэри учаастакка, Глухой пер., Щорс күөлүн кытыытынааҕы уонна Птицевод уулуссаларга, Хатас сэлиэнньэтигэр Ленин уонна Октябрьскай уулуссаларыгар, Киллэм Уваровскай уулуссатыгар.
Суол өрөмүөнэ ыытыллыбыт эбийиэктэрэ: Каландаришвили уулуссатыгар Ленин пр. Лермонтов уулуссатыгар диэри учаастакка, Федор Попов уулуссатыгар, Энергетиктэр пер. Богдан Чижик уулуссатыттан Кальвицаҕа диэри учаастакка, речевой оскуолаҕа чугаһыыр суол, Авиатордар уулуссалара, Табаҕа сэлиэнньэтигэр Каландаришвили уулуссата (2-с учаастак), Пригороднайга Киин уулуссаҕа, Билибин уулуссатыгар (2-с уочарат) Ильменскэйтэн Сэргэлээхтиир шоссеҕа диэри учаастакка, Тимирязев уулуссатыгар Дежнев уулуссатыттан оптуобус түмүк тохтобулугар диэри, Мархаҕа Мархинскай уулуссаҕа, Очиченко уулуссатыгар Б.-Марлинскай уулуссатыттан 1-кы холуонньаҕа диэри учаастакка, Мерзлотнай, Три сосны уулуссаларга, Кардиология диспансерыгар чугаһыыр суол (Мерзлотнай уул.), Хатас сэлиэнньэтигэр – Панаев, Шараборин, Федорова, Молодежнай, Совхознай уулуссалар.
Итини таһынан, Хатас сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох ыаллар олорор кыбаарталларыгар чугаһыыр суол тутуллан бүттэ.
«Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн, таһынааҕы сырдатыы ситимин 924 тирээбилэ өрөмүөннэннэ, светильниктэр уларыйдылар, 75 оптуобус тохтобула хааччылынна (итинтэн 7-тэ – сылаас тохтобула), 107 суолу сатыы туоруур сирдэр, 8 светофор эбийиэктэрэ, 26 суол «искусственнай» оллур-боллура, 2087 суол бэлиэлэрэ, 4980 м лотуок оҥоһулуннулар.
Пирогов уулуссатыгар Петра Алексеевтан Жорницкай уулуссатыгар диэри учаастакка уонна Щорс күөлүн кытыытынааҕы уулуссаларга уопсайа 1,08 км уһуннаах бэлэсипиэт суоллара оҥоһулуннулар. Куорат уулуссаларын 19 тыһыынча кв. м. сирэ көҕөрдүүгэ бэлэмнэннэ.