Быйыл 23 км суол оҥоһуллуоҕа
“Россия 24” ханаал быһа эфиригэр Дьокуускай баһылыгын солуйааччы Евгений Григорьев таҕыста. Территориялары сайыннарыы боппуруостарыгар баһылык солбуйааччыта “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суол” национальнай бырагыраама Дьокуускай куоракка хайдах олоххо киирэрин, ону таһынан ханнык эбийиэктэргэ хапытаалынай өрөмүөн барарын, суол тутуутун туһунан сиһилии кэпсээтэ.
“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суол” национальнай бырайыакка Дьокуускай куорат 2019 сыллаахха киирбитэ. Быйыл 23 км 560 м суол өрөмүөннэнэр. Барыта 28 уулусса, ол иһигэр 14 уулусса куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ – Кангалас, Маҕан, Тулагы, Табаҕа, Хатас суоллара.
“Куорат кытыы сирдэригэр болҕомто хайаан да ууруллуохтаах. Саҥа суоллар нэһилиэккэ сайдыыны түстүөхтэрэ диэн эрэнэбит”, - диэтэ Евгений Григорьев. 28 уулусса өрөмүөнүн аукциона барыта ыытылынна. Үлэҕэ график быһытынан тахсыы саҕаланна.
Национальнай бырайыак чэрчитинэн, ааспыт нэдиэлэттэн Губин, Кеша Алексеев, Три Сосны уулуссаларга өрөмүөн саҕаланна.
Быйыл киин уулуссалар өрөмүөннэрэ суоллар быһа охсуһар сирдэриттэн барар. Ол курдук, кэлэр нэдиэлэттэн Поярков уонна П.Алексеев, Поярков уонна Курашов уулуссаларын быһа охсуһууларыгар үлэ саҕаланыаҕа. Баларга суол саахала элбэхтик тахсарын бары билэбит, өрөмүөн кэннэ саахал тахсар куттала барыта туоратыллыахтаах.
Ленин проспегын өрөмүөнэ – туспа улахан бырайыак. Краснояров уулуссатыттан саҕалаан, Хабаров уулуссатыгар диэри, ол аата проспект бүтүннүү оҥоһуллуохтаах. 2021-2022 сыллар былааннарыгар киирбит үлэҕэ суол бүрүөһүнэ эрэ буолбакка, кытыытынааҕы тутуулары кытта таарыйар баараҕай үлэлэр ыытыллыахтара. Евгений Григорьев кэпсииринэн, Ленин проспегын өрөмүөнүн уустугурдар суолунан проспект аннынан Водоканал коллектора ааһара буолар. 1960 сыллаахха тардыллыаҕыттан биирдэ да өрөмүөннэнэ илик. Онон коллектор эмиэ сөргүтүллүөхтээх. 2021-2022 сылларга Ленин проспега өрөмүөннэнэн бүтүөхтээх. Билигин үлэ бырайыагын бэлэмнииргэ куонкурус биллэрилиннэ.
Быһа эфир кэмигэр куорат олохтоохторо 2019 сыллаахха өрөмүөннэммит суоллар кэтиттэрин туһунан ыйытыылары биэрдилэр. Евгений Григорьев быһаарбытынан, суоллар кэтиттэрэ судаарыстыбаннай стандартарга эппиэттиир, бырайыактыыр докумуон барыта судаарыстыбаннай экспертизэни ааһар.
Маны тэҥэ куорат олохтоохторун национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар суол өрөмүөнүн хаачыстыбата долгутар. Евгений Григорьев хаачыстыбаны хайдах хонтуруоллуулларын кэпсээтэ: “Биһиги Чайковскай уулуссаны туттубут, Ларионов, Пилоттар уулуссаларыгар, Хатыҥ Үрэх шоссетыгар кэккэ боппуруостар үөскээтилэр. Бэдэрээччиктэр үлэлэрин туппатыбыт, эбээһинэстэрин толороллоругар ирдэбил түһэрдибит”. Маны таһынан, баһылык солбуйааччыта суол оҥоһуутун хаачыстыбатын кэтээн көрөр, хонтуруоллуурга көмө буолар көхтөөх гражданнарга махтанна.
Национальнай бырайыак 5 сыл устата олоххо киирэр, 2019-2024 сыллар устата 203,5 км суол тупсарыллыахтаах, ол Дьокуускай суолун 85 бырыһыана.
***
Быйыл Дьокуускайга 23,5 км асфальт суол тэлгэниэхтээҕин туһунан баһылык Сардаана Авксентьева инстаграм страницатыгар суруйбута.
“Суол тутуута, өрөмүөнэ барыта олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэр, ол аата эһиги биһикки харчыбытыгар, ол иһин бэдэрээччиктэртэн үрдүк хаачыстыбалаах үлэни ирдиибит”, — диэн баһылык тоһоҕолоон суруйар.
Быйыл суол тутуутугар техническэй уонна уопсастыбаннай хонтуруол күүһүрүөҕэ. Суол тутуутун боппуруостарын быһаарсар мунньах Ютубка тахсыбытын элбэх дьон көрбүтүнэн сабаҕалаатахха, олохтоохтору бу боппуруос дьиҥнээхтии долгутар.