31.08.2022 | 12:00 | Просмотров: 682

Быйыл 12 воркаут-балаһаакка оҥоһуллуоҕа

Бары воркаут-балаһааккалар нэһилиэнньэ доруобуйатынан хааччахтаах араҥатыгар аналлаах тэриллэрдээх, итини таһынан Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар инклюзивнай спортивнай-оҕо балаһаакката баар буолуоҕа диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билиҥҥи туругунан воркаут-балаһааккалар Кангалаас уонна Марха дьоҕус оройуоннарыгар үлэҕэ киирдилэр. Куорат күнүгэр итинник балаһааккалар Пригороднай, Владимировка сэлиэнньэлэригэр, Дьокуускай куоракка Сэргэлээхтиир шоссе уул., 1 №-гэр уонна Можайскай уулуссатыгар («Стерх» СК) аһыллыахтара.

Балаҕан ыйын устата воркаут-балаһааккалар Дзержинскэй уул., (Губинскай уокурук), Петровскай уул., (Октябрьскай уокурук), Советскай Армия 50 сыла уул., (Промышленнай уокурук), Яков Потапов уул., (Сайсары уокуруга), Пушкин уул., (Киин уокурук) үлэҕэ киириэхтэрэ.

Манна даҕатан эттэххэ, куорат уокуругун территориятыгар воркаут-балаһааккалары куорат баһылыга Евгений Григорьев көҕүлээһининэн туруораллар. Баһылык сүрүн соруга – куорат уокуругун 15 нэһилиэнньэлээх пуунугар сааһыттан, доруобуйатын туругуттан тутулуга суох хас биирдии киһи спордунан дьарыктанарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийии.

2021 сылга муниципальнай бырагырааманан киин куоракка 15 воркаут-балаһаакка туруоруллубута: Дзержинскэй уул., 45/1, 45/2, Билибин уул., 17/1, Совхознай уул., 27, Кальвица уул., 11/1, Курнатовскай уул., 3/5, Лермонтов уул., 58, Каландаришвили уул., 23/1, Павлик Морозов уул., 1, 202 мкр., 7-с корп., Автодорожнай уул., 40/10, Кангалаас дьоҕус оройуонугар 26-с Партсъезд уул., 3, Хатас сэлиэнньэтигэр Дорожнай уул., 8/1, Мархаҕа Олег Кошевой уул., 96, Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр Уваровскай уул., 1, Маҥан сэлиэнньэтигэр Алымов уул., Табаҕа сэлиэнньэтигэр Каландаришвили уул., 1А.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.