30.07.2021 | 14:36

Быйыл Арассыыйаҕа тыа хаһаайыстыбатын микробиэрэпиһэ ыытыллыа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

РФ Бырабыыталыстыбатын 2020 сыл атырдьах ыйын 29 күнүнээҕи 1315 №-дээх Уурааҕар олоҕуран, 2021 сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн 30 күнүгэр диэри РФ территориятыгар  тыа хаһаайыстыбатын микробиэрэпиһэ ыытыллар.  
Маннык улахан хабааннаах тэрээһин 2005 сыл от ыйын 21 күнүнээҕи 108-ФЗ  №-дээх «Бүтүн арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһин туһунан» Федеральнай сокуонугар олоҕуран биэс сылга биирдэ ыытыллар. 
Тыа хаһаайыстыбатын микробиэрэпиһин ыытыы сыала – улахан биэрэпис  ыытылларын икки ардыгар, сайдыыга прогнозтааһыны уонна экэниэмикэ  өттүттэн миэрэлэри ыларга, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар эйгэтин үлэтин таһымын үрдэтэргэ, тыа хаһаайыстыбатыгар буола турар уларыйыылар туһунан информацияны хомуйуу буолар. 
2021 сыллааҕы тыа хаһаайыстыбатын микробиэрэпиһин уратыта – респонденнартан информацияны хомуйуу аныгы технологиялар көмөлөрүнэн ыытыллар. Ол курдук планшетнай компьютердар туттуллуохтара. Ити информация хаачыстыбатын, хомуйарга тэтимин уонна дааннайдары кытта үлэ таһымын үрдэтиэҕэ. 
Саха сиригэр микробиэрэпискэ 628 тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, 3222 бааһынай (фермерскэй) хаһаайыстыбалара уонна биирдиилээн предпринимателлэр,  61345 кэтэх хаһаайыстыбалар, 314 коммерческайа суох гражданнар холбоһуктара кыттыахтара. 
Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр, бааһынай (фермерскэй) хаһаайыстыбаларга,  коммерческайа суох холбоһуктарга микробиэрэпис бары муниципальнай оройуоннарга биир тэҥ ньыманан ыытыллыаҕа. Кэтэх хаһаайыстыбаларга биэрэпис талан ылар ньыманан барыаҕа, онно 16 муниципальнай  оройуон киирэр: Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мэҥэ-Хаҥалас, Мирнэй, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Хаҥалас, Уус-Алдан, Уус-Майа, Чурапчы уонна Дьокуускай куорат уокуругугар киирсэр нэһилиэнньэлээх пууннар. 
Микробиэрэпис – 2026 сылга ыытыллар Бүтүн арассыыйатааҕы  тыа хаһаайыстыбатын  биэрэпиһигэр бэлэмнэнии. 
Барыллаан түмүк 2021 сыл IV кыбартаалыгар, оттон түмүк – 2021 сыл кыбартаалыгар тахсыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...