16.07.2020 | 15:14

Быйыл Дьокуускай тула 13 баһаар бэлиэтэннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 17 күнүттэн от ыйын 16 күнүгэр диэри, докумуоҥҥа киирбитинэн, Дьокуускайдааҕы лесничествоҕа  13 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.

Саас уонна сайын куорат олохтоохторо, айылҕа туонатыгар тардыһаллар – сынньанаары, сир астаары, бултаары-алтаары, өҥүрүк куйаас сатыылаатаҕына сөтүөлээн сөрүүкээри. Сынньалаҥ түмүгэр соруйан да буолбатар, уоту ыытан кэбиһэллэрэ баар. Быйыл Дьокуускай сиригэр дьон буруйуттан тахсыбыт 6 баһаар бэлиэтэннэ. Баһаардары суһаллык “Якутлесресурс” уонна Дьокуускайдааҕы лесничество үлэһиттэрэ умулларбыттара.

Маны тэҥэ ойуур баһаарын биир төрүөтэ – этиҥнээх ардах. Чаҕылҕаннаах дохсун ардахтар Дьокуускайга от ыйын 7-8 күннэригэр түһэн аастылар. Ол түмүгэр 3 уот турбутун ЫБММ байыастара, “Якутлесресурс” уонна Дьокуускайдааҕы лесничество үлэһиттэрэ уодьуганнаатылар.

Күүстээх, үксүн кураанах этиҥнээх ардахтар от ыйын 8 күнүгэр буолан аастылар. 4 авиа зонаҕа баһаар турбута бэлиэтэннэ, ол аата үөһээттэн умулларыыны ирдиир таһымнаах баһаардар. Ол иһигэр 3 баһаар ураты харыстанар Кэҥкэмэ сиригэр буолла. Дьокуускайдааҕы автоотделение салаатын 4 парашютиһа умулларыыга үлэлээн, билиҥҥитэ 0,2 га сири уоттан быыһаатылар.

Дьокуускай тулатыгар билигин 3 баһаар умайа турара бэлиэтэнэр: ойуур уота – Синньигэс үрэх диэн сиргэ 6 га умайар, 6 парашютист уоту утары охсуһар. Дьокуускай Горнайы кытта кыраныыссатыгар 3 га умайар, 16 АПС үлэһитэ, авиа салаа десантниктара үлэлииллэр. Хамыйахтаах диэн сиргэ 5 га уокка былдьанна, 6 АПС үлэһитэ, “Якутлесресурс” баһаарынай химическай салаатын 15 үлэһитэ, 1 булууктаах тыраахтар, 3 УАЗ, 1 ГАЗ-егерь үлэлээтилэр.

Иван Николаевич Охлопков – Дьокуускайдааҕы лесничество үлэһитэ:

- Дьокуускайдааҕы лесничество бастайааннай рейдэлэри оҥорор. Быйыл 50 рейдэ оҥоһулунна. 8 киһи административнай эппиэтинэскэ тардылынна. Сэрэтэр уонна өйдөтөр үлэ көмөтүнэн, былырыыҥҥытааҕар баһаар ахсаана билигин аҕыйах.

Айылҕаҕа сынньанааччылар сэрэхтээх буолуу олус судургу быраабылаларын кыайан тутуспаттар:

  • мангал уматалларыгар сирин хаппыт оттон-мастаан ыраастыахтаахтар;
  • кутаа уот оттоллоругар сиргэ хаһыы оҥоруохтаахтар;
  • баралларыгар умайа сытар уоту хаалларыа суохтаахтар, мангал утуйа илик күлүн сиргэ тэбиир сыыһа. Бараргытыгар кутаа оттубут сиргитигэр ууну, буору кутуохтааххыт;
  • табахсыттар сигареталарын утуппакка сиргэ элитэллэр. Умайа сылдьар табаҕы массыынанан айаннаан иһэн кытта быраҕаллар.

Кып-кыра да кыым уоту тыал хабал ылан тарҕатан кэбиһэрэ түргэн буолар. Бастаан кураанах от, мас сыыһа умайар, онтон баһаар ойууру сиэн барар. Инньэ гынан дьон сыыһа-халты туттуутуттан тыһыынчанан кв. м. иэннээх хаарыан тыабытын сыллата уокка былдьатабыт.

Ойуур умайда да туох баар тиитэ, ыарҕата барыта сиэнэр. Ол кэннэ умайбыт маһы тыал суулларар. Онтон сир аннынааҕы ирбэт тоҥ мууһа уулларга барар. Биир сылынан баһаар миэстэтигэр кута, бадараан үөскүөн сөп.

Ойуур чөлүгэр түһэрэ олус бытаан буолар. Бастаан от, хатыҥ уонна кыра ыарҕалар үүнэллэр. Сир аһын уга манна хаттаан үүнэн тахсыбат.

Сыллата «Якутлесресурс» ГАУ сэрэтии үлэтин ыытар:

  • саас 800 га, күһүн 700 га сиргэ хонтуруолланар өртөөһүнү ыытабыт. Ыам ыйын 20 күнүттэн Туймаада хочотун ойуурун кыраныыссатыгар 25-80 км минерализированнай балаһа сыллата бэлэмнэнэр. Мас кэрдээччилэр төҥүргэстэри ыраастылларыгар модьуйабыт;
  • Агитациялары, бэсиэдэлэри, лиэксийэлэри ыытабыт;
  • Көрөдөрөр-иһиттиннэрэр ньымаларынан сырдатыы үлэтин ыытабыт.

Ытыктабыллаах бар дьоммут, ойуур баһаарын уодьуганныырдааҕар кутаа уоту, мангалы кичэллээхтик умулларан барбыт чэпчэки буолар. Хас биирдии киһи ытык иэһэ – Ийэ айылҕабытын харыстааһын!

     

Ойуур баһаарын туһунан иһитиннэриилэри маннык төлөпүөннэринэн ылаллар:

ЫБММ (МЧС) – 01

Лесничество диспетчердэрин сулууспата - 44-17-19,

Авиалесоохрана -  44-74-76.                                                                                

“Дьокуускайдааҕы лесничество” уопсай сирин иэнэ 272 980 га. Онтон 213 888 га ойуур, ол аата 80,7 бырыһыана тыа буолар. Лесничество 4 учаастакка арахсар: Марха, Куорат, Маҕан уонна Шестаковка. Хас биирдии лесничество кыбаарталларга араарыллар. Холобур, Марха лесничествотыгар 481 кыбаартал баар.

Саха сирин ойуурун хаһаайыстыбатын 25 лесничество кэтиир. Олортон саамай дьоҕустара – Дьокуускайдааҕы, саамай киэҥ сирдээх  Эдьигээҥҥэ баар. Биир лесничество сиригэр-уотугар биир эрэ улуус сирэ киирэр диэн буолбатах, сорох хаһаайыстыбаларга 2-3-түү улуус киирсэллэр. Ойуур сыһыаннаһыыларыгар Департамент  дааннайынан, өрөспүүбүлүкэбит ойуурун пуондата сирбит уопсай иэнин 50,4 бырыһыанын ылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....